Yakutians.com

Новости Якутии

Сэрии, сатамматах судаарыстыбалар уонна “былаас удьуорун халыыба”

Арассыыйаны сэрии уотунан эргийэ сатыыллар. Украина, Грузия диэн биллэр “абааһылар” баар буоллахтарына, аны көрдүгэннии сыппыт Карабах сэриитэ күөдьүйэн таҕыста. Оттон аймахтарбыт кыргыстар, тугу этиэҥ баарай, хайдах баҕарар буолар, ханна баҕарар хаанньайар кыахтаахтарын өссө биирдэ көрдөрдүлэр.

Карабах сэриитигэр сыһыаннаан эттэххэ, армяннар уонна азербайджаннар (онуоха туроктары бөрөөн) үйэлээх саастарыгар иллэһэр туруга суох өстөөхтөр. Үйэлэри уҥуордаабыт өстөһүү. Ону тугунан да ньымааттыыр кыаҕыҥ суох. Хайаларыгар да бэрт буолбаккын.

Арай Сэбиэскэй сойуус иһинэн эрэ бэтэрээнэн сыһыаннаах этилэр. Карабах (түүрдүү – Хара сад диэн тылбаастанар) ол саҕана Азербайджанскай ССР састаабыгар киирэрэ эрээри, нэһилиэнньэтин баһыйар үгүс өттө армяннар этэ. Уопсайынан, “Карабах армяннара” диэн туспа сыдьаан кэриэтэ диэн буолар — мантан армян омук бэрт элбэх бас-көс дьоно тахсыбыт.

Дьэ, сэбиэскэй былаас туруктаах эрдэҕинэ, ол эбэтэр Мэҥнээх Мэхээлэ-Горбачев уу-ньамаан былааһа тарҕаныан иннинэ бу дойдуга автобус суоппардара тохтобуллары армянныы-азербайджанныы-нууччалыы “эриэхэбэйдээн” биллэрэллэрэ үһү. “Уус-уран тыл күрэҕэр” куоталаһар кэриэтэ.

Судаарыстыба күүстээх эрдэҕинэ. Уопсайынан, күүстээх судаарыстыба иһинэн “чыыбырҕаһыы” суох буолар. Сэбиэскэй сойууска эрэ буолуо дуо, ханна баҕарар. Былыр былыргыттан оннук. Рим импиэрийэтэ буоллун, Алтан Ордуу буоллун, Осман импиэрийэтэ, Арассыыйа импиэрийэтэ, Сэбиэскэй сойуус буоллуннар, ханна судаарыстыба тутулун туллаҥнатыы саҕаланна да, тутатына “түргэн-тарҕан туттуулаах” сэриилэр тиийэннэр “смутьяннар” ноһуораларын көрүөх бэтэрээ иннинэ көннөрөр үгэстэрэ баара.

Беларусь судаарыстыбата балачча туруктааҕа көһүннэ. Биллэн турар, “аһары тутта-хапта, оҕолору сыста, ытатта-соҥотто” диэн туораттан сыыҥ-сыраан буолуохха сөп эрээри, судаарыстыба, этэргэ дылы, күүс өттүнэн көмүскэнэр толору бырааптаах. Ханнык баҕарар судаарыстыба Төрүт сокуона ону мэктиэлиир. Судаарыстыбаны утары “эйэ-дэмнээхтик” сокуон чэрчитинэн бырачыастыыр сөптөөх буоллаҕына, оттонор-мастанар, таастанар-тамнааттанар буоллаххына, бырастыы гын, ытаама-соҥоомо, суланыма-кэлэнимэ, сокуоннайдык оройго охсуллаҕын. Холобур, 1989 сыллаахха Тяньанмэнь болуоссакка дойду салалтата мөлтөөн-ахсаан биэрбитэ буоллар, билигин Кытай судаарыстыбата баар да буоллаҕына, арыычча сыккыраан олорор буолуо этэ. Оттон АХШ ракеталара Арассыыйа Уһук Илинин, ол иһигэр Дьокуускайы субу кыҥаан турар буолуохтара эбитэ буолуо.  Баччаҕа тиийиэх быатыгар, хата, бууннааччылары оннуларын булларбыттара. “Миигинниин биэс хааһах” диэбиккэ дылы, Мэҥнээх Горбачев кытта тиийэн бууннааччылары кытта “биир тылы буларга” сүбэлии сатаабытын үрдүнэн.

***

Туох да диэбит иһин, Сэбиэскэй сойуустан арахсыбыт судаарыстыбалар бары кэриэтэ мөлтөх судаарыстыбалар. “Сатамматах алаадьы” диэбиккэ дылы, сатамматах судаарыстыбалар. “Түҥ былыр оччо-бачча судаарыстыбалаах этибит”, “биһиги Алтан Ордуу оҕолоробут, Чыҥыс Хаан сыдьааннарабыт” диэтэллэр, дьиҥэ, ханнааҕы судаарыстыбаннастара кэлиэй! Сэбиэскэй былаас “сойуустаах өрөспүүбүлүкэ” оҥортооботоҕо буоллар, сорох сорохтор, бырастыы гыныҥ, билиҥҥэ диэри барааннарын батыһа сылдьар буолуо этилэр.

Ханнык судаарыстыба арыый даҕаны ама туруктааҕый? Казахстан. Тоҕо? Оччоттон-баччаҕа диэри Сэбиэскэй сойуус номенклатуратын бэрэстэбиитэлэ Назарбаев салайар буолан. Дьэ, кинини түөрэҕин түҥнэрбиттэрэ буоллар, бука,”ырыалара ылламмыт” буолуох этэ. Төһө да Чыҥыс хаан “сыдьааннара” буолбуттарын иһин.

Тоҕо диэтэххэ, судаарыстыбанньык буоларга сүрэх баҕата кыра, систиэмэ иһигэр сылдьан үөрэнии, уһуллуу, “көлүөнэ ситимин” дьайыыта наада. Хаамаайы дэмэкирээттэргэ, баҕар сүүс даҕаны үрдүк үөрэхтэнниннэр, ол суох. Былаас удьуорун халыыба наада.

Кыргыстар судаарыстыбалара суох, таах, ким күүстээх да, ол былааһы ылар туругар сылдьар дьон. Үс сылга биирдэ, биир сылга биэстэ “өрөбөлүүссүйэ” буолар судаарыстыбата баар үһү дуо?

Сэбиэскэй судаарыстыба тутулун-халыыбын арыый даҕаны сибикилиир, ол саҕаттан номенклатураҕа сылдьыбыт бэрэсидьиэннэрин Акаевы икки атаҕынан куоттарбыттара, ол кэнниттэн араас хаамаайыны бары талан көрдүлэр даҕаны, ол дьонтон хайалара да судаарыстыбаны таҥан таһаарбата. Суоҕу суоруоҥ дуо — судаарыстыба суола диэн миитиҥҥэ ордоотоһуу буолбатах.

Холобур, билигин норуотунан талыллыбыт (талан да диэн, таах!) Жээнбековы уулуссаҕа орулаһан баран сууһаран кэбистилэр, кини оннугар уонтан тахса сылга хаайыыга ууруллубут Садыр Жапаров “бэрэсидьиэн мин буолабын” диэтэ. Көөчөөн көрө диэтэҕиҥ!

Маннык судаарыстыбаны кытта тугу булан, тугу булкуйан сиэри гынаҕын? Туһата суох. Өҥнөллөрө диэн биир — биһигини кытта биир тылы булбатаххытына “ислам радикаллара” тарҕаныахтара диэн. Ыт тоҕо тартын!

Сэбиэскэй судаарыстыбаттан ордон хаалбыт салайааччыларын сууһарбыт омуктар бары түҥ-таҥ олохтоохтор. Армения буоллун, Грузия, Украина буоллуннар. “Десоветизация” диэн аптаах тыл баар — феодализмҥа көрүөх бэтэрээ өттүгэр тиэрдэр “машина времени”.

Белоруссияны сэбиэскэй “холкуос бэрэссэдээтэлэ” Лукашенко салайар буолан баччаҕа тиийэн кэллэ. Хаамаайы “дэмэкирээти” таһаарбыттара буоллар, пахай, барыта сууллубут-сууһарыллыбыт буолуо этэ. Санаан көрүҥ, ханнык эрэ Тихановская диэн дьахтары батыһааччылар биир домна оһоҕу хайы-сах тохтоппуттар диэн буолла, бу күннэргэ. Бу оһох иккистээн оттуллара саарбах — ыйы ыйдаан бэлэмнээн эрэ баран умулларыллыахтаах. Бүтүннүү “тимир сааҕа” буолбут оһоҕу чөлүгэр түһэрии манан дьыала буолбатах. Көрөргүт курдук, былааһы ыла иликтэриттэн ый-хай ыһыаҕа оҥорон эрэллэр.

Оччотугар “норуот өстөөхтөрө”, “судаарыстыба таҥнарыахсыттара” диэн өйдөбүллэр былыр даҕаны сымыйа буолбатахтара ырылыччы көстөн таҕыста.

***

Сатамматах судаарыстыбалар хаһан баҕарар туораттан ыйыыны-кэрдиини кэтэһэллэр. Холобур, Карабах сэриитин Армения саҕалаабыт буоллаҕына кинилэргэ кимнээх “тук” диэбиттэрэ сэрэйиллэр суол. Премьер-миниистир Пашинян “Сорос уһуйаанын” ааспыт көкөт буоллаҕа. Оттон Арменияҕа АХШ посольствота сиэрэ суох киэҥник, далааһыннаахтык түһүүлэнэн олороро биллэр.

Холобур, “Нохоо, Азербайджаны утары уоту ас — Турцияны кычыгалат. Турция туран кэллэҕинэ, ОДКБ (“Организация Договора о коллективной безопасности” — Армения, Арассыыйа, Казахстан, Кыргыстан, Узбекистан, Таджикистан) уурааҕынан Арассыыйа сэриигэ орооһоругар тиийиэ” диэбит буоллахтарына хайдаҕый?

Ол сэрии Арассыыйаҕа төһө наадалааҕый? Биллэн турар, манна “ислам факторын” дэлби оонньотуохтара. Арассыыйаны утары Орто Азия исламистарын утары туруораары. Сатамматах судаарыстыбаларга кыаммат-хотуммат дьон элбэх, онон радикальнай исламы тарҕатааччыларга саатар эрэ. Арассыыйаны “иккис Афганистаҥҥа” тарда сатыыллар дуо?

Биллэн турар, Азербайджан да, Турция да буруйа суохтара буолуо дии санаабаппын. Үйэлэр тухары абааһы көрсөр омуктарга буруйа суох диэн хантан кэлиэҕэй. Абааһы көрсүү бэйэтэ хара аньыы буоллаҕа. Арассыыйаҕа бобуулаах ИГИЛ террористарын даҕаны кыралаан Карабах кыраныыссатыгар мунньуохтарын сөп. Олус сымыйа буолбатах буолуон сөп.

Ол эрээри Армения: “Арассыыйа Карабах иһигэр терроризмы утары операция оҥоруон наада” – диэн ыйа-кэрдэ сатыыра тугуй? Тохтуу түһэн баран дьаһайбаттар дуо, төһө да ОДКБ чилиэннэрэ буолбуттарын иһин.

ОДКБ иһинэн сэбилэниилээх көмүскэнии кытаанах бэрээдэктээх. Арассыыйа балапаай быһаарыы ылынаат сэриилээн киирэр бырааба суох. Көмүскэнэргэ төрүөт төһөтө-хаччата дакаастаныахтаах, тэрилтэ иһинэн быһаарыы ылыллыахтаах. Ол кэнниттэн, баһаалыста, Арассыыйа, террористар кырдьык баар буоллахтарына, аҕыйах чаас иһигэр “өтүүктүүр” кыахтаах.

Ол эбэтэр, Сорос эмсэҕин эмэн бороохтуйбут Пашинян Арассыыйаны туохха тарда сатыырый? Эппиэттээһинэ кэллэҕинэ: “Арассыыйа бэйэтэ быһаарыы ылыммыта, төрүкү “оккупант-агрессор судаарыстыбаттан” тугу булан ылаары гынаҕыт” – диэн баран ытыһын нэлэҥнэтээри гынар.

Сатамматах судаарыстыбалар баһылыктара бары оҕуруктаах өйдөөх курдук сананаллар быһыылаах — Арассыыйаны баҕас албынныыр өртөн буолбатах диэн. Судаарыстыбаннай переворот түмүгэр былааска тахсыбыт Жапаров Арассыыйаттан өйөбүл көрдүүр диэн буолар — бадаҕа, легитимнэй буола сатыыр. Хас хаамаайыны барытын өйүүр акаарылар дойдулара дии саныыллар быһыылаах, “сатамматах алаадьылар”!

Суох диибин – СУР.

Поделиться
%d такие блоггеры, как: