Кыра саастарыттан табаҕа сылдьыбыт оҕолор үөрэх дьыла түмүктэннэ да үөрүүлэрин кытта сайыҥҥы көһүүгэ дьоннорунаан тахсыһаллар. Улахан кылаас оҕолоро сайын ортото бөртөлүөтүнэн ыстаадалар туундара саҕатыгар тиийэллэрин саҕана табаһыттарга көмөлөһө тахсаллар.
Быйыл бөртөлүөт көтүүтэ халлаан туругунан арыый тутуллан, оҕолор хойутаан таҕыстылар. «Өлөөн» таба иитэр ыстаадаларыгар 7 үөрэнээччи бостуук көмөлөһөөччүтүнэн тахсан, сайыҥҥы сынньалаҥнарын таба көрүүтүн кытта дьүөрэлииллэр. Үөрэнээччилэр бу үлэлэрин иһин үлэлээх буолуу киинин кытта дуогабарынан хамнастаналлар, аһыыр бородуукталарын атыылаһалларын, оройуон баһылыга Лена Степановна Иванова быһаарыытынан, оройуон буддьүөтэ уйунна.
Оҕолорго опыттаах табаһыттар, төрөппүттэрэ наставниктыыллар. Таба күөйүүтүгэр улахан уолаттар түүҥҥү дьуһуурустубаҕа кытта сылдьаллар. Сайыҥҥы кэмҥэ ыам бырдаҕа түһүүтүгэр табаларга саамай ыарахан кэм. Бырдах тутан сиириттэн урукку кэмҥэ табалары сииктээх көппөҕүнэн буруолатар буолаллара, билигин аныгы кэм буолан араас кумаар эмэ-томо элбэх.
Туундараҕа табаһыттар биир сиргэ сайынын уһуннук олорботтор. Сотору буола-буола, иккилии хоно-хоно көһөллөр. Көһүү бэйэтин туһугар судургута суох дьарык. Манна көһөөчү элбэх күүһүн-сэниэтин уурар. Ол тоҕо икки хоно-хоно көһөллөрүй диэн ааҕааччылар, билбэт дьон ыйытыахтарын сөп. Сирдэригэр-уоттарыгар харыстабыллаахтык сыьыаннаһар буолан, мэччирэҥнэрин үлтү тэбистэримээри, олохсуйар сирдэрин энчирэтимээри сайынын көс олохтоноллор. Уолаттар бостууктары кытта көһөргө ыырдыллар табалары маамыкталыыллар, дьиэ үлэьиттэрэ матаҕаларыгар таҥастарын-саптарын, араас наадалаах малларын-салларын хааланаллар, иһиттэрин-хомуостарын анал дьааьыктарыгар угаллар.
Ити курдук табаһыттар көһүүгэ дьаныардаахтык бэлэмнэнэллэр, көһүү буоллар эрэ ындыылаах табалар уьун субурҕанан кэчигирэһэн туралларын көрөр олус долгутуулаах уонна көхтөөх буолар. Ырдыылаах көс саамай бутэһигэр балаакка ураҕастарын соһор табалар баар буолаллар. Биир дьиэ улэһитэ 10-15 ыырдыылаах табаны сиэтэр. Көһүү кэмигэр туох барыта орун оннугар уонна бэйэтин аналыгар сөп түбэһэр, оннук урут уруккуттан олохтоммут бэрээдэк.
Сынньалаҥ күннэргэ оҕолор бэйэлэрин санааларынан туундара киэҥ дуолугар сибиэһэй салгыҥҥа сынньаналлар, «Лансат» тэриэлкэлэрин туруорунан интернеккэ киирэн сонун ааҕаллар, ватсабынан суруйсаллар, киинэ көрөллөр, кинигэ ааҕаллар, кыра кыргыттар үрэх кытылыгар киирэн таастарынан табалана оонньууллар, улахаттар маамыкталарын субуйан, ийэлэригэр ыаныллар табалары тутан биэрэллэр, улахан кыргыттар ас астыырга көмөлөһөллөр, ардахтаах күн буоллаҕына оҕолор укчаары (хаппыт талах) хомуйаллар, сорохтор балыктыыллар, көбүс көнө китиэмэҕэ футболлаан, волейболлаан да ылаллар. Оҕолор ыстаадаҕа биир күннэрэ итинник туһалаахтык ааһар.
Быйыл сайын кэлиитэ сөрүүн күннэр турдулар, онон табалар уойуулара үчүгэй. Сотору атырдьах ыйын бүтүүтэ табаһыттар Ороһуоха үрэҕэр тиийэн сайыҥҥы маршруттарын ситиһэн, туундараттан төттөрү мас саҕатыгар киириэхтэрэ. Үөрэнээччилэр сайыҥҥы каникуллара түмүктэнэн, “о5о бөртөлүөтэ” (Үөрэх управлениетын үбүлээһининэн көтөр бөртөлүөт) кэлэн үөрэнээччилэр киэҥ нэлэмэн туундараларыттан бөһүөлэккэ үөрэх дьылын көрсө киириэхтэрэ.
Сигэ: https://mr-olenekskij.sakha.gov.ru/
Похожие новости
Зачем в России предложено создать «резервации и анклавы для мигрантов»
В Якутии начинается битва за стратегическое предприятие
Диаспорам в России всё мало. Теперь хотят свою армию: Поднимается “государство в государстве” – уже не шутки