Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбарыгар Владимир Путин Саха сиригэр сөҕүмэр кыайыыны ситистэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана – Владимир Путин бэйэтинэн буолар диэн киэн туттуохха айылаах.
Путин бэлиитикэтин удамырдаан көрөр буоллахха, кини бэрэсидьиэннээн бүппүтүн да иһин аата мэлдьи ааттанар туруктаах. Ол курдук, кини туох баар дьайыыта, үлэтэ-хамнаһа национальнай лиидэр, “Арассыыйа норуоттарын аҕата” (Отец народов) буоларга дураһыйар курдук. Ааспыт быыбардар көрдөрбүттэринэн, норуот да онно сөбүлэһэр курдук. Бу быыбар – көлүөнэлэр солбуйсуулара. Үрдүкү салалтаҕа ааспыт үйэ 70-с сылларыгар төрөөбүттэр тахсан эрэллэр. Балар ортолоругар либэрээллии өйдөөх-санаалаах салайааччылар, бэлиитиктэр, общественнай диэйэтэллэр, кэмэ да оннук буоллаҕа, элбэхтэр. Кинилэр быыбардааччыларын (базаларын) “устуруустааһын” барар… Барыта Аналлаах байыаннай операция хаамыытыттан, түмүгүттэн тутулуктаах. Өстөөх Украина буолбатах, өстөөх – “Арҕааҥы дойдулар холбоһуктаах штаттара”.
Похожие новости
Чем занят “любимый генерал” Путина? Посмотрите на “Герани” в Киеве, и поймёте
Бриллиантовый цирк перешагнул 30-летний рубеж
Кто очарован новым президентом США. Верить мирным лозунгам Трампа — нелепо и опасно