Виталий СУР, “Сомоҕо күүс” УоТ.
Саха сиригэр күн бүгүн норуотун сэниир салалта былааска олорор. “Кинилэр муҥнаахтар тугу сатыахтарай, хантан кыаныахтарай?” – диэн санаанан салайтарар дьон.
Ону олохтоох салайыныы саҥа сокуонун барылын (КлиКра сокуонун) дьүүллэһии арылхайдык көрдөрдө.
Сокуон барыла “муниципальнай уокуруктар” диэн хайдах тэриллиилэри ааттыылларыттан олус чопчутук быһаарар — биһиги нэһилиэктэрбит бары онно сөп түбэһэллэр. Ол курдук, куорат уокуругун ирдэбиллэригэр эппиэттэспэттэр, бэйэлэрэ бигэргэтиллибит кыраныыссалаахтар, ааспыт сүүрбэттэн тахса сыл устата “муниципальнай тэриллии” аатын сүгэн кэллилэр. Ол эбэтэр, олохтоох салайыныы нэһилиэктэр — муниципальнай уокуруктар таһымнарынан тэриллэригэр туох да харгыс суох.
Ол да буоллар, өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтата, Ил Түмэн “биир ньыгыллара” олохтоох салайыныы улуустар таһымнарынан буолуохтаах диэбиттэрин кубулуппаттар. Дьэ, олохтоох салайыныы диэтэҕиҥ — холобур, Ээйик (Солоҕон нэһилиэгэ) Өлөөнтөн 35 көстөөх сиргэ сытар, ол эбэтэр, оннооҕу дьон сорох араҥата, ордук сааһырбыт өттө, “олохтоох” былааһын үйэтигэр да харахтыа суоҕун сөп.
Олохтоох салайыныы бастаан тэриллэрин саҕана тоҕо икки таһымнаах диэн буолбутай? Ол саҕана бүтүн Арассыыйа үрдүнэн “ырыынак экэниэмикэтин” билэр, “кыыл барбыт” үп-харчы эйгэтигэр идэтийбит дьон, кырдьык, аҕыйахтар этэ. Ол иһин былыргы “райисполкомнар”, олохтоох “сельсоветтар” ситимнэринэн барбыттара. Быстах кэмҥэ диэн. Бэл диэтэр, күлүмэҥ, муниципалитеттар бэйэлэрэ харчы өлөрөргө үөрэммиттэрин, ол аата “ырыынак экэниэмикэтигэр” киирбиттэрин кэнниттэн дотациялааһын эмиэ тохтуохтаах диэн этэ. Саха сиригэр ол кыаллыбата эрдэттэн да биллэрэ, — нэһилиэнньэбит аҕыйаҕа, ол эбэтэр “ырыынакпыт” чарааһа бэрт. Биир эрэ куораттаахпыт эбээт.
Ол саҕанааҕы быһыыга-майгыга сөптөөх дьаһаныы этэ.
Оттон бүгүн биир таһымнаах олохтоох салайыныыга киирэр күммүт кэллэ, ол туһунан Арассыыйа үрдүнэн “биир кэлим быраап эйгэтин” сүрүннүүр федеральнай сокуону оҥорооччу эттэ — туһааннаах сокуон барылын таһаарда.
Дьэ, ону кытта өрөспүүбүлүкэ былааһа сүүрбэттэн тахса сыл устата тугу үлэлээбитэ арыллан таҕыста!
Нэһилиэнньэни биир таһымнаах олохтоох салайыныыга бэлэмнииргэ бэриллибит сүүрбэттэн тахса сылы өрөспүүбүлүкэ төһө көдьүүстээхтик туһаммыт эбитий?
Саха сирин үрдүкү салалтата биир таһымнаах олохтоох бэйэни салайыныыга дьону бэлэмниир үлэни букатын ыыппатах буолан таҕыста!
Нэһилиэктэргэ дьон бэриллэр үбү-харчыны дьаһайарга, бэйэтин бюджетын тыырарга билигин да өйө ситэ илик үһү.
Бырастыы гыныҥ, оччотугар дьоллоох Дьокуускайга баар үөрэх кыһалара бу сүүрбэттэн тахса сыл устата тугунан дьарыктаннылар? Үп техникума, үп-экэниэмикэ института?
Балар сөптөөх каадырдары бэлэмнээбэтэх буоллахтарына, “бэчээттээх кумааҕыны” үллэрээччи эрэ буолан тахсаллар. “Удамыр” сыанаҕа.
Хайдаҕын да иһин, муниципальнай уонна судаарыстыбаннай каадырдары бэлэмнээһин иһин судаарыстыба, ол эбэтэр өрөспүүбүлүкэ былааһа эппиэттиир.
Дьиҥэ, оннук буолбатах, каадырдар бааллар. Манна диэн эттэххэ, үп-харчы сырыытын-тыырыытын Ил Түмэн уонна олохтоох депутаттар быһаараллар. Норуот талбыт, итэҕэллэрин биллэрбит дьоно.
Ону олоххо киллэриигэ, кырдьык, идэтийбит дьон наадалар да, ол даҕаны “муостаах-туйахтаах” дьон буолбатахтар. Билигин барытын анал программалар суоттууллар-отчуоттууллар. Компьютерга харчыны уорар соругу туруора сатаабатахха, туох да уустуга суох.
Оттон бырабыыталыстыба, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ суолталарын дарбата сатаан, “өйдөөх да дьоннор” дэтээри араас отчуоттары, “иирбит аҕабыт дьыалатын” курдук элбэх докумуону ирдииллэрэ туһунан боппуруос. Манна боломуочуйалары уларытыахха сөп — министиэристибэ уһулуччулаах специалистара тыалары “он-лайн” кэрийэн көмөлөһөллөрө тоҕо сатамматый? Билигин интернет ситимигэр ол баҕас кыаллар үлэ ини.
Оһол-төрүөт дьону сэнээһиҥҥэ сытар. Баччааҥҥа диэри харчыны тыыра олорбут дьоҥҥо, баҕар, кырдьык оччото суох буолуо — “үрдүкү эргимтэ” боломуочуйатын кыра-хара дьоҥҥо биэрээһин?
Отой долгуйумаҥ, тыа дьоно бюджеттарын сөпкө туһаныахтара, судаарыстыба көмөтүн көдьүүстээхтик туттуохтара. Саарбахтаамаҥ даҕаны.
“Публичнай былаас” диэн өйдөбүл үөскүөҕүттэн, ол Арассыыйа Конституциятыгар киириэҕиттэн ыла өрөспүүбүлүкэ салалтата олохтоох салайыныыга муҥура суох былаастаммытын курдук буолла да, дьиҥэр, сымыйа.
Публичнай былаас ситимэ — бу эппиэтинэс ситимэ. Ол курдук, “КлиКра сокуонун” барылынан, Ил Дархан муниципальнай уокурук баһылыгын устар бырааптаах курдук даҕаны, барыта олохтоох депутаттар, ол эбэтэр бэрэстэбиитэллээх уорган нөҥүө барар. Үлэлиир баһылык дьаарханар төрүөтэ суох.
Публичнай былаас, ол эбэтэр эппиэтинэс ситимэ өрөспүүбүлүкэ үрдүкү былааһыгар эмиэ сыһыаннаах. Холобур, дьоҥҥо-сэргэҕэ сэнэбиллээхтик сыһыаннаһыы иһин хайгыахха сөп дуо? Кытаран көрбөккө сымыйалааһын иһин?
Холобур, сокуон барылын 88-с ыстатыйата этэринэн бастаан улуус-оройуон таһымынан муниципальнай уокурук буолуохтааххыт, ол кэнниттэн биирдэ “правотворческая инициатива” диэн ааттанар быраапкытын туһанан референдум ыытыаххытын, туспа уокурук буола сатыаххытын сөп диэн сымыйалааһын тугуй?
Ону баара, 88 ыстатыйаҕа сурулла сылдьар эбээт: муниципальнай оройуон таһымынан уокурук тэриллэрин наадатыгар муниципальнай тэриллиилэр (Саха сиригэр — нэһилиэктэр) депутаттара сөбүлэҥнэрин бириэхтээхтэр диэн.
Ээ, ол тарбыйахсыттар сокуон барылын хантан ааҕыахтарай, аахтахтарына да тугу өйдүөхтэрэй диир бэйэлэрэ буолуо дуо?
Сэнэбил төрдө туохха сытарый? Хаалынньаҥ өйгө-санааҕа. Биһиги тойотторбут, үөрэхтэммиттэрин аанньа, 19 үйэ таһымынан сылдьар дьон. Социал-дарвинизм диэн ааттанар расизм, ол иһигэр “социальнай расизм” олоҕурбут үөрэҕиттэн Европа эрэ буолбакка, аан дойду бүтүннүүтэ аккаастанан турар. Ама, биһиги онно саҥа түөрт атах буолан тиийэрбит сүрэ бэрт!
Демократия – бу итэҕэйсии оскуолата. Дьоҥҥо-сэргэҕэ итэҕэйии суох буоллаҕына, бу ханнык да демократия буолбатах. Сахалыы-махалыы эттэххэ, ньүдьү-балайКРАТИЯ буолар.
Кырдьык, былыр кыылга-сүөлгэ, көтөргө-сүүрэргэ, окко-маска холонуу сахаларга эрэ баар буолбатах этэ. Өйдүүгүт дуо, “суор оҕото суор, тураах оҕото тураах” — атыҥҥа сананымаҥ диэни. “Оннооҕор ойуур маһа уһуннаах-кылгастаах” — оччоҕо хайыыбытый, уһун мас күлүгэр хам баттанарга сөбүлэҥмитин биэрэбит дуо?
Тыа сирэ нэһилиэктэртэн тутуллан турар. Нэһилиэктэр сайыннахтарына тыа сирэ сайдыа, тыа сирэ сайыннаҕына — саха баар буолуо!
Бу олохтоох бэйэни салайыныыттан тутулуктаах. Олохтоох салайыныы бюджета, тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр судаарыстыба көмөтө — бу үп-харчы быһаччы нэһилиэккэ тиийэр суола. Олохтоох дьон көҕүлээһиннэрэ суох буоллаҕына нэһилиэк сайдыбат. Оттон сайдыы үнүстүрүмүөнэ – харчы!
Онон хас биирдии нэһилиэк бюджеттаах буолуохтаах!
Билигин үөрэхтээх тыа ыччата элбээтэ, тыа дьоно олохтоох салайыныы диэн тугун биллэ, патриот депутат, патриот баһылык элбээтэ.
Тойоттор, дьон хараҕа аһылынна — дьону сэнээмэҥ, саха оннооҕор буолуоҕу тобулан кэлбитэ…
Баары баарынан — СУР.
Похожие новости
Нэһилиэктэр уонна “олигарх” Ил Дархан
САҤА КИНИГЭ ТУҺУНАН ТУС САНАА
Дьахтар аналын туһунан өссө биирдэ…