«Олохпор саамай улахан ситиһиим диэн, тыам сирин дьонугар анаан үлэлиир эппиэтинэһи ылыммытым буолар…»
А.И. Степанов
2021 сыл кулун тутар 27 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ Айаал Иванович Степанов төрөөбүтэ 55 сылын туолла.
Айаал Степанов кылгас эрээри, чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта. Ханна эрэ тиэтэйбит курдук, сүүрбэ сэттэ сааһыгар тыа хаһаайыстыбатын билимин хандьытаата, отут сэттэ сааһыгар “Покровскайдааҕы” ГУП диэриэктэрэ, отут түөрдүгэр өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев хамаандатыгар СӨ Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччытын тыа хаһаайыстыбатыгар, кооперацияҕа уонна сир бэлиитикэтигэр солбуйааччыта буолбута. Отут алта сааһыгар – Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун дириэктэрэ. Отут сэттэ сааһыгар өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ, түөрт уон бииригэр – СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта.
Дьэ, Айаал Степанов олоҕун дьоруо хаамыытын кытта билсиҥ, астына көрүҥ!
***
А.И. Степанов СӨ билим уонна техника эйгэтигэр Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата (1996), Айылҕа үөрэҕин билимнэригэр Арассыыйа академиятын чилиэнэ (1999), Аграрнай үөрэхтээһин норуоттар икки ардыларынааҕы академиятын чилиэнэ (2008), Арассыыйа (2011) уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин (2017) агропромышленнай тиһиктэрин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ (2011), тыа хаһаайыстыбатын билимин доктора ( 2016).
Киинэҕэ Айаал Степанов Мэҥэ Хаҥалас улууһун кэрэ айылҕалаах сирдэригэр ааспыт оҕо сааһыттан саҕалаан, олоҕун кэрчиктэрэ көрдөрүллэр. Кини төрөөбүт-үөскээбит Сахатын сиригэр таптала, олоххо көрүүлэрэ, билэ-көрө сатыыр, үлэни таптыыр майгыта оҕо эрдэҕиттэн, төрөппүттэрин такайыыларыттан силис тардар. Кини суруйан турар: «Сир хаһаайыннаах буолуохтаах, ол гынан баран бааһыналар, ходуһалар, мэччирэҥнэр сиргэ көдьүүстээхтик үлэлиир киһи эрэ бас билиитигэр баар буолуохтаахтар, киниэхэ барыс киллэриэхтээхтэр».
Айаал Степанов сиэрдээх, кырдьыксыт, барыга бары дьоһуннаахтык сыһыаннаһар майгытын, дириҥник хорутар, киэҥник анаарар сытыы өйүн М.Г. Сафронов аатынан Саха сиринээҕи ТХНЧИ-гар бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ тоһоҕолоон бэлиэтииллэр. Фото уонна видео матырыйаалларынан баай устуу кини ыраас уобараһын, олоххо хардыыларын, үктэллэрин-үрдэллэрин толору арыйаллар.
Кини төрөөбүт дойдутугар, дьонугар-сэргэтигэр таптала, кыһамньыта бүүс-бүтүннүүтэ үлэтигэр-хамнаһыгар түмүллүбүтэ – саха омук култууратын төрдө, киһи-аймах тыын салаата буолбут тыа хаһаайыстыбатыгар.
Айаал Иванович Степанов улахан учуонай, талааннаах салайааччы, аграрнай наука тэрийээччитэ, өрөспүүбүлүкэ бэриниилээх гражданина, саха омук тапталын уонна ытыктабылын ылбыт чулуу уола этэ.
Айаал Степанов туһунан ахтыытыгар өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев маннык суруйбута:
“… Киһи бу Орто дойдуга олоҕун бүтэһик түһүмэҕэр кэлэн кэлэйбэт-кэмсиммэт курдук суолу-ииһи хааллараары олорор. Айаал Иванович аймах-билэ уонна чугас дьонун сүрэхтэригэр, өрөспүүбүлүкэ тыатын сирин үлэһит дьонун, ону кытта билим эйгэтин үлэһиттэрин сүрэхтэригэр дириҥ суолу хаалларан барда”.
Ааптар: Алексей Пудов
Хаартыскалар А.И. Степанов дьиэ кэргэнин архыыбыттан ылылыннылар.
А.И. Степанов араас сылларга видеоинтервьюларын “Саха” НКИК архыыбыттан бэрилиннэ.
***
Бүгүн, кулун тутар 27 күнүгэр М.Г. Сафронов аатынан Саха сиринээҕи Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун дьиэтин эркинигэр өйдөбүнньүк бэлиэни арыйыы сиэрэ-туома буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ чугас дьоно, үөлээннээхтэрэ, доҕотторо кыттыыны ыллылар. Ахтар-саныыр тыллары М.Г. Сафронов аатынан Саха сиринээҕи ТХНЧИ дириэктэрэ, РНА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ Леонид Владимиров, РНА СО Саха сиринээҕи билим киинин бэрэссэдээтэлэ, РНА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ Михаил Лебедев, Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин уонна да атыттар эттилэр.
Похожие новости
Строительная Якутия-2: ДЕРИБАН “ЯКУТИИ”. БА, ЗНАКОМЫЕ ВСЕ ЛИЦА !
Саха сирин былааһа VS Арассыыйа: “подпольщиктар” дуо?
Строительная Якутия-1: Поздравляю вас, Ил Дархан, соврамши!