От ыйын 21 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Мэҥэ Хаҥалас улууһа» муниципальнай оройуон баһылыга Николай Старостин уонна Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев 10 хайысхаҕа бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһии түһэристилэр.
Сөбүлэһии сүрүн ис хоһооно тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар туһаайыллар. Улууспутугар оттооһуҥҥа Дьокуускай куорат көмөлөһүүтэ, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар үлэһиттэр күннэригэр Дьокуускай куорат дьаһалтатын уонна айар кэлэктииптэрэ тахсан кытталларын ситиһии итиэннэ Дьокуускай куорат тэрилтэлэригэр сайаапкаларынан Мэҥэ Хаҥаласка оҥоһуллубут бэйэ бородууксуйатын батарыы, дьаарбаҥканы тэрийии туһунан кэскиллээх соруктар туруорулуннулар.
Бииргэ үлэлэһии үтүө түмүктэри аҕаллын диэн баҕарабыт.
Сигэ: “Эркээйи”
Сиһилии: https://xn--h1abcx8dca.xn--p1ai/article/18129
Похожие новости
Продолжается реализация мероприятий по реконструкции аэропортового комплекса в Усть-Нере
“Фу, ты на русскую похожа”: Власть экономит на русских пенсиях, чтобы баловать мигрантов. А они придумали отмазку от СВО
В ГАИ публично отчитали олекминского водителя за езду по берегу, хотя обещали не выкладывать видео. Теперь Сергей Тахватулин хочет обратиться в суд