Дьүөгэбит Изабелла Ильинична Попова быйыл 80 сааһын туолуута таһаарбыт кинигэтин миэхэ бэлэх уунна.
Кинигэ нууччалыы тылынан суруллубут. «Дорогие сердцу моему… — женские истории Изабеллы Поповой».
Бу маннык ааттаах “женские истории” билиҥҥи кэмҥэ син бэчээттэнэр, нуучча омук дьахтар-ааптардар чэпчэки арамааннары, кэпсээннэри суруйан киэҥ эйгэҕэ таһаараллар. Ол арамааннары, кэпсээннэри ааҕаҕын, ол гынан баран өйгөр хаалбыта кэмчи буолар, атын омук олоҕо киһини улаханнык интэриэһиргэппэт. Оттон бу бэйэҥ уонча сылы быһа эн-мин дэһэн бодоруһа сылдьыбыт киһиҥ суруйуута эйиэхэ сонун уонна интэриэһинэй.
Ол курдук, Изабелла Ильинична оҕо эрдэҕинэ, үлэ үөһүгэр сылдьан, сааһыран да баран билсэн доҕордоспут кыргыттарын хас биирдиилэрин олоҕун сиһилии суруйбута сүрдээҕин үөрдэр.
Кинигэҕэ 16 чугас дьүөгэлэрин олоҕо ойууламмыт, кинилэр майгылара, дьарыктара, дьонноро, киниэхэ хайдах сыһыаннаспыттара, олохторугар туох буолбута, үөрүүлээх да, кыһалҕалаах да күннэрэ барыта сиһилии суруллубут.
Хас биирдии түгэн, өйдөөн хаалбыт араас түбэлтэлэрэ, киһи ааҕа олоруон курдук, бэрт сэргэхтик суруллубуттар, биир бэйэм биир киэһэ биир тыынынан аахтым.
Кэпсиир дьүөгэлэрин хаартыскалара киирбиттэр. Кинилэр ханнык үөрэҕи бүтэрбиттэрэ, ситиспит ситиһиилэрэ барыта олус бэркэ суруллубут. Хас биирдиилэригэр сөрү-сөп, олус бэргэн этиилэр анаммыттара кинигэни олус киэргэтэр. Элбэх хаартыска эдэр саастарын санатар, аҕам саастаах далбар хотуттар хаартыскалара эмиэ олус тупсаҕайдар.
Оҕо-эдэр саастан сааһырыахха дылы доҕордуу буолар диэн улахан дьол буоллаҕа. Ону да бэйэҥ майгыҥ үтүөтэ, санааҥ кэрэтэ суолдьут сулус кэриэтэ буоллаҕына дьон тардыһар, истиҥ дьүөгэлэр тулалыыр буолуохтаахтар. Бары билэбит, биһиги Изабыт — киһи киһитэ, дьоҥҥо сөбүлэтэр үтүө майгылаах кэрэ киһи.
Изабелла Ильинична дьүөгэлэрин тустарынан суруйбут кинигэтин олус сөбүлээтим. Хас биирдии дьүөгэтин олоҕун кыайа-хото суруйбут, нууччалыы суруллубут да буоллар, хайгыах эрэ санаам кэлэр.
Кинигэни дьүөгэлэрин оҕолоро, сиэннэрэ ааҕаннар ийэлэрин, эбэлэрин туһунан саҥаны билиэхтэрэ, махтал тыллары этиэхтэрэ. Бу буолар ааптар үөрүүтэ, үлэтин сыанабыла.
Изабелла Ильинична дойдутугар дьонугар-сэргэтигэр кинигэтин билиһиннэрдэ. Элбэх киһини түмтэ, дьон сэҥээриитин ылла, санаатын сайа эттэ-тыынна.
Күндү дьүөгэбит, литературнай куруһуок биир тарбахха баттанар суруйааччыта, бу үһүс кинигэҥ күн сирин көрбүтүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит, дьоһун сааскар бэйэҕэр да, ааҕааччыларгар да улахан бэлэх оҥордуҥ. Ону кытта төрөөбүт дойдуҥ — Сунтаар улууһун бочуоттаах гражданина буолбуккунан киэн тутта истиҥ эҕэрдэбитин этэбит!
Инникитин даҕаны айа-тута сырыт, аны 85 сааскар саҥа кинигэҕин күүтэбит!
Этэҥҥэ сырыт, үөрүнньэҥ майгылаах күндү дьүөгэбит, дьээбэ түспүт уоттарынан сандаара сылдьар киэҥ харахтардаах Иисэбит, Изабыт, Изабелла Ильиничнабыт!
Валентина Яковлева-Чэлгийээнэ
15.11.2024.
Похожие новости
В верховьях Амги будут рубить 100 тысяч кубов леса ежегодно. Якутяне проголосовали за мораторий
Суд разрушил единство Евросоюза
Очередной мега проект: Что известно о «Квартале 68» в Якутске