Оччото суох быһыы – коронавирус хаһан да сүппэт, онон саҥалыы олорорго, дьаһанарга үөрэниҥ дииллэр. Хайыаххыный, киһи-аймах үйэлэр тухары олоҕун-дьаһаҕын үөскээбит быһыыга-майгыга сөп түбэһиннэрэн баччаҕа кэллэҕэ.
Коронавирус букатыннаахтык кэлбитэ саарбахтаммат быһыылаах. Бу иннинэ ааҥнаан ааспыт, киһи бөҕөтүн сиэбит ыарыылар даҕаны букатыннаахтык сүппүттэрэ диир кыах суох курдук. Сөптөөх быһыыга-майгыга, дьон-сэргэ кыаммат-хотуммат, судаарыстыбалар айгырыыр, доруобуйа харыстабылын ситимэ мөлтүүр кэрчик кэмнэригэр хантан эрэ хат күөдьүйэн тахсар адьынаттаахтар. Холобур, саханы эһэ сыспыт сэллик 90-с сылларга сэтэрээбит буоллаҕына, билигин даҕаны сэллии илик диэн буолар. Онуоха сөптөөх дьаһаныы суоҕа атахтыырын туһунан этэллэр. Холобур, аһаҕас “үөннээх” (Кох палочкалара) ыарыһахтар дэмэкирээтийэнэн туһанан мээнэ сылдьаллара баар суол. Автобус буоллун, араас түмсүүлэр буоллуннар хахсыйыы! Биир өттүнэн киһини ыарыһаххын диэн хайдах хаайан кэбиһиэххтиний эрээри, кини ыһыахтанар “үөннэрин” хаба тардан ылыан баҕалаах аҕыйах буолуохтаах. Мөлтөх иммунитеттаах, аһаах дьон саатар эрэ диэбиттии ыалдыахтарын сөп эбээт.
Коронавирус саамай күүстээх охсуута – дьону дьонтон, аймахтары аймахтан, оҕону төрөппүттэн араарар “абааһылыы аналлаах”. Мин билэрбинэн, оҕолорун-сиэннэрин, бииргэ төрөөбүттэрин көрбөтөхтөрө эбэтэр чугастык алтыспатахтара, сахалыы сылаастык сылласпатахтара сылтан ордубут дьон аҕыйаҕа суох. Маны киһи бастаан эрэ сытыытык ылынар кэмэлдьилээх, барыны бары кэм-кэрдии эмтиир, онон туох барыта сыыйа мүлүйэр. Ол үгэскэ кубулуйдаҕына киһи дьонтон уонна дьонуттан тэйэрин улахаҥҥа уурбат буолан хаалыан сөп. Ити “атомизация общества” диэн либэрээллэр улахан ситиһиилэрэ буолар. “Атомнарынан” арахсыбыт уопсастыбаны хайдах баҕарар дьаһайыахха сөп. Манна диэн эттэххэ, быыбардарга элбэх бэлитиичэскэй баартыйаны соҥнооһун эмиэ “атомизация” көрүҥэ буолар.
“Атомизация” салгыыта – индивидуализм. “Соҕотох эрээри, көҥүл киһи”. Нарциссизм. Оттон “нарцисс” киһи саамай ураты майгыта – эгоизм. Бэйэ эрэ иннин көрүнүү. Санаан көрүҥ, барыта эгоистартан турар уопсастыба тугу ситиһиэн сөбүй? Саамай сөп – диктатураны. Либэрээллии, атыннык эттэххэ, “буржуазнай диктатура” саамай ситиһэ сатыыра бу буолар – соҕотох акаары! Хайдах баҕарар “муннуттан сиэтиэххэ”, “үүрбэ сүөһү” оҥостуохха сөп.
Дьэ оччотугар, ол индивидуалист-нарцисс-эгоист хайдах буолуохтааҕый? Эттим дии, “акаары” диэн. Дар акаары буолуохтаах. Ол наадатыгар тугуй? Үөрэхтээһини көрүнньүк эрэ оҥоруохха!
Күн бүгүн “уопсай үөрэхтээһин” оскуолара, ол аата оҕоҕо барытыгар анаммыт оскуолалар, баһаалыста, бука бары харантыыҥҥа хааллан сыталлар. Ыраахтан (дистанционнай) үөрэтии. Ыраах аата ыраах – оҕо сэргэстэһэ “түннүккэ” тугу арыйан олорорун учуутал хантан билэр? Баҕар, оонньуу олороро буолуо.
Интернет экспертэрин үгүстэрэ (либэрээллии ресурсалар “сүбэһиттэриттэн” уратылар) “дистанционнай” үөрэхтээһини сирэллэр, сорохтор быһаччы “дебилизация” диэн ааттыыллар. Биллэн турар, барыта оҕоттон тутулуктаах эрээри, биһиги оҕолорбут баһыйар үгүстэрэ дьоһуннарын тута иликтэрэ саарбахтаммат. Оҕо аата оҕо.
Биллэн турар, барыта санитарнай-эпидемиологическай туруктан тутулуктаах дииллэр.
Онуоха биһиги оскуолаларбыт “үйэлээх” пандемия ирдэбиллэригэр эппиэттээбэттэрэ сыттаҕа эбээт. Кылаастары тус туһунан араартааһын, перемена кэмигэр кылаастар бэйэ бэйэлэрин кытта алтыспат усулуобуйаларын олохтооһун… Биллэн турар, кыаллыбат. Туох да сүрдээх улахан, лиҥкинээбит оскуола буолуон наада.
Оттон коронавирус үйэ-саас тухары кэлбит буоллаҕына хайыыбыт?
Манна ТХНЧИ дириэктэрэ, РНА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ Леонид Владимиров эппитин санаан кэллим: оҕолору сайын үөрэтиэххэ диэн.
Оччотугар тугуй?
Бастатан туран, сайын, күн уота күүскэ тыгар кэмигэр вирус дьайыыта мөлтүүр дииллэр. Ыарыы сайын хаптайарын билэ-көрө сылдьабыт. Ол курдук, быйыл сайыны быһа биир кэм туран үкчү Госдума быыбарыгар диэри намырыы сылдьыбыта эмиэ туспа дьээбэ диэххэ.
Сайын тыынар тыыннаах көтөрдүүн-сүүрэрдиин тиллэр. Киһи кыһынын “утуйар” хагдаҥ эһэлиин, моҕотойдуун, сайыны батыһан ыраах күрэнэр кынаттаах аймахтыын “айылҕа оҕото” буоллаҕа. Айылҕа иннигэр бары тэҥмит, бука, оҕо өйүн-санаатын кыһыҥҥы күннэр баттыыр буолуохтаахтар.
Иккиһинэн, оскуолалары тутуу тускулун уларытыахха наада. Баар оскуолалары кэҥэтии. Баларга сайыҥҥылыы тииптээх, чэпчэки конструкцияларынан эбии кылаастардаах, дьарыктанар, хаһаайыстыбаннай хостордоох сыһыарыылары тутуу.
Саҥа оскуолалары “пандемияҕа” сөп түбэһиннэрэн эмиэ быдан киэҥ буолалларын курдук бырайыактааһын. Билиҥҥи оскуолалар тутуллар сыаналарыгар “сайыҥҥы барыйааннары” төһө эмэ киэҥ-куоҥ гына курдук тутуохха сөп.
Санаан көрүҥ, бу оскуолалар кыһынын курдук куугуначчы оттуллубаттар, онон төһөлөөх үп кэмчилэнэрий? Электричествоны да сырдатыыга туһаныы аҕыйыыр буоллаҕа.
Үсүһүнэн, оскуолалар сайыҥҥы лааҕыр бириинсибинэн тэриллиэхтээхтэр. Оҕолор үрдүттэн олорон үөрэнэллэрин уонна сынньаналларын, физкультуранан дьарыктаналларын курдук. Тоҕо диэтэххэ, үгүс төрөппүт сайыҥҥы сынньалаҥҥа соҕуруу барыа, оччотугар оҕолорун хаалларар сирдэрэ бэлэм буолуо.
Саамай сүрүнэ, “биһиги оҕолорбут киэҥ билиилээх дьон буолуохтаахтар, Саха сиригэр хаһан да “дистанционнай” үөрэхтээһиҥҥэ букатыннаахтык көһүөхпүт суоҕа” диэн дьон-сэргэ иннигэр былаас эрэннэриэхтээх. Омукпут кэскилэ буоллаҕа.
Саха сирэ ураты дойду. Былыр былыргыттан саха киһитэ сайынын отун оттууругар өлөрүнэн мөхсөн баран, кыһынын сынньанар этэ. Биллэн турар, күннээҕи түбүк ханна барыай эрээри, оттооһун курдук быһымах быһыыга диэри күүс мунньунара.
Ол быһыытынан, саха төрөппүттэр уоппускаларын кыһыҥҥы өттүгэр ылаллара элбиэ этэ. Сорох ыарыы күүскэ күөдьүйэр кэмигэр – саас эбэтэр күһүн тыаҕа тахсан олорор курдук.
Туох да диэбит иһин, хамсык букатыннаахтык кэлбит буоллаҕына, биһиги эмиэ төрдүттэн атыннык дьаһаныахтаахпыт. Онуоха биир саамай тыын түгэн – үөрэхтээһин. Сорох дьон: “Кыра-хара киһи “таҥараны итэҕэйэр” буолла да сөп” – диэн куолулуурун истибэккэ.
Суоһар суолу сэрэтэн – СУР.
Похожие новости
Саха судаарыстыбаннаһа уонна кэриэйдэр
В России решили проверить жертв советских политических репрессий
Глобализатордар үлэлэрэ: Саха омук төрүөҕэ төннө турар…