Күн бэҕэһээ Ил Дархан Бырабыыталыстыбаны уонна парламены кытта мунньаҕар тыа хаһаайыстыбатыгар үбүлээһини 2 млрд 600 тыһ. солкуобайынан үрдэтэргэ эттэ.
Маны бу эйгэҕэ үлэлии сылдьар дьон бэркэ сэҥээрэ уонна астына иһиттилэр. Мария Никитина төрөөбүт Бөтүҥэр хаһаайыстыбаҕа харыс да сири халбарыйбакка үлэлээбитэ 40-тан тахса сыл буолла. Бу сыллар тухары кини ыанньыксыттаан, 32 сыл устата осеменатордаан бастыҥ үлэһит аатын ылан кэллэ. Хас да төгүл улууһун чиэһин осеменатордар күрэхтэригэр көмүскээн турар. Билигин кини олоҕун анаабыт “Бөтүҥ” хаһаайыстыбатыгар икки ферманан старшайдыы сылдьар.
“Кэнники сылларга тыа хаһаайыстыбатын салаата сайдарыгар салалта өртүттэн болҕомто ууруллар буолла диэххэ наада. Ол туоһутунан араас бырагыраамалар киирэннэр эстэ сыспыт хаһаайыстыбалар атахтарыгар турдулар, сыллата саҥа аныгылыы көрүҥнээх хотоннор үлэҕэ киирэллэр. Биһиги эмиэ оннук бырагыраамаҕа хапсан эргэ мас хотонтон саҥа хотоҥҥо киирэр үөрүүтүн билбиппит хас да сыл буолла.
Бэҕэһээ Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев тыа хаһаайыстыбатын салаатын сайдыытыгар, бэйэ бородууксуйатын үрдэтиигэ диэн 14 млрд солкуобайтан тахсаны көрөргө диэн эппитин истэн биһиги биир да өрөбүлэ суох үлэлии сылдьар дьон астынныбыт. Кырдьыга да бу салаа сайыннаҕына эрэ сибиэһэй, туох да буортута суох бэйэбит оҥорбут бородууксуйабыт элбиир буоллаҕа дии. Бэйэбит сүөһүлээх-астаах эрэ буоллахпытына тыыннаах буолуохпут. Аны биир киилэ үүтү 50-тан 60 солкуобайга диэри үрдэтэргэ диэн этиитэ эмиэ үппүт-харчыбыт үрдүүрүгэр эрэли үөскэтэр”, – диэн Мария Никитина санаатын үллэһиннэ.
Источник: UlusMedia
Похожие новости
В приюте животных Якутска рассказали, как нападение собак на ребенка в Чульмане отразилось на работе организации
Последнее еврейское предупреждение: почему Израиль медлит с ответным ударом по Ирану
Пал смертью храбрых. На СВО его звали “Монгол”