Yakutians.com

Новости Якутии

Миграннар уонна инники кэскил

Үлүгэрдээх харчы омук дойдуларыгар уста турар. Холобур, 2009-2018 сылларга Орто Азияттан сылдьар миграннар Арассыыйаттан төлөһүү ситимнэринэн 141,4 млрд. солкуобайы күрэппиттэрин туһунан FinExpertiza хампаанньа биллэрбитэ баар. Бу төлөһүү ситимнэрин нөҥүө, оттон уу харчынан сиэптэригэр уктан төһөнү таһаарбыттара биллибэт. Онуоха кытайдары, украинецтары уонна да атын омуктары эбэн кэбис.

***

Миграннара суох дьоҕус уонна орто бизнес “өлүө-быстыа” диэн буолар. Тоҕо инньэ дииллэрий?

Биллэн турар, чэпчэки үлэһит илии. Олохтоох дьон урбаанньыттарга табыгаһа суохтара биллэр. Хамнас эрэ өттүнэн буолбатах, олохтоох киһи быраабын тутуһар. Оттон кэлии киһи муҥнаах туох бырааптаах буолуоҕай. Кинилэргэ “социалка”, профсоюз диэн суох.

Ол аата, урбаанньыттар тугу ирдииллэрий? Кулуттааһын тутулун. Кинилэргэ чыып-чаап диир бырааба суох кулут наада. Барбах хамнаска.

Оннук дьон дойду силигирииригэр, сайдарыгар-барҕарарыгар баҕараллар дии саныыгыт дуо? Биллэн турар, силлиэхтэрин да баҕарбаттар. Бэйэ эрэ иннин көрүнэр “ооҕуй оҕустар” диэххэ сөп. “Барыгалар”.

Төрдүттэн көрдөххө, миграннар кыһалҕалара арҕааҥы дойдулар халыыптарын бата сатааһынтан үөскээбит быһыы. Итини бөлүһүөк Александр Зиновьев “аныгы кулуттааһын” диэн өссө үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр эппитэ. Кини “Запад” диэн АХШка олорон суруйбут кинигэтин ааҕыахха наада.

«Не играет роли, как мы будем называть эти проблемы и конфликты. Важно то, что они пришли надолго и всерьез. Важно то, что рассматриваемый слой объективно необходим для существования западного общества, причем именно в таком полурабском состоянии» – бу расаларынан уонна миграннары утары хабырыһыы туһунан суруйар. Ол эбэтэр, билиҥҥи уопсастыба туруктаах буоларын, ол иһигэр биһиги урбаанньыттарбыт, тойотторбут-хотуттарбыт, чунуобунньуктарбыт салгыы “бөө” дииллэрин туһугар кулут кэриэтэ туруктаах миграннар хайаан да наадалар эбит.

Дьиҥэ, киһи төбөтүгэр баппат суол – дойду үрдүнэн мөлүйүөнүнэн үлэтэ суох баар, онуоха кинилэрдээҕэр элбэх кэлии киһи үлэлии сылдьар.

Александр Зиновьев үлэтэ суох буолуу “туһатын” туһунан маннык суруйар:

«Безработица, возникнув как постоянно действующий фактор, воспроизводится уже с необходимостью и выполняет разнообразные функции, не заложенные в ней как таковой. Она играет роль фактора трудовой дисциплины, сдерживает претензии работающих, заставляет благополучных ценить то, что имеют. То есть, безработица не только вполне уживается с дефицитом рабочей силы, но и служит своеобразным «пугалом» для людей. Это очень удобно для наших чиновников – ведь так и должно быть при демократии! В греческих демократиях рабство было нормальным явлением, а «рабство в США даже в XX веке не мешало им считать себя самой демократической страной в мире».

Оннук! Ханнык баҕарар урбаанньыт үөрэ-көтө этиэн сөп: “Онон-манан киирэр буоллаххына бара тур, кыргыстар элбэхтэр”.

Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх. Пандемиянан сибээстээн миграннар ахсааннара биллэрдик аҕыйаата диэн буолар. Ол эрэн, Армения уонна Азербайджан сэриитэ, бука, аҕыйах тыһыынча армяны биһиэхэ тэбэрэ буолуо диэн баар. Аны туран Кыргыстаҥҥа уочараттаах “өрөбөлүүссүйэ” буолан ааста. Ол аайы олохторо тупсан испэтинэн оҕустахха, түгэн көһүннэр эрэ соҕотохто халыс гына түһэллэрэ сэрэйиллэр.

Өлөрбүт харчыларын дойдуларыгар таһааралларын омнуолуур сатаммат. Оттон миграннар элбээһиннэрэ биирдиилээн урбаанньыкка барыстаах буоллаҕына, дойдуга, өрөспүүбүүкэҕэ, эйиэхэ-миэхэ төһө туһалааҕый?

Аны туран, кэнэҕэскитэ диэн баар. Бу дьон үксэ Арассыыйа гражданствотын кыайа-хото ылаллар. Ол хайдаҕый?

***

Ол эрэн, баары баарынан этиэххэ наада. Кыларыйар кырдьыгы.  

Арассыыйаҕа бүтүннүүтүгэр да, сахаларга да оҕо төрөөһүнэ олус элбэҕэ суох. Ол эбэтэр, кэскилэ суох нэһилиэнньэ буолабыт. Оттон судаарыстыбаҕа кэскиллээх норуот наада. Элбэхтик оҕолонор, саллааттары, үлэһиттэри төрөтөр, иитэр, улаатыннарар, бэлэмниир нэһилиэнньэ. Оттон сылтан сыл, күнтэн күн сааскы хаар курдук уостан иһэр норуот туох кэскиллээх буолуой?

Аҕыйах сыллаахха диэри “мировой правительство” диэн тылы туттар киһини күлүү гыналлар этэ. “Бу да киһи конспирологиянан үлүһүйэҕин дуо?” – диэн буолара. Оттон билигин ити өйдөбүл политологтар тылларыгар-өстөрүгэр бигэтик киирбит курдук. Санаан да көрдөххө, киһи-аймах историята барыта “саагыбарга” олоҕурар эбээт. Куомуннаһыыга. Баһаарга үс атыыһыт баар буолла да, сыана тула куомуннаһа охсоллор. Оттон аан дойду валютатын бас билээччилэр, аан дойдутааҕы бааннар, транснациональнай хампаанньалар хаһаайыттара аан дойдуну үллэстэр, тыырсар туһунан, ама, куомуннаспаттара буолуо диэн акаары эрэ киһи итэҕэйиэн сөп. Атааннаһыы баар буолуо эрээри, куомуннаһыы син биир баар.

Ол эбэтэр, судаарыстыбалар, баҕар, судаарыстыбалар үрдүлэринээҕи структуралар сорудахтарын толороллоро буолаарай? Көлбөҕүрбүт, онуоха эбии үөрэхтээҕимсийэн олус тылбай-өспөй буолбут нэһилиэнньэни атын дьонунан солбуйуохха диэн. Александр Зиновьев социологияҕа уустук соҕус өйдөбүлү киллэрэн турар: “сверхобщество”. Киһи-аймах сайдыытын үһүс түһүмэҕэ: предобщество, общество, сверхобщество. Биири өйдүөххэ наада: сверхобщество кэккэтигэр билигин баар “обществолар” бары киирбэттэр. Конкуренция, табаарыстар!

 Суолласта – СУР.

Поделиться
%d такие блоггеры, как: