Yakutians.com

Новости Якутии

КОВИД-19 уонна төрүөх төннүүтэ

Аан дойду үрдүнэн айаатаабыт дьаҥы вакцина бохсуо дэһэбит. Бэрт этэ эрээри, бу ыарыы өтөрүнэн ааһан-араҕан биэрбэтэ буолуо диэн баар. Ол курдук, коронавирус ыйга иккитэ дьүһүн кубулуйар (мутирует) дииллэр. Ол ыарыы тарҕаныытыгар улаханнык дьайбат буоллаҕына, хата, учуонайдар ханна уларыйбытын, ханна сыҕарыйбытын кэтээн көрөллөрүгэр табыгастаах үһү. Били, этэргэ дылы, куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат…

Ыарыы саамай улаханнык демографияҕа, ол эбэтэр, киһи-аймах төрүөҕэ тахсар төрдүгэр охсоро биллэн турар. Бэйэҕит билэҕит, демография биир саамай төһүү көрдөрүүтүнэн дьон үллэр үйэтин, саллар сааһын уһуна буолар. Ортотунан. Ханна сайдыы баарый, ханна олох-дьаһах төһө хааччыллыылааҕый, төһө байылыатый да, онно дьон үйэтэ уһун диэн буолар. Икки суол көрдөрүү – оҕо төрөөһүнэ уонна дьон үйэтин уһуна. Бэйэ бэйэлэриттэн улахан тутулуга суох көрдөрүүлэр диэххэ наада.

Баар быһыы-майгы…

Биллэрин курдук, ханна байылыаттык, ол эбэтэр уһуннук олороллор да, онно оҕо төрөөһүнэ мөлтөх. Оттон ханна дьадаҥытык, ол эбэтэр кылгастык олороллор да, онно дьахталлар элбэхтик төрүүллэр. Дьиҥэ, бу омуктар уратыларын собус-соруйан намтата сатыыр сыаналааһын. Итиннэ ыстатыйа бүтүүтүгэр төннүөхпүт.

Норуот айылҕатынан эбиллэр сүрүн көрдөрүүтүнэн “оҕолонуу суумаламмыт коэффициена” буолар – “суммарный коэффициент рождаемости”. Бу дьахтар 15 сааһыттан 49 сааһыгар диэри ортотунан төһө оҕону төрөтүөхтээҕэ.

Бу көрдөрүү 2,1-тэн намыһах буоллаҕына, ол аата норуот айылҕатын быһыытынан эбиллэр кыаҕа суох. Сахалыы эттэххэ, төрүөх төннөр көрдөрүүтэ.

Ааспыт сыл түмүктэрэ сыл аҥаарынан тахсаллара буолуо, оттон 2019 сылга бу көрдөрүү Арассыыйаҕа 1,6-ҕа тэҥнэспит. Даҕатан эттэххэ, Таджикистаҥҥа – 3,6, Киргизияҕа – 3,3, Казахстаҥҥа, Туркменияҕа – 2,8, Узбекистаҥҥа – 2,4 буолбут. Монголлар аан дойдуга 64-с көрдөрүүлээхтэр – 2,9.

Оттон сахалар барахсаттар хайдахпытый? Уһук Илиҥҥэ куһаҕана суох туруктаахпыт дэһэбит даҕаны, дьиҥэ, аар Арассыыйа хайдах туруктааҕый да, оннукпут. Төрөөһүн суумаламмыт коэффициенэ 2019 сыл түмүгүнэн биһиэхэ 1,82 буолбут. Ол эбэтэр, төрүөх төннөр көрдөрүүтүгэр тиийбиппит быданнаабыт.

Арассыыйаҕа түөрт эрэ эрэгийиэҥҥэ норуот айылгытынан эбиллэр кыахтаах: Ненецтэр автономнай уокуруктара – 2,17 (чуут-чаат диэбит курдук), Чечня – 2,58, Алтай өрөспүүбүлүкэтэ – 2,11, Тыва өрөспүүбүлүкэтэ – 2,72.

Бэйэбит курдук “кэтит сирэйдээх” ыалларбыт бүрээттэр биһигини баһыйбыттар – 1,89. Мусульманнарбыт диэн аатырынар татаардар уонна башкирдар Арассыыйа уопсай көрдөрүүтүттэн мөлтөх төрүөхтээхтэр: туһааннааҕынан 1,54 уонна 1,51.

Ол эбэтэр, Арассыыйа, ол иһигэр сахалар, ахсааннарын миграннар суоттарыгар элбэтэ сатыыр европалары кытта тэҥ кэриэтэбит.

Оҕо төрөөһүнэ хайдаҕын илэ көрүөхххэ. Дьэ, сылларынан маннык буолбут:

2015 – 16 345 оҕо;

2016 – 15 352;

2017 – 13 996;

2018 – 13 191;

2019 – 12 819;

2020 – 11 924.

Дьэ, кыра омукка “ат хаамыытынан” аҕыйаан иһэбит диэххэ наада. Ковид охсуута манна өссө көстө илигин бэлиэтиэххэ. Ол курдук, 2020 сылга тоҕус ый анараа өттүгэр “оҥоһуллубут” оҕолор төрөөтөхтөрө.

Оччотугар, ыал буолуу хайдаҕын көрөр сөп: 2020 сылга 4 112 ыал үөскээбит. Тэҥниир буоллахха, 2019 сылга – 5 634. Балтараа тыһыынчанан аҕыйах ыал үөскээбит!

Биллэн турар, оҕону ыал буолбакка сылдьан эмиэ оҥороллор эрээри, ол даҕаны аҕыйаабыта буолуо оҥоробун. Эдэр дьон мустар кулууптара, тэрээһиннэрэ-тусовкалара быйыл үлэлээбэтилэр, ыһыахтар уонна да атын тэрээһиннэр буолбатылар. Хаарчахтааһын кыралаан да буоллар “көрсүүлэһиигэ” охсубут буолуохтаах.

Арай, дьиэҕэ хаайыллан сытар “оҕо оҥоруутунан” күүскэ дьарыктаныы барбыт буоллаҕына эрэ! Эрэл улахана суох да буоллар.

Ааспыт сылга омук дьонун кытта ыал буолуу уопсай ыал буолуу ахсаанын 6,1 бырыһыаныгар тиийбит – 390.  Нуучча да, саха да кыргыттара саамай үгүстүк Таджикистан дьонугар тахсаллар эбит. Бу ыаллартан төрөөбүт оҕолору саха ахсааныттан саарбахтааһына суох сотон кэбиһиэххэ наада. Тоҕо диэтэххэ, бу омуктар оҕолорун кимиэхэ да биэрбэт дьон.

Ол эбэтэр, КОВИД-19 хамсыга демографияҕа охсуута улахан буолара күүтүллэр.

Ол да буоллар, дьон-сэргэ, этэргэ дылы, “этэ үөрэнэн” бардаҕын аайы сөптөөхтүк дьаһаныа диэн баар.

Куһаҕантан үчүгэйин көрдөххө…

Дубай бастакы эмира шейх Рашид II тыллара аар-саарга биллэллэр: “Мин эһэм тэбиэнинэн сылдьыбыта, мин Мерседеһинэн сылдьабын, уолум Лэнд Ровер массыынанан сылдьар, уола Лэнд Роверынан сылдьыаҕа, оттон кини уола тэбиэнинэн сылдьар буолуоҕа”.

Бу норуотун өлбөт үөһүн туһунан тыллар. Ол өлбөт үөһэ ханна сытарый? Төрүт сиригэр-уотугар, төрүт үгэстэригэр, сиэригэр-туомугар, төрүт дьарыгар. Норуот сайыннаҕын аайы төрүт үгэстэригэр төннөн иһиэхтээх.

КОВИД-19 эрэ буолуо дуо, “төрүү турар” сыстыганнаах ыарыы арааһа биһигини төрүт дойдубутугар төннөрө сатыыр. Бука бары куоракка симиллэн “уһун соннонуоххут суоҕа” диир. Төрүт буоргутугар төннүҥ, сүөһүтэ ииттиҥ, сири-уоту оҥостуҥ, “сиргэ сытар аһы төҥкөйөн ылан аһааҥ” диэбитин тэҥэ.

Биллэн турар, ыарахан. Манна даҕатан этэр буоллахха, шейх Рашид II этиитин бэрт кылгастык тойоннууллар: “Үтүө кэмнэр мөлтөх дьону үөскэтэллэр, ыарахан кэмнэр боотурдары төрөтөллөр”. Ол аата, төһө-хачча боотур дьонноохпутун ааҕынан көрөр күммүт-дьылбыт кэллэ. Ыарахаттартан чаҕыйбат үлэ хоһууттарын.

Оттон үөһэ этиллибиккэ төннөн кэллэххэ маннык.

Биллэн турар, эҥинэ дойду эгэлгэтэ элбэх буолуо эрээри, оҕо төрөөһүнэ астан-таҥастан букатын тутулуга суох. Оҕону төрүт сиэри-майгыны, төрүт үгэһи тутуһар дойдуларга эрэ элбэхтик төрөтөллөр. Кимин билинэр эрэ норуот. Сахабын дэнэ сылдьан, ханарытан этэллэрин курдук, “Париһы көрөн баран өллөрбүн” дии сылдьар дьахтар хаһан да элбэх оҕолонуо суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, хаҕа эрэ саха.

Маны санааҥ: 2019 сылга оҕолонуу суумаламмыт коэффициена, этиллибитин курдук, Саха сиригэр 1,82 буоллаҕына, куораттарга – 1,58, тыа сиригэр – 2,48. Төрүөх-ууһуох кыыс-аймах үксэ куораты булбутун үрдүнэн, саха омугу тыа сирэ эрэ салгыыр.

Суолласта, сурукка тистэ – СУР.  

Поделиться
%d такие блоггеры, как: