Баары баарынан — Виталий СУР, “Сомоҕо күүс” УоТ.
Ыбылы хайҕаммыт “Звезднай” кыбартаал олохтоохторун эрэйдээх-буруйдаах олохторун туһунан бу күннэргэ элбэхтик этилиннэ. Харчы бөҕөтүн кутан, ипотека хабалатыгар киирэн, сорохтор хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү федеральнай программа чэрчитинэн сабыс-саҥа дьиэлэргэ көһөн киирбит дьон кыһалҕаларын туһунан. Ириэнэх эрдэҕинэ суоллара да, дьиэлэрин тулата да “ооҕуй оҕус бадараанныыр” дьаабытын айдаана этэ. Аны баччааҥҥа диэри дьиэлэрэ оттулла илигэ, уоттара-күөстэрэ ситэтэ суоҕа тустаахтарга кырата суох алдьархайынан буолла.
Ил Дархан тутууну баҕас кини салалтатынан кыайа туппуттарын, дьиэ тутуутугар “рекорд охсубуттарын”, сэбиэскэй кэмнээҕиттэн эрэ мэнэкэ иэннээҕи тутан талҕалаабыттарын туһунан сэһэнин манна ааҕыҥ: “Строительная Якутия-1: Поздравляю вас, Ил Дархан, соврамши!” — https://yakutians.com/stroitelnaya-yakutiya-1-pozdravlyayu-vas-il-darhan-sovramshi/
Кистэлэҥ утарсыы дуо?
Саха сирин былааһа тоҕо эрэ Арассыыйа бэлиитикэтин наар утарар курдук. Холобур, “Стратегия устойчивого развития сельских территорий РФ на период до 2030 года” диэн улахан докумуон баар. Бу докумуоҥҥа тыа сирин сайыннарыыга улахан болҕомто ууруллар. Барыта тыа сирин сайыннарыы, тупсарыы, ыччаты олохсутуу туһунан этиллэр.
Ол курдук стратегия биир сүрүн сыалынан тыа сириттэн дьон көһүүтүн тохтотуу буолар диэн суруллубут!
Оттон биһиэхэ төттөрүтэ — өрөспүүбүлүкэ туох баар дьаһала тыа сириттэн дьон куоракка көһөрүгэр күһэйэргэ дылы.
Холобур, ил дархаммыт Айсен Николаев дуоһунаһыгар олороот да тугунан аатырда этэй? Доруобуйа харыстабылын “оптимизациялааһыҥҥа” туруммута. Нэһилиэктэргэ балыыһалар сабыллыбыттара — интернетинэн эмтэниҥ диэн буолбута.
Дьиҥэ, оптимизация диэн латыынныы “optimus”, ол аата «наилучший», “бастыҥ” диэн суолталаах тылтан төрүттээх. Ол эбэтэр, тупсарыы, сайыннарыы диэн өйдөбүллээх дьаһаныы буолуохтааҕа.
Оттон биһиги “оптимизациябыт” кэнниттэн доруобуйа харыстабыла тыа сиригэр, хотугу улуустарга ордон хаалла дуо? Сылга биирдэ быраастар биригээдэлэрэ хотунан-соҕуруунан эргийэн кэлэрин аахпатахха?
Чэ, аныгы кэм ирдэбилинэн, баҕар, медицина сайдыбыта буолуо. Ол эрэн, ХИФУ медицинскэй институтун бүтэрээччилэр бука бары Дьокуускай куоракка ыга симиллибит буоллахтарына, бу ТӨЛӨБҮРДЭЭХ медицинаны собус-соруйан көҕүлээһиҥҥэ майгынныыр. Сахалар барахсаттар баайгыт бэрт, харчыга эмтэниҥ диэбиккэ дылы.
Үөһэ этиллибит Арассыыйа тыа сирин сайыннарыыга стратегията олохтоох бэйэни сайыннарыыга улахан суолтаны биэрэр. Тыа хаһаайыстыбатыгар судаарыстыба көмөтө сайдыылаах дойдуларга холоотоххо кыратын билинэн туран, тыа дьоно бэйэлэрэ дохуоттанар усулуобуйаларын тэрийээһини чопчулуур.
Ол да иһин публичнай былаас кэлим ситимигэр олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийии уопсай бириинсиптэрин чопчулуур федеральнай сокуон барылыгар, атыннык эттэххэ, “КлиКра сокуонугар” олохтоох салайыныы дьоҕус нэһилиэктэргэ тарҕаныахтааҕын туһунан этиллэр.
Нэһилиэктэр муниципальнай уокурук буоланнар бэйэлэрэ бюджеттээх буоллуннар, судаарыстыба көмөтүттэн тардыстан бэйэлэрин дохуоттарын элбэттиннэр диэн!
Холобур, 1000 (тыһыынча) киһиттэн аҕыйах нэһилиэнньэлээх муниципальнай уокурук бэрэстэбиитэллээх уоргана 7 (сэттэ) киһиттэн итэҕэһэ суох дьокутааттаах буолуохтаах диэн чопчу суруллубут. Баара-суоҕа тыһыынча киһилээх “улуус-оройуон” баарын ханна көрбүккүтүй?
Оччотугар Саха сирин үрдүкү салалтата тоҕо муниципальнай уокуруктары “муниципальнай оройуоннар” таһымнарынан тэрийэ сатыырый?
Үбү-харчыны дьоҥҥо чугаһытымаары. Нэһилиэк туспа бюджеттаах, ол аата сайдар суолун бэйэтэ оҥосторугар үттүөбэйдээх буолбатын диэн.
Тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр судаарыстыба көмөтө нэһилиэктэргэ быһаччы тиийбэтин диэн.
Кур дотацияҕа олорор тыа сирин дьонун үчүгэй инфраструктуралаах, суоллаах-иистээх Дьокуускай агломерациятыгар мунньуохха, ол дьонтон дьаһамыр “ырыынагы” тэрийиэххэ диэн.
“Северный завоз” диэн ааттанар сүдү ороскуоттаах “ыар таһаҕас” суох буоллун, хотугу улуустар “көмүс кэриэтэ” сыаналаах сэлээркэни электростанцияларыгар, хочуолунайдарыгар түүннэри-күнүстэри уматан күпсүппэтиннэр, Дьокуускайдааҕы агломерацияҕа көһөн кэллиннэр диэн.
Нэһилиэктэр сир баайын “туһаҕа таһаарааччы” сүүнэ хампаанньаларга мэһэй-таһай, чэҥкээйи буолбатыннар диэн…
Тоҕо Саха сирин былааһа, Ил Түмэн дьокутааттарын “биир ньыгыл хаһалаах” өттө Арассыыйаҕа тыа сирин сайдыытыгар стратегиятын, “РФ публичнай былааһын биир кэлим ситимигэр олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийии сүрүн бириинсиптэрин туһунан” сокуонун барылын (“КлиКра сокуонун) тоҕо утарарый? Чуолаан сүрүн тосхолун — муниципальнай тэриллиилэр, бэл, 1000 киһиттэн аҕыйах киһилээх нэһилиэктэргэ эмиэ тэриллиэхтээхтэрин туһунан балаһыанньатын?
Тоҕо Саха сирин үрдүкү былааһа бэйэлээх бэйэтин тыатын сирин дьонугар таала кырыыланна?
Аан дойду үрдүнэн урбанизацияны сүрүннүүр ОГМВ (Объединенные города и местные власти) глобалистыы тэрилтэ вице-президенэ Айсен Николаев — хаҥастан бастакы.
Тоҕо диэтэххэ, былааспыт оройугар глобалист өйдөөх-санаалаах “банкир” Ил Дархан олорор.
Оттон хас биирдии банкир, баҕардын баҕарбатын, “либеральнай глобалист” буоллаҕына сатанар. “Глобальнай үп-кредит систиэмэтин” диктатуратыгар олорорбутун умнумаҥ.
Ол эбэтэр, Саха сиригэр ыытыллыбыт доруобуйа харыстабылын “оптимизацията” сайдыыга буолбакка, үбү-харчыны кэмчилээһиҥҥэ туһуламмыта. Дьон-сэргэ “доруобуйатын харыстыырга” буолбакка, “төлөбүрдээх медицина” ырыынагын кэҥэтэргэ.
Федеральнай сокуон барыла тыа сиригэр олохтоох бэйэни салайыныыны нэһилиэктэр таһымнарынан тэрийэри мэктиэлиир буоллаҕына, “банкир төбөтө” атыннык үлэлиир.
“Глобалист төбөтө” олохтоох бэйэни салайыныы нэһилиэктэр таһымнарынан барыа суохтаах диир. Ол эбэтэр, тыа сирэ эстиэхтээх, дьон-сэргэ туһалаах баайы хостуур транснациональнай хампаанньалар туһаларыгар сирдэрин босхолоон “Дьокуускайдааҕы резервацияҕа” (агломерацияҕа дуу?) көһүөхтээхтэр диир — “социальная разгрузка территорий” диэн ааттанар.
“Банкир төбөтө” бюджет харчытын нэһилиэктэринэн тарҕатар, тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр судаарыстыба үбүн нэһилиэктэринэн тэриллэр олохтоох салайыныыга биэрэр сатаммат диир. “Банкир төбөтө” харчыны тус бэйэтинэн эрэ дьаһайарга дьулуһар.
Сахаҕа “төбө олоруута” диэн баар — кытаанах быһыы. Туох барыта “төбө олоруута” хайдаҕыттан тутулуктаах.
“Банкир төбөтө” кыра омуктар кимиилээх урбанизация содулуттан сиик буолан симэлийэр кутталлаахтарын биллэр даҕаны, “төбө олоруута” кытаанах.
Саха омук эрэ буолбакка, атын да олохтоох омуктар төрөөбүт тыллара, төрүт сиэрдэрэ-туомнара, ырыалара-тойуктара, үйэлээх үгэстэрэ, туох баар куттара-сүрдэрэ тыа сиригэр эрэ тыыннаах буолар айылгылааҕын биллэр да, “төбө олоруута” кытаанах.
Олохтоох омуктар куорат эйгэтигэр киирдилэр да 100 бырыһыан маргиналларга кубулуйалларын, мөлтөхтөрө сир-халлаан икки ардыгар ыйаналларын, “дьон быһаҕаһа” буолар дьылҕаланалларын, оттон бэртэрэ атын омуктар култуураларыгар убаналларын, кимэ-туга биллибэт уу-ньамаан омукка кубулуйалларын, атын дойдуга дугуйданалларын биллэр да, “төбө олоруута” кытаанах.
Саха омук дьылҕата, кута-сүрэ нэһилиэктэн силистээҕин, оттон нэһилиэк дьылҕата олохтоох салайыныы тэрээһиниттэн эрэ тутулуктааҕын биллэр да, “төбө олоруута” кытаанах.
Удьуор салҕааһына, утум тардыыта баар буолуохтааҕын, оҕо төрөөһүнэ тыа сиригэр эрэ үксүүр кыахтааҕын, олохтоох омуктар демографиялара тыа сиригэр эрэ тупсар кыахтааҕын биллэр да, “төбө олоруута” кытаанах.
Арассыыйа политиката, чуолаан, тыа сирин сайыннарыыга стратегията, демографияны тупсарыыга кэнсиэпсийэтэ ТЫА СИРЭ САЙДЫЫТЫН КЭРЭҺИЛИИЛЛЭРИН өйдөөтөр да, “төбө олоруута” оннук!
Арассыыйа олохтоох салайыныыны тэрийии туһунан сокуонун барыла (КлиКра сокуона) ОЛОХТООХ САЛАЙЫНЫЫ НЭҺИЛИЭКТЭР ТАҺЫМНАРЫНАН ТЭРИЛЛИЭХТЭЭХ диирин бэркэ диэн биллэр даҕаны, “төбө олоруута” оннук!
Глобалист-банкир “ынах кутуругар бааллыбыт” саха омук дьылҕатыгар кыһаммат, кинилэр кыһалҕаларын “роботизированнай хотоннорунан” солбуйар былааннаах.
Оччотугар тугуй? Арассыыйа былааһыгар 70-80 бырыһыан дьүһүн кубулуммут өстөөхтөр олороллор диэн буолар. “Спящие” дииллэр, “ждуны” дииллэр… Тойоттор, чунуобунньуктар, олигархтар, быһата, уорбут харчыларын кыраныысса таһыгар кистии сытааччылар, кыраныысса таһыгар хамсаабат баай ылыммыт, оҕолорун-сиэннэрин кыраныысса таһыгар үөрэххэ ыыталаабыт, онно олохтообут дьон халыҥ араҥата.
Сахалыы эттэххэ, сыылла сылдьан сыарҕа быатын быһааччылар, кэтэҕинэн сылдьан чаачар кирсин кэрбээччилэр.
Ол иһин сайдыыны мэктиэлиир ис хоһоонноох стратегическай докумуоннар, кэнсиэпсийэлэр, программалар олоххо киирбэттэр. Киирэр да буоллахтарына, үп-харчы өттүнэн эрэ көрүллэллэр – дьон олоҕун тупсарыы хайысхатынан буолбатах. Чабыланыылаах “Звезднай” кыбартаалга дьиэ ылбыт дьон кыһалҕалара ону арылхайдык кэрэһилиир.
Баары баарынан — СУР.
Похожие новости
В верховьях Амги будут рубить 100 тысяч кубов леса ежегодно. Якутяне проголосовали за мораторий
Суд разрушил единство Евросоюза
Очередной мега проект: Что известно о «Квартале 68» в Якутске