Сорох ардыгар араас санаа киирэр. Холобур, эһиэхэ “олигархтар” төһө наадалаах дьонуй? Уопсайынан, кинилэр туох туһалаах дьонуй диэн боппуруос турдаҕына хайдаҕый? Биирдэ ылан көрдөххө, Сэбиэскэй сойуус эстээһинин кытта “кылаассабай атааннаһыы” диэн суох буолбута дииллэрэ төһө сөптөөҕүй? Мин, биир бэйэм, саарбахтыах курдукпун.
Оннук, бу сымыйа куолу. Былыр былыргыттан, үйэлэртэн үйэлэргэ дьон-сэргэ туох иһин мөхсөн кэллэ? Баара-суоҕа, аһыыр ас, таҥнар таҥас, салгыы баай-дуол, үп-харчы туһугар. Айылҕа баайын бас билиигэ тиийэ. Ол эбэтэр, ымсыы санаа туһугар. Бэйи тохтооҥ, оттон айылҕа баайа норуокка, дьоҥҥо-сэргэҕэ барытыгар туһалыахтаах диэн буолбатах дуо? Ол-бу конституцияҕа сигэммэккэ, таҥараҕа тиийдэххэ? Тоҕо ханнык эрэ Абрамович айылҕа баайын дьаһайыахтааҕый, онтон иһэ тотон ханнык эрэ Великобританияҕа футбол кулуубун атыылаһыахтааҕый, дьиҥэ, туохха да туһата суох футболистары мөлүйүөнүнэн дуоллар хамнас төлөөн көччүтүөхтээҕий? Ол кимиэхэ эрэ наада дуо, холобур, отчут-масчыт саха киһитигэр? Мин санаабар, кимиэхэ да наадата суох.
Ноосфера дуу, некросфера дуу?
Онон тугу этиэхпин баҕарабыный? “Кылаассабай атааннаһыы” син биир былыргытын курдук “чөкө” баҕайытык чөл сылдьар. Туга да уларыйбакка. Арай албыннааһын баар: баай-дьадаҥы диэн арахсыы суох, куһаҕан “американецтар уонна кинилэр сателлиттара” бааллар диэн. “Киһини көлөһүннээччи”, айылҕа баайын супту уулааччы диэн суох, “ислам террористара” бааллар. “Уоруйахтар, хоруупсуйа хоруоллара суохтар”, эйигиттэн килиэпкин былдьаһар ыалларыҥ бааллар. Кэлии дьон — кыргыстар, узбектар, хохуоллар уонна бэйэҥ ыалыҥ уйбаан-ньукулай-арамаан аймах.
Бу отой сымыйа! Баай уонна дьадаҥы охсуһуута, ол эбэтэр, “кылаассабай атааннаһыы” таас үйэ саҕана баалкылаах сүүрэ сылдьарбыт саҕана да баара, билигин да баар. Кыра-хара дьон, Америка буоллун, Африка буоллун, Саха сирэ, Арассыыйа буоллун биирдэр, биир кыһалҕалаахтар. Ол аата, хаһан баҕарар бэйэ бэйэлэрин өйдөһөр кыахтаахтар. Оттон баай уонна дьадаҥы хаһан да өйдөспөттөр — үйэ-саас тухары “сытый голодного не разумеет”.
Ол иһин норуоту албынныахха, ньүдьү-балай оҥоруохха наада. Ону-маны ыйдаҥардыбатын курдук. Суох, “чыып-чаап” диэхтэрин сөп — ыйан биэрбит хайысхаларынан. Кимнээх эрэ “онно тиийэҥҥит ууга-уокка түһүҥ” диэн эппиттэринэн балаппаайданан тиийэн былаҕайга былдьатарбыт курдук.
Тоҕо диэтэххэ, аатырдар дэмэкирээтийэлэрэ онно олоҕурар. Саамай сөпкө этэллэр: “Дэмэкирээтийэттэн ордук бөрөстүүпүнньүктэр тутулларын булуоҥ суоҕа”. Манна эмиэ сымыйа куолу баар: дэмэкирээтийэ (“демос” былааһа) үчүгэй, охлократия (“толпа” былааһа) куһаҕан. Дьэ, “демос” ол “толпаттан” туох атыннааҕын ким чопчу ыйан биэрэр кыахтааҕый? “Демос “ иһигэр “толпа” киирбэт дуо? “Толпа” иһигэр “демос” кыбыллар кыаҕа суох дуу?
Бырастыы гыныҥ, дэмэкирээтийэни да, охлократияны да “кэлэктиип” солбуйуохтаах.
Кэлэктиип диэн тугуй? Туох эрэ биир сыаллаах-соруктаах, биири айарга-тутарга анаммыт түмүү.
Ол эбэтэр, “толпа” — мас акаарылар түмсүүлэрэ, кэлэктиип — өйдөрүн-санааларын биир сыалга-сорукка туһаайбыт, ол туһугар айар-тутар сорунуулаах дьон түмсүүтэ.
Кэлэктииби биһиги бука-бары ханнык эрэ аҕыйах ахсааннаах дьон түмсүүлэрин курдук саныыбыт. Тэрилтэ кэлэктиибэ, оскуола кэлэктиибэ, “коллегиальнай быһаарыы”. Оттон “коллегиальнай быһаарыы” диэн тугуй? Бу дьиҥнээх норуот таһаарбыт быһаарыыта.
Ол эбэтэр, кэлэптиип диэн, туох-ханнык иннинэ, өй-санаа түмсүүтэ. Улуу Вернадскай “коллективный разум” диир өйдөбүлэ.
Дьиҥэ, маннык тутулга биһиги олорон ааспыт дьоммут. Холобур, Арассыыйа импиэрийэтэ 1917 сыллаахха имири сотуллубутун, гражданскай сэрии урусхалын, ол эбэтэр, Сталин эппитинэн, “100 сыллаах хаалыыны” Сэбиэскэй сойуус баара-суоҕа 10 сыл иһигэр туохха олоҕуран ситиспитэ буолуо дии саныыгытый? Бүтүн Европа күүһүн-күдэҕин түмпүт Германияны утары алдьатыылаах Аҕа дойду сэриитигэр хайдах кыайбытай? Ол кэнниттэн урусхалламмыт дойдуну, экэниэмикэни хайдах курдук чөлүгэр түһэрбитэй?
Барыта норуот өйө-санаата биир сыалга-сорукка түмүллүбүтүн, Вернадскай этэрин курдук биир “кэлэктиибинэй өйгө-санааҕа” киирбитин түмүгэр.
Маны идеология да диэххэ сөп, “сырдык саҕахха итэҕэл” да диэххэ сөп. Ол эрэн, биһиги эһэлэрбит-эбэлэрбит билиигэ-көрүүгэ, айыыга-тутууга, кыайыыга-хотууга дьулуурдарын биир “коллективнай разум” өйдөбүлүнэн быһаарыахха сөп.
“Кэлэктиибинэй өйү-санааны” хайдах үрэйбиттэрэй? Аан бастаан ССКП XX сийиэһигэр. Сөптөөх суолунан баран иһэллэригэр биһиги эһэлэрбит-эбэлэрбит онно аан бастаан саарбахтаабыт буолуохтаахтар дии саныыбын. “Эрэпириэссийэ”, ол эбэтэр “кыа хаан үллүктээх” сайда сатыыр эбиппит диэн бэйэни итэҕэстик сананыы (комплекс неполноценности) эмиэ онно үөскээтэҕэ. Ол кэнниттэн саҕаламмыт халы-мааргы дьаһаллар, бөдөҥсүтүүлэр, ол-бу туһата суох “совнархозтар”, тыа хаһаайыстыбатын эһии, Новочеркасскай куоракка ас-үөл татымсыйбытын утары миитиннии тахсыбыт дьону ыттыы ытыалааһын — бу барыта саарбахтааһыны үөскэппиттэрэ, “кэлэктиибинэй өйү-санааны” үрэйэргэ үлэлээбиттэрэ саарбахтаммат. Салгыы Хрущев эрэннэрбит “1980 сылга тутуллуохтаах хомуньууһума” бүтэһиктээх охсуу буоллаҕа.
Оттон билигин баһылаан турар аан дойдутааҕы систиэмэ туохха олоҕурарый? Киһи ымсыы-обот, иҥсэ-мэнэгэй айылгытыгар! Оттон ымсыы-обот туохха олоҕурарый? Охсуһууга, өлөрсүүгэ. Син биир хаһан эрэ өлөрсүүгэ тиийиэхтээх.
Онон, табаарыстар, тойоттор уонна хотуттар, бэйэҕит билиҥ, хайа диэки дьулуһаргытын, өркөн өй эйгэтигэр — ноосфераҕа дуу, өлөр өлүү эйгэтигэр — некросфераҕа дуу?
Суҥхарда — СУР.
Похожие новости
Глобализатордар үлэлэрэ: Саха омук төрүөҕэ төннө турар…
Кто из чиновников отважится подышать техническим кислородом?
“КлиКра сокуона”: Дьон быһаарар, ону Ил Түмэн бигэргэтэр!