Ийэ тылбыт иччилээхтик иһиллэрин туһугар
Ытыктабыллаах Айсен Сергеевич!
Ытыктабыллаах Петр Васильевич!
Аныгы балысханнаах кэмҥэ ийэ тылынан саҥарар уонна толкуйдуур саха эрэ барыта төрөөбүт тылын дьылҕатын туһугар долгуйара күүһүрэр. Онон кинилэр бука барыларын ааттарыттан бу суругу суруйарбын кыратык да саарбахтаабаппын.
Кэм-кэрдии дьикти түргэнник уларыйар буолла. Информация, саҥа технологиялар эйгэлэрэ кэҥээтэр кэҥииллэр, глобализация хаамыыта түргэтиир чинчилэннэ, транснациональнай хамсааһын суоһуур, миграция халҕаһата утуйар уубутун уйгуурдар буолла. Саха олоҕо тосту уларыйар быһыыланна. Куорат диэки тардыһыы, тыа сириттэн көһүү тохтообот. Оттон тыл кута, биллэрин курдук, тыа сиригэр олохтоох, онно кини күннэтэ туттуллар, олоххо-дьаһахха имиллэр-хомуллар, сүөгэйэ-сүмэтэ иитиллэр.
Онон бу үөскээбит усулуобуйаҕа бастатан тылбыт улаханнык эмсэҕэлиир быһыыланна, алдьанар-кээһэнэр дьылҕаланна. Оччоҕо тугуй? Күүһү түмүөххэ. Ханнык баҕарар ыксаллаах быһыы-майгы баар күүһү түмэргэ сирдиир. Бэйэ ис кыаҕын, ол эбэтэр саха омугуттан тахсар күүһү-күдэҕи, өйү-санааны түмэр сорук хаһааҥҥытааҕар да сытыытык турда.
Биллэн турар, 1990-с сыллар саҥаларыттан төрөөбүт тылы көмүскүүргэ суолталаах үлэ барда. Ситиһии суох буолбатах. Баар. Ол гынан баран балаһыанньа, ити ахтан аһарбытым курдук, күнтэн күн уларыйар. Олох тэтимэ уларыйда. Күннэтэ биһигиттэн дьоһуннаах толкуйдары ирдиир.
Билигин тыл сүтүүтэ, тыл сир үрдүттэн симэлийиитэ аан дойду үрдүнэн тэтимирбитин анал үөрэхтээхтэр бэлиэтииллэр. Арассыыйа да онтон хаалсыбат (АХШ, Австралия кэнниттэн), дойдубутугар 151 тыл баарын этэллэр, онтон 18 тыл сыккырыыр тыына хаалла.
Оттон саха тыла кэм да туруктаах тыллар ахсааннарыгар киирэр. Ол гынан баран онтон уоскуйар букатын табыллыбат. Тоҕо диэтэххэ симэлийии тэтимэ бары кыра тыллары ыгар. Биллэрин курдук, Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэрин генеральнай ассамблеята 2019 сылы Аан дойду төрүт омуктарын тылларын сылынан биллэрбитэ. Биһиги, сахалар, бэйэбитин төрүт омуктар ахсааннарыгар киллэриммэппит быһыылаах. Тоҕото соччо өйдөммөт да буоллар. Тылбыт улахан тыллар ахсааннарыгар киирбэт. Онон куттал суоһуура өйдөнөр. Оттон дьон-сэргэ, уопсастыба итинник кыһалҕа тирээбитин хайаан да өйдүөх тустаахтар.
Тыл туттуллар эйгэтэ киэҥ, ыыра ырааҕынан тайыыр эрэ буоллаҕына кэскиллээх. Оччоҕо өлөн-охтон биэрбэт. Саха тыла күн бүгүнүгэр диэри кэпсэтии, публицистика, уус-уран литература, фольклор, култуура, алын, орто сүһүөх үөрэх эйгэлэригэр туттуллан кэллэ. Тылбыт дьыала-куолу эйгэтигэр үлэлээбэт, үрдүк үөрэх, наука эйгэлэрин туһунан этэ да барыллыбат.
Мин бу сурукка элбэх соруктан биир суолталаах түгэни туруорсабын. Саха тыла дьыалабыай эргимтэҕэ туттулларын хайаатар да ситиһиэх тустаахпыт. Тылбыт бу эйгэҕэ туттуллар эрэ буоллаҕына тулуктаһыа, аныгы ырыынак усулуобуйатыгар сайдыылаах тыллары кытта илин-кэлин түсүһүө, күннэтэ үлэлиир тыл буолуо, ыччаппыт төрөөбүт тылын билэ сатыа. Саха тыла үрдүк трибуналартан иһиллэр, бырабыыталыстыба, Ил Түмэн киэҥ саалаларыгар дуораһыйар буоллаҕына, уһун суолланыа, кэскилэ кэтириэ. Тылбыт аата-суола (престиж) үрдүө. Бу сүрдээх улахан хамсатар күүс, наука тылынан эттэххэ, тылы үөрэтэргэ сүрүн суолталаах мотивация. Төрөппүт оҕотун бэйэтин төрөөбүт тылынан иитэригэр улахан төһүү буолуохтаах.
Арассыыйа тылга ыытар бэлиитикэтэ бу түгэни утарбат. Тыл сокуонунан икки судаарыстыбаннай тыл – нуучча уонна саха тыллара тэҥ бырааптаахтар. Маныаха инники күөҥҥэ кырдьыктаах уонна сиэрдээх (справедливое), саамай табыгастаах сыһыан олохтоноро өрө тутуллар. Биир тыл иккис тыл быраабын күөмчүлээбэт сыһыаннаһыылара.
Биһиги, сахалар, табыллыбыт омукпут. Төрөөбүт тылбыт өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннай тыла буолар. Оттон үгүс элбэх норуокка ол да суох. Дьэ, оччоҕо тоҕо бэриллибит быраабы ситэ туһаммаппытый? Бу алҕаһы көннөрүөҕүҥ. Өйбүтүн-санаабытын, билиибитин-көрүүбүтүн, хорутуулаах толкуйбутун, бары кыахпытын ууран.
Кырдьык, мөккүөр да, утарсыы да суох буолбатахтар. Арассыыйаҕа тыл бэлиитикэтэ саҥа кэрдиискэ тахсар. Нуучча тылын судаарыстыбаннаһын бөҕөргөтөр үлэ күүскэ барар. Барыахтаах даҕаны. Онтон атын буолуон сатаммат. Тоҕо диэтэххэ, арҕааҥҥы күүстэр нуучча тылын балаһыанньатын мөлтөтөргө үлэни сорунуулаахтык ыыталлар. Арҕааҥҥы тыллар сабыдыалларынан нуучча тылын туттуллар эйгэтэ аччыырын этэллэр. Ол туһунан, холобур, МГУ ректора В.А.Садовничай чопчу этэр.
Элбэх омуктан тутуллар Арассыыйаҕа тыл бэлиитикэтигэр улахан суолта ууруллар. Тоҕо диэтэххэ, тыл бэлиитикэтэ бастатан омуктар икки ардыларынааҕы сыһыаны, өйдөһүүнү бэрээдэктиир, итиэннэ национальнай тыллары уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларын харыстыыр, чөлүгэр түһэрэр сыаллаах.
“Тылбыт күөмчүлэнэр буолла, оччо чаас аҕыйаата, бачча чаас көҕүрээтэ”, — диэн быһа-бааччы этэр үгэс баар биһиги дьоммутугар. Дьиҥэр, ис дьиҥин, төрдүн-төбөтүн, ханнык суол-иис баарын үөрэтэн көрүөх баара. Ити этиллибитин курдук, нуучча тылын балаһыанньатын бөҕөргөтөр үлэ Арассыыйа атын омуктарын тылларын бырааптарын быһар сыала-соруга суох эбээт. Ону өйдүөҕүҥ. Дьэ, холобур, бу бэрт ааспыт сылга Москваҕа ыытыллыбыт “Языковая политика: общероссийская экспертиза” форумҥа национальнай тыллар сайдыыларыгар улахан болҕомто ууруллубута. Биһиги да дьоммут бу форумҥа сылдьыбыт буолуохтаахтар, кинилэр кэпсиэхтээх-ипсиэхтээх этилэр.
Биллэн турар, саха тылын дьыала-куолу эйгэтигэр киллэрэр чэпчэки дьыала буолбатах. Элбэх ыарахаттар, күчүмэҕэйдэр баар буолуохтара. Бэл диэтэр, Казахстаҥҥа ыарырҕаттылар. Ыксаан тыл бэлиитикэтин кытаатыннарар, тыйыһырдар туһунан кэпсэтэллэр. Эгэ биһиэхэ чэпчэки буолуо дуо? Ыарахаттартан чаҕыйбат, дьүккүөрдээх буолуу ирдэнэр.
Тыл дьыала-куолу эйгэтигэр үлэлиирэ диэн тугуй?
Маныаха бастатан 1920-1930-с. сыллардаахха ыытыллыбыт тыл бэлиитикэтин ахтан аһарыахха. А.Байаарап 1924 сыллаахха маннык суруйбута баар: “Бар дьон күүһэ-күдэҕэ кини этэр тылыгар, өйдүүр өйүгэр, саныыр санаатыгар, оҥорор дьыалатыгар баар. Ол тутар тутааҕа бар дьон төрөөбүт тылыгар. Ол иһин сууттары сахатытары саамай бастыҥ улахан наадалаах судаарыстыба дьыалата диибит. Бары кыһаллыҥ, бу дьыала атаҕар турарыгар”. Сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох этии буолан тахсар. Бу этии бүгүн кытта, баҕар хаһааҥҥытааҕар да ордук күүскэ буолуо, тирээн турар улахан суолталанна.
Оччотооҕуга, ол эбэтэр 1924 сыллаахха, Арассыыйа Киин ситэриилээх кэмитиэтэ Арассыыйа норуоттарын төрүт тылларын сайыннарар туһунан уураах таһаарбыта. Маныаха олоҕуран Саха өрөспүүбүлүкэтин Киин дьаһал кэмитиэтэ эмиэ 1924 сыллаахха дьыала тылын сахатытар туһунан уурааҕы ылыммыта. Бу соругу ситиһэргэ Ис.Бараахап бэрэссэдээтэллээх өрөспүүбүлүкэҕэ Сахалыы суругу сайыннарар сүбэ тэриллибитэ. Бу тэрилтэ хайа тэриллиэҕиттэн судаарыстыба бары тэрилтэлэригэр дьыала саха тылынан оҥоһулларын ситиһэргэ үлэлээбитэ. Судаарыстыба оҥорор дьыалатын саха бэйэтин төрөөбүт тылынан билиэх-көрүөх тустааҕа. Ол туһуттан аан бастаан киирии тыллары уонна тиэрминнэри сахатытар боппуруос турбута. 1925 сыллаахха тылбаас хамыыһыйата тэрилтэлэр, дуоһунастар ааттарын (225 тиэрмини) сахалыы тылбаастаабыта. Уопсайынан, бу кэмнэргэ үтүмэн элбэх сахалыы тиэрмин үөскээбитэ. Тыл туһунан боппуруоһу сэргэ судаарыстыбаннай аппараты сахатытар боппуруос быһаарыллыахтааҕа. Биллэрин курдук, ити кэмҥэ судаарыстыба киин тэрилтэлэригэр үлэлиир дьонтон бэрт аҕыйаҕа саха этэ, 1929 сыллаахха 13 % этэ. Ол да иһин тылы үөрэтэр боппуруос сытыытык турбута. Холобур, 1924 сыл бүтүүтүгэр Дьокуускай куоракка 600-тэн тахса киһи сахалыы тылы,суругу үөрэтэрэ. 1930 сыллаахха бырабыыталыстыба саха тылын үөрэтиигэ анаан 27000 солкуобайы биэрбитэ. 1926 сыллааҕы Конституция саха тылын нуучча тылын кытта сэргэ судаарыстыбаннай тылынан биллэрбитэ. Улуустар, уокуруктар ситэриилээх кэмитиэттэрэ сахалыы дьыала олохсуйарын туһугар бэркэ кыһанан үлэлээбиттэрэ. Сотору кэминэн олохтоох тэрилтэлэр дьыалалара сахалыы толоруллар буолбуттара. Бу улахан ситиһии этэ.
Манна тоҕо историяны ахтан аһардыбыт? Бастатан, үтүө холобур быһыытынан. Саха чулуу дьоно Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Бараахап, Алексей Байаарап уо.д.а. бу дьыала иһин туруулаһан үлэлээбиттэрэ.
Иккис курдук, история уруоктара хаһан да, ханна да мэһэй буолбатахтара. Оччотооҕуга, отутус сыллар иккис аҥаардарыттан, тылга сыһыаннаан араас мөккүөр үөскээбитэ. Ол мөккүөр төрдүнэн Н.Я.Марр үөрэҕэ буолбута. Н.Я.Марр тыллар сайдыыларын түһүмэхтэринэн көрөрө, сайдыыта суох тыллар сайдыылаах тыллар күүстээх сабыдыалларыгар киирэн симэлийиэхтээхтэрин этэрэ. Бу үөрэх интернациональнай тиэрминнэри өрө туппута. “Тиэрминнэринэн интернационализациялааһын” диэн Н.Я.Марр үөрэҕэ 1939 сыллаахха толору киирбитэ. Бу үөрэх тылга сыһыаны тосту уларытар быһыыламмыта. Тыллар тэҥ бырааптаныыларын олохсуйан испит нуормалара тутуһуллубат буолан барбыттара. 1940 сыллаахха ылыныллыбыт Саха АССР Конституциятыгар саха тыла судаарыстыбаннай буолуутун туһунан балаһыанньа суох буолбута. Онтон ыла саха тылын олохсуйан испит бырааптара сарбылларга барбыттара, ол да иһин туттуллар эйгэтэ эмиэ кыараан барбыта.
Оттон история уруоктара тугу кэрэһилииллэрий? Интернационализация уонна глобализация диэн өйдөбүллэр быһа холоон биир суолталаахтар. Сорохтор этэллэринэн, глобализация диэн интернационализация саҥа кэрдиис кэминэн буолар. Онтон атын буолбатах, быһыыта. Дьэ оччотугар, Н.Я.Марр үөрэҕэ өрөгөйдөөн тахсыахтаах эбит. Үөһэ этиллибитин курдук, кыра сайдыылаах тыллар күстээх тыллар сабыдыалларыгар киирэн сир үрдүттэн олоччу сүтүөхтээхтэр. Оннук буоларыгар тиийэр. Онон айманарбыт оруннаах буолан тахсар.
Биһиги дьолбутугар, Арассыыйаҕа ити балаһыанньаны өйдүүллэр. Тыл симэлийиитэ – бу улахан иэдээн буоларын. Үгүс тыл үөрэхтээх учуонай бу боппуруоска үлэлэһэр, бэлиитиктэр да туора турбаттар. Кинилэр үлэлэригэр норуоттар проблемаларын быһаарыыга уопсай бэлиитикэттэн чорботуллан бастатан тыл боппуруоһугар улахан болҕомто ууруллуохтааҕа этиллэр. Бу сүрдээх улахан суолталаах түгэн.
Оттон саха тыла судаарыстыбаннай буоллаҕына, дьыала-куолу эйгэтигэр булгуччулаахтык үлэлиэхтээх. Дьиҥнээхтик. Күннэтэ. Кыалларынан, бары салааларынан. Сүрүннээн үс таһымнаах буолуон сөп: 1. Нэһилиэктэр, куораттар таһымнара; 2. Улуустар таһымнара; 3. Өрөспүүбүлүкэ таһыма.
Бу туһунан урут да суруйар этим (“Парламент сахалыы саҥарыа дуо?” (“Саха сирэ”, 1999с., №27). Ол иһин хатыламмат туһугар бэрт аҕыйах түгэҥҥэ тохтуубун.
Сокуон баар. Ол аата сокуон үлэлиэхтээх. Сокуону үлэлэтэр тосхоллор (механизмнар) өссө төгүл чопчуланан оҥоһуллуохтаахтар. Ыарахаттар баар буолуохтара. Буолаары буолан, кырата суох ыарахаттар. Дьүккүөрдээх буолуохха.
Тыл экспертэрэ этэллэринэн, регионнар сокуону олоххо киллэрэргэ олус көһүүннэр, бытааннар, көхтөрө суох. Тылбыт кэскилин туһугар үлэлээтэхпитинэ эрэ сатанар. Аҥаардас ырыанан-тойугунан уһун соннонуохпут биллибэт. Тылбыт дьыалабыай эргимтэҕэ күннэтэ туттуллар буоллаҕына ыччаппыт төрөөбүт тылын үөрэтиэ.
Функциональнай истиил боппуруоһугар тохтуоҕуҥ. Үгүстэр иҥнэр төрүөттэрэ манна сытар. Этэллэр, сайдыыта суох функциональнай истииллэрдээх тыл судаарыстыбаннай-административнай эйгэҕэ үлэлиир кыаҕа суох диэн. Ол эбэтэр саха тыла бу эйгэҕэ үлэлииригэр сөптөөх тыллаах-өстөөх буолуохтаах. Тылбытыгар дьыала-куолу истиилэ баар буолуохтаах. Оннук тыл биһиэхэ суох буолбатах. Баар. Бэйэтэ историялаах. Бастатан эттэххэ, саха бэйэтин айылҕатынан даҕаны улахан куолуһут омук. Тылбыт сүрдээх улахан ис кыахтаах. Ону туһаныахха. Иккис курдук эттэххэ, өссө өрөбөлүүссүйэ инниттэн араас уураахтар, дьаһаллар, циркулярдар сахалыы тылбаастаммыттара биллэр. Төһө да тылбаас тыла буоллар, олоҕурбут нуормалардаах, ураты тыллаах-өстөөх, бэйэтэ быраабылалардаах истиил буолар бу.
Онон дьыалабыай эргимтэҕэ саха тыла үлэлиир кыахтаах. Оттон күннэтэ туттуллар, имиллэр-хомуллар буоллаҕына өссө сайдыа турдаҕа! Саха тыла бу эйгэҕэ үлэлиир эрэ буоллаҕына тулуктаһыаҕын, кэскиллээх буолуоҕун күүскэ өйдүөҕүҥ!
Валерия ЕГОРОВА-ТЕМЕНХОН, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ,
2019 с. кулун тутар 21 күнэ
Похожие новости
Нэһилиэктэр уонна “олигарх” Ил Дархан
САҤА КИНИГЭ ТУҺУНАН ТУС САНАА
Дьахтар аналын туһунан өссө биирдэ…