Yakutians.com

Новости Якутии

Саха фастфуда. Тугунан оҥоруохха? (ТХНЧИ учуонайдарын тургутук бырайыактара – видео)

Фастфуд, ол эбэтэр түргэн-тарҕан аһылык аныгы киһи олоҕор-дьаһаҕар бигэтик киирдэ уонна төһө да доруобуйаҕа буортулааҕын иһин, саха дьонугар киэҥник тэнийдэ.

 Бырайыагы олоххо сүрүн киллэрээччилэр: М.Г. Сафронов аатынан ТХНЧИ научнай үлэһиттэрэ Васильева Валентина Тихоновна уонна Слепцова Татьяна Васильевна (Лаборатория переработки сельскохозяйственной продукции и биохимических анализов)

Бу дьону тардар алыптаах, элбэх омук култууратын түмпүт, уонунан сыллар усталарыгар атыыланар (маркетинговай) хаачыстыбалара тупсарыллыбыт бородууксуйа. Дьэ, сотору кэминэн саха омукка эрэ баар, саха култууратын, үйэлээх үгэһин иҥэриммит ас бу көрүҥэ тарҕанара буолуо диэн баар. Кылаабынайа, ону доруобуйаҕа туһалаах оҥоруохха наада.  Онон саха фастфуда үөһэ үтэйэр, сайыннарар, киэҥ эйгэҕэ таһаарар дьону ирдиир.

Онуоха төрүөт суох буолбатах:

— саха баай аһа-үөлэ;

— киһи-аймах аккаастана сатыыр да кыайбат, консерваннардаах, “амтан минньитэрдээх” бөх-сах фастфудтан ураты Хотугу дойду уонна Арктика айылҕа биэрбитинэн туһалаах агро-суббородуукталара;

— профессионаллар, ас-үөл эйгэтигэр үөрэхтээһин уонна наука инфраструктуралара;

— “дойдуну сэриилиэххин баҕарар буоллаххына – тосту-туора бородуукталарынан хатаҕалаа; дьон-сэргэ күүһэ-күдэҕэ эстэн, ыалдьан-аһааҕыран барыахтара” диэн хас биирдиибитин “кымньыылыыр” биллиилээх киһи этиитэ баар. Бу Хотугу дойдуга уонна Арктикаҕа уон оччонон суолталаах.

— инникитин өрөспүүбүлүкэҕэ туристары тардар, өрөспүүбүлүкэ аатын-суолун тарҕатар саха култууратын бэлиэтэ буолуон сөп;

— аан дойду маассабай култууратын ирдэбиллэригэр ханнык баҕарар омук култуурата толору хоруйу биэриэхтээх: хотугу кухняны, култуураны чопчулуур маасабай ураты кулинарнай бородууктаны өрөспүүбүлүкэҕэ кэлбит туристар тута бэлиэтиэх тустаахтар.

Дьэ, ол иһин саха омук бэйэлээх бэйэтин фастфуда үөдүйүөхтээх. Атын омуктар франшизаларыттан итэҕэһэ суох, сорох өттүнэн баһыйар. Бу аҕыйах сылынан баар буолуоҕар биһиги саарбахтаабаппыт. Ону ааһан сорох сирдэргэ бастакы хардыылар оҥоһуллубут буолуохтарын сөп – билиҥҥитэ биллибэтинэн-көстүбэтинэн.

Оттон анал идэлээх дьон натуральнай, доруобуйаҕа туһалаах хайысхалары ыйан биэриэхтээхтэр.

Астына көрүҥ уонна минньигэстик аһааҥ!

Ааптар: Алексей Пудов

Поделиться
%d такие блоггеры, как: