Yakutians.com

Новости Якутии

“Минньигэс” Саха сирэ – дыыгынас, сыстаҥнас уонна дыргыл сыттаах

Саха сирэ дьону үгүстүк соһутар. Желтов Сергей Юрьевич, РНА академига, авиамашиностроениеҕа “көрөр массыына” эйгэтигэр идэтийэр учуонай саха мүөтүттэн астыммытын биллэрэр:

Киһи айаҕын сылаанньытар минньигэс, кыра хабархай амтаннааҕа өссө тупсарар. Кыратык ырар баҕам суоҕа буоллар туттумахтаан хаалыа эбиппин. Мин мүөт диэки чугас соҕуспун – Башкирияҕа элбэхтик сылдьыбытым. Бу аатырбыт Бурзянскай мүөккэ олус майгынныыр эбит.

Таҥара бэлэҕэ

Ыҥырыаны иитиигэ “ааһан иһэн” сыстыбыт Слепцов Евгений Семенович, ветеринария билимин доктора, М.Г. Сафронов аатынан ТХНЧИ кылаабынай научнай үлэһитэ, маннык кэпсиир:

  • Мин ыҥырыанан 2013 сылтан, ол аата ахсыс сылбын дьарыктанабын. Бастаан саҕалыырбар биир ый Василий Васильевич Терец диэн Кубань аатырбыт ыҥырыа иитээччитигэр үөрэммитим. Саҕалыыр киһи үчүгэйдик идэтийбит пасечниктыын үлэлиирэ наада.

Ыҥырыалар элбээтэхтэринэ, сирдэрэ кыараҕас, табыгаһа суох буоллаҕына, тугу эрэ сирдэхтэринэ атын сиргэ көһөр идэлээхтэр. Ааспыт сайын миэхэ биэс ыҥырыа үөрэ көтөн кэлбитэ. Үөр ыҥырыа (ыал) олус нэҥирдээх, хамсааһыннаах. Олус күүскэ үлэлииллэр. Суоттаан көрдөхпүнэ, бу кэлбит үөрдэр отуттуу киилэ мүөтү бирдилэр. Бу халлаантан түспүт таҥара бэлэҕэ дии саныыбын. Мин ыҥырыа иитэрбин тохтотуох курдук санаммытым да, ити үөрдэр көтөн кэлбиттэриттэн эгди буолан дьарыктаныахха, сайыннарыахха диэн санааҕа кэллим.  

Кэнники кэмҥэ мин “Ветеринария и кормление” сурунаалга икки ыстатыйаны таһаартардым. Саха мүөтүгэр сыһыаннаан, саха мүөтүн химическэй састаабын туһунан. Уопсайынан, биһиги тыа хаһаайыстыбатыгар научнай-чинчийэр институппут Саха сиригэр ыҥырыаны иитиини, мүөтү үөскэтээһини билим өттүнэн хааччыйыахтаах дии саныыбын.

Саха сиригэр ыҥырыаны иитии 2012 сылтан сайдан барбыта диэххэ сөп. Ол иннинэ Анатолий Гаевой уонна Роман Очеретяный кырдьаҕастар эрэ дьарыктаналлара. Бу ааспыт аҕыс сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ алта уонча көхтөөхтүк үлэлиир ыҥырыа иитээччи баар буолла. Кинилэр уопсайа 5-7 туонна мүөтү хомуйаллар. Салгыы аҕа баһылыкпыт Айсен Сергеевич туруорбут соругун толорорго үлэлиэхтээхпит – сотору кэминэн сүүрбэ туоннаҕа тиэрдиэхтээхпит.

Урут ыҥырыа иитиитинэн дьарыктаммат дойду буоллахпыт. Ыҥырыанан дьарыктанар кыаллыбат, ыҥырыалары кыстатар сатаммат диэн харгыстыыр санаа баар. Ол эрэн, мин төрдүс кыстыгы этэҥҥэ аһардым. Биһиэхэ Уһук Илиҥҥи боруода барсар – уһун кыстыкка үөрүйэх. Бу боруода ыҥырыатын оһоҕоһо ордук уһун, муус устар 10 күнүгэр диэри кыһалҕата суох олорор. Оттон Алтай ыҥырыалара Саҥа дьылтан, олунньуттан саҕалаан хамсаан-имсээн бараллар, кулун тутарга өлөн хаалаллар.

Биһиги сирбит-уоппут олус үчүгэй. Ол курдук, Нам улууһугар Хатырыктан Сииттэҕэ диэри уот сиэбит куруҥар кучу от олус күүскэ сибэккилээн үүнэр. Аҕа табаарыспыт Попов Семен түөрт уон ыал ыҥырыаттан ортотунан биир туонна икки сүүс киилэни ылар. Кини холобуруттан тирэннэххэ, ыҥырыаны иитии технологиятын баһылаатахпытына, мүөт хомууругар лаппа сайдар кэскиллээхпит.

Саха мүөтэ туспа амтаннаах, хаачыстыбатынан аатырар бурзянскай мүөккэ чугасаһар. Ол талыы, улахан сыанаҕа атыыланар мүөт. Мас көҥдөйүттэн, кумалаантан хомуйаллар.    

Биһиги иннибитигэр аҕыйах сыл иһигэр саха мүөтүн туспа бренд быһыытынан сайыннарар сорук турар. Экспорт табаара оҥоруохтаахпыт – Японияҕа, Кытайга, Сингапурга… Ол туһугар үлэлиэхтээхпит.

Мин сылга сүүрбэ ыалтан ортотунан түөрт сүүсчэ киилэ мүөтү ылабын. Дьиҥэ, анаан-минээн үлэлээбэт, иллэҥ кэммэр хобби быһыытынан дьарыктанар буоллаҕым.

Биһиэхэ биирдии-иккилии туонна табаарынай бородууксуйаны таһаарар түөрт-биэс хаһаайыстыба тэриллэрэ буоллар, ыҥырыаны иитии туспа салаа быһыытынан үөскээтэ диэх этибит. Ону өйдөөн-төйдөөн, технология, билим өттүнэн хааччыйан сайыннарыах тустаахпыт.

Ааптар: Алексей Пудов.

Поделиться
%d такие блоггеры, как: