Бу Орто дойдуга киһи кинини өйдүүллэрин тухары баар. Аҕа дойду Улуу сэриитин уоттаах кыргыһыыларыгар охтубут күндү дьоммут өйдөбүллэрэ хас биирдии киһи сүрэҕэр тыыннаах. Ол даҕаны араастаах.
Тоҕо диэтэххэ, сорох дьон ханна охтубута, ханна көмүс уҥуохтара хараллыбыта биллэр. Удьуордара, оҕолоро, сиэннэрэ онно баран сүгүрүйэн, төрөөбүт алааһын буорун илдьэн, дьонноруттан-сэргэлэриттэн илдьит тиэрдэн, ытыгылаан кэлиэхтэрин сөп. Оттон сураҕа суох сүппүттэр? Кимиэхэ баҕарар, ханнык баҕарар киһиэхэ, омугутттан, итэҕэлиттэн тутулуга суох, ыарахан быһыы. Ханнык баҕарар киһи: “Муҥ саатар уҥуоҕа көстөрө буоллар” — диэн киччим санаалаах сылдьар. Кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайы сорох, сапсыйан да кэбиспэтэр, чэ, көстүбэтэ, аны кэлэн хантан көстүө баарай диэн санааҕа бэринэр. Оттон сорох бэриммэт, өссө сытайан туран көрдүүр, сыал-сорук оҥостор, докумуоннары, архыыптары хасыһар, дойду үрдүнэн бэйэтин курдук дьону кытта сибээстэһэр…
Оннук дьонтон биирдэстэринэн ИДьМ бэтэрээнэ Г.Р. Ермолаев буолар. Кини оҕо эрдэҕинээҕи өйдөбүллэриттэн биир бэлиэ түгэн баар. Былыр оҕолору Гражданскай сэрии, өрөбөлүүсссүйэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин өйдөбүнньүк сирдэринэн сырытыннарылларын аҕа саастаах дьон өйдүүр буолуохтаахтар. Биирдэ кылааһын оҕолорун кытта Саһыл Сыһыытааҕы Гражданскай сэрии мемориалыгар бараары автобус кэтэһэн турбуттар. Ол кэмҥэ Майаҕа райком тиэргэнигэр, бука, памятнигы өрөмүөннээри устубуттара буолуо, кураанах постамент баарыгар улахан уолаттар кыракый Гришаны көтөҕөн ылан туруоран кэбиспиттэр. “Баҕар, олоххун мэҥэ өйдөбүллэри кытта ситимнээ” — диэн дьылҕам имнэммит быһыыта буолуо” — диэн күлэр Григорий Римович.
– Мин Веронеж куоракка милииссийэ оскуолатын бүтэрээри сырыттахпына, ол аата 1985 сыллаахха, дьонум ханнык эрэ хаһыаттан ыстатыйа кырыйан ыыппыттара. Хомойуох иһин, ханнык хаһыатын субу диэн өйдөөбөппүн, “Кыым” этэ дуу, ханнык этэ дуу… Ол кэмҥэ, бадаҕа, кулун тутар ый буолуо, Донецкай куоракка практикабын бара сылдьар этим. Дьэ, ол ыстатыйаны нууччалыы тылбаастаан бараммын училище начаалынньыгар арааппар суруйдум: эһэм уҥуоҕа сытар сиригэр баран кэлэрбин көҥүллээҥ диэн. Ол көҥүллэтэн Калуга уобалаһын Жуковскай оройуонунааҕы Кремёнки куоратыгар тиийдим. Серпухов аттыгар.
Олус үчүгэйдик көсүбүттэрэ. Өйдөбүнньүк комплекс дириэктэрэ оҕонньор баар этэ, уруккута НКВД полковнига. Кини миигин кууһан сыллаан ылбыта: “Маладьыас, бачча ыраах сиртэн эһэҥ уҥуоҕун көрдүү кэлбиккин” — диэн. Хаһыакка суруллубут Воронино диэн дэриэбинэҕэ бара сылдьыбыппыт. Онно кини миэхэ дьоҕус “бырааттыы көмүүнү” көрдөрбүтэ — манна уонтан тахса киһи сытар диэн. Оччотооҕуга ааттара сурулла илик этэ. “Дабаай, эн ыам ыйын 9 күнүгэр кэлэ сырыт, — диэбитэ кини. – Бииргэ сэриилэспиттэр мусталлар, олору кытта кэпсэтиэҥ этэ, ону кытта “бырааттыы көмүүгэ” сытар дьон ааттара онуоха диэри суруллуо диэбитэ”. Мин биир-икки хонукка көҥүллэппит киһи ыксаан баран хаалбытым, оттон ыам ыйыгар судаарыстыбаннай эксээмэннэр саҕаланан кыайан барбатаҕым. Ол сылдьан хаартыска бөҕөтүн түһэрбитим, элбэҕи суруммутум да, хомойуох иһин, сүтэн хаалбыттар.
Жуковскай оройуоҥҥа улахан кыргыһыылар буолан ааспыт сирдэрэ. Онно биһиги 50-с армиябыт Гудериан таанкаларын утары турууласпыттара. Онно биир дьоһуннаах суолу-ииһи хаалларбыт киһинэн Павел Алексеевич Белов генерал буолар. Улахан командарм, Георгий Жуковы кытта эн-мин дэһэр киһи. Мин кини кинигэтин аахпытым. Ол курдук, кини салайар 2-с кавалерийскай корпуһун Украинаттан Москва анныгар 1941 с. сэтинньи 5 күнүгэр быраҕаллар. Жуков кинини сэтинньи 6-7 күннэрин түүнүгэр Сталиҥҥа киллэрэ сылдьыбыт. Балаһыанньа ыарахан, өстөөх тыылыгар диверсиялыыр рейд оҥоруохха наада диэн буолбут. Ол кэмҥэ, сэтинньи 8 күнүгэр Белов корпуһугар Иркутскай таһыгар кавалерия үөрэҕин барбыт сахалар аттарын эшелоҥҥа тиэйбитинэн тиийэллэр. Саха сириттэн ыҥырыллыбыттар 500-тэн тахса киһи. Ону кытта мотострелковай полкалар бааллар. Онон барыта тыһыынчаттан тахса Саха сириттэн ыҥырыллыбыт буойун баар буолуохтаах диэн сабаҕалыыбын. Дьэ, Белов корпуһа немецтэр хас да хаттыктаах бөҕөргөтүүлэрин тоҕо көтөн киирэн өстөөх түһүүлэммит дэриэбинэлэрин, уматыктарын уоттууллар, техникаларын уонна саллааттарын урусхаллыыллар. Нэдиэлэ иһигэр корпус байыаһын аҥаара эрэ хаалар. Өстөөх тыылыттан тахсаат да саҥа бирикээһи туталлар – Кашира куорат аннынан өстөөх тоҕо көтөөрү гынна, онно барыҥ диэн. Ол баран истэҕинэ кинилэр 2-с кавалерийскай корпустарыгар 1-кы Гвардейскай корпус ааты иҥэрбиттэрин истэллэр. Дьэ, мин эһэм бу чааска, ол эбэтэр 2-с кавалерийскай корпус, 9-с Крымнааҕы дивизия, 136-с кавалерийскай полкатыгар сулууспалаабыт. Ол туһунан итиннник информацияны Москваҕа архыып саайтыттан булан ылбытым. Ол эрэн, онно сыыһалаах эбит этэ. Саайтан итинниги билээт, массыына арендалаһан уолбунаан Можайскайга бара сылдьыбыппыт. Белоруссиялыыр суолунан. Мин 1985 с. бара сылдьыбыппын өйдүүр буоллаҕым – маннык ыраах буолбатах этэ диэн. Можайскай оройуон Воронино диэн дэриэбинэтигэр тиийэн массыына оҥосто сылдьар киһини көрөн ыйыталаспыппыт, хата, “поисковой этэрээккэ” сылдьыбыт киһи эбит. Ол диэки саастаах дьон ортотугар оннуктар элбэх эбиттэр. “Манна биир да көмүү суох, сыыһа кэлбиккит” диэтэ. Онон төттөрү айаннааммыт, 4-с “биһилэҕинэн” эргийэн Серпухов куоракка кэллибит. Дьэ, онон Жуковскай оройуон (Жуковка үрэх аатынан) Воронино дэриэбинэтигэр 1985 сыл кэнниттэн иккистээн ыйыталаһан тиийдим. Онно Г.К. Жуков аатынан көрдүүр этэрээт солбуллубат бэрэссэдээтэлэ Юрий Михайлович Селезнев диэн киһини буллубут. Киһим үөрүү-көтүү бөҕө буолла: “Оо, земляк! Я в Якутске родился” – диир. Манна 1-кы роддомҥа төрөөбүт киһи эбит.
Мин манна 1985 с. сылдьыбыт буоллахпына, кини этэрээт бэрэссэдээтэлинэн 1989 сылтан үлэлиир эбит. Сааһырбыт киһи, 1943 с. төрүөх. Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар, Кыайыы 50 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, уончалыы киһилээх дьоҕус көмүүлэри көһөрөн аҕалан биир улахан “бырааттыы көмүү” оҥорбуттар, сүүнэ мемориал туппуттар. Онно хас эмэ сүүһүнэн киһи аата суруллубут, ону кытта оннооҕор элбэх билиитэ кураанах турар. Онно мин эһэм аата суох. Кичкин Гаврил Михайлович (1904 с.т.) диэн баар. Ол эһэм тастыҥ убайа, кинилэр биир Мөҥүрүөн алаастан барбыт дьон. Булкуллуохха сөп: үксүгэр Ки(ы)чкин Г.М. диэн суруйаллар. Мин эһэм Кычкин Гаврил Моисеевич диэн, 1913 с. төрүөх.
Онтон хомойон эһэм уҥуоҕун көрдөөһүҥҥэ күүскэ ылсарга санаммытым. Кинигэ бөҕөтүн аахтым, Калашников, Петров кинигэлэрин. Калашников субу сүрэхтэммит кинигэтин булан ааҕыам диэн сылдьабын.
Ол сылдьаммын саха кавалеристарын испииһэктэнним. Аахтаҕым аайы кинигэни төттөрү-таары сахсыйбат курдук бэлиэтэнэн иһэбин. Туох баар дааннайдарын Excel бырагырааммаҕа киллэрэн иһэбин. Салгыы Арассыыйа таһымынан көрдүөхпүн баҕарабын. Генерал Белов хамаандатынан сэриилэспит дьон, кэлин бөдөҥ военноначальник, генерал буолбут дьон ахтыы бөҕө суруйбуттар, кинигэ бөҕө таһаарбыттар. Олору Саха сирин саайтарыттан көрдүүр ыарахаттардаах. Онон Саҥа дьыл иннинэ Москваҕа бараары сылдьабын – анаан-минээн дьарыктана.
Миэхэ субу соторутааҕыта Ю.М. Селезневтан сурук кэллэ. Онно 14 кавалерист буойун аата ааттаммыт – Амматттан, Мэҥэ Халаҥастан, Аллайыахаттан, Өлүөхүмэттэн уо.д.а. төрүттээх дьон. Ол быыһыгар Мэҥэттэн били мин эһэм убайа эмиэ баар. Ол дьон сорохторо “пропал без вести” диэбиттэринэн сылдьаллар.
Өйдөбүнньүк Кинигэтин анаалыстааһын түмүгүнэн Иккис Гвардейскай кавалерийскай корпус састаабыгар Калуга уобалаһын Жуковскай оройуонун Воронино дэриэбинэтин таһынааҕы кыргыһыыларга кыттыбыт Саха Өрөспүүбүкэтиттэн терүттээхтэр көһүннүлэр. Кинилэр сырдык өйдөбүллэрин кэриэстээн биһиги көрдүүр түмсүүбүт буойуттар ханна охтубуттарын туһунан 79 сыл устата билбэккэ сылдьыбыт аймах-билэ дьонноругар биллэрэр эбээһнэстээхпит.
Викулин Василий Иванович – 1915 с.т., Амма оройуона.
Дахаров Андрей Васильевич – 1908 с.т., Амма оройуона, Алтан д.
Кичкин Гаврил Михайлович – 1905 ст. Мэҥэ-Хаҥалас оройуога, мэҥэ-Хаҥалас д.
Копырин Иван Константинович – 1920 с.т., Уус-Алдан оройуона.
Макаров Андрей Семенович – 1909 с.т., Амма оройуона.
Одинцов Константин Васильевич – 1911 с.т., Аллайыаха оройуона.
Сидоренко Алекс… Леонтеьевич – 1918 с.т., Уус-Алдан оройуона.
Синятино хутор
Делатов Кузьма Николаевич – 1915 с.т., Аллайыаха оройуона.
Катков Дмитрий Евстафьевич – 1913 с.т. Алдан оройуона, Шурун бириискэ.
Кузьмин Ник… Васильевич – 1909 с.т., Өлүөхүмэ оройуна, Онях д.
Петухов Кузьма Евдокимович – 1911 с.т., Уус-Алдан оройуона.
“Малеево поле” мемориал
Кончаков Авраам Иосифович – 1913 с. т. Мэҥэ Хаҥалас оройуона, Карлин д.
Екатериновка д.
Нацибулин Нурмат – 1917 с.т., Мэҥэ-Хаҥалас оройуона.
Павлов Степан Николаевич – 19… с.т., Токко оройуона.
– Биһиги ветераннарбытын кумааҕыга тиһэн олоробут, электроннай саайпыт суох. Мин Подольскай куоракка Оборона министиэристибэтин түмэлигэр сайабылыанньа суруйан хаалларбытым. Киллэрбэттэр. Эн дьиҥнээх эһэҥ буоларын дакаастыыр нотариус бигэргэтиилээх дэбиэрэннэстээх буолуохтааххын. Оччоҕуна эрэ эһэҥ туһунан инормацияны биэрэбит дииллэр. Оттон атын дьону ыйыталаһар буоллаххына өрөспүүбүлүкэттэн боломуочуйалаах кэлиэхтээххин. Толору дааннайдары ылыаххын баҕарар буоллаххына оннук ирдэбиллэр бааллар. Саайтарыгар үлэлиир буоллахына эмиэ туспа көҥүл наада.
Мин эһэм сулууспалаабыт кавалерийскай корпуһун байыастарын үөрэтээри гынабын. Саха сиригэр суруллубуту барытын аахтым – бэйэтэ да аҕыйах киһи онон дьарыктанар. Аны корпус историятын күнүнэн-дьылынан билэрдии Арассыыйа таһымынан чинчийиэм. Дьон уҥуохтарын үөрэтиэм — хаартыскаҕа түһэрэн, испииһэктэрин үөрэтэн. Сэрии уонна үлэ бэтэрээннэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ В.О. Ивановы кытта кэпсэттим. Вильям Очирович сүрдэҕин сэҥээрдэ, дэбиэрэннэс биэриэхпин сөп диэтэ.
Мин сүрүн сыалым диэн, барытын сыыппара халыыбыгар киллэриэхпин баҕарабын. Бэйэм испииһэкпин анарааҥылары кытта тэҥниэм, ситэриэм этэ. Онон Вильям Очировичтан көрдөспүтүм: улуустааҕы сэбиэттэр Белов корпуһугар сэриилэспит дьоннорун ааттарын Excel бырагырааммаҕа киллэрэн миэхэ ыыталлара буоллар диэн (ermolaevgr1961gmail.com@mail.ru).
Григорий Римович көрдөһүүтэ итинник. Москва анныгар кырыктаах кыргыһыыларга, генерал Белов кавалериятыгар сэриилэспит, өстөөҕү тыылыгар атынан бурҕатан киирэн кэйгэллээбит, ол будулҕаҥҥа сураҕа суох сүппүт дьонноохторго ананар.
Сурукка тистэ – СУР.
Похожие новости
Нэһилиэктэр уонна “олигарх” Ил Дархан
САҤА КИНИГЭ ТУҺУНАН ТУС САНАА
Дьахтар аналын туһунан өссө биирдэ…