СӨ тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров кэлэр сылтан үүккэ көрүллэр субсидия уонна ыанар ынахха бэриллэр харчы үрдээтэҕинэ хаһаайыстыбалаах дьон интэриэһэ үрдүө диэн этэр. Бу сыалга анаан кэлэр сылга өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 500 мөл солкуобай көрүллүө.
«Билигин 20 оройуоҥҥа 40 соҕотуопкалыыр хаһаайыстыба баар. Үүккэ көрүллэр субсидия ставката үрдээтэҕинэ, соҕотуопкалааччы биир киилэ үүтү 80 солкуобайтан итэҕэһэ суох суумаҕа туттарарын ситиһиэхпитин наада», — диэн Артем Александров эттэ.
Маны таһынан, миниистир тыа сирин биир кэлим сайыннарыы бырагырааммата өрөспүүбүлүкэҕэ хайдах туолан иһэрин, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныан баҕалаах эдэр дьону хайдах өйүөхтэрин, сири нүөлсүтүү, бэйэ аһын-үөлүн хаачыстыбатын тупсарыы соруктарын, табаны иитии кыһалҕатын уо.д.а кэпсээтэ.
Похожие новости
Расчет ОТРК «Искандер-М» сорвал доставку западных боеприпасов в одесском порту
Фотофакт: Спецтариф для пьяных в якутской бане
ATM: Израиль атакует Иран для “переигрывания войны Судного дня”