“Ким доҕордоох, ол дьоллоох” диэн ырыа тылларын бары бэркэ билэбит. Күн бүгүн Арассыыйа “ньиэп сэриитигэр” кыайтарбытын туһунан, туох-ханнык иннинэ, бэйэбит либэрээл доҕотторбут үөрэн-көтөн өрөҥкөлөһөллөрүттэн билэ сылдьаҕыт. Дьиҥэ баара¸ ол туһунан айаатыыр эрдэ буолуон сөп — ким кыайбыта, ким кыайтарбыта билиҥҥитэ биллибэт. Туох да диэбит иһин, ОПЕК уонна Арассыыйа ньиэп хостооһунун кээмэйин кыччаттахтарын аайы АХШ элбэтэн иһэр нэгэй “киитэрэһэ” тохтоото. Билигин Путины кытта Трамп бэйэтинэн кэпсэтэн, Арассыыйа уонна ОПЕК дойдулара эрэ буолбакка, АХШ эмиэ ньиэби хостооһуну кыччатар буолла. Хата¸тылыгар туруо биллибэт да буоллар, бу ким кыайыытай? Мин санаабар, бастакы түһүмэххэ Арассыыйа кыайда. Бу сэрии ньиэп сыанатын иһин барар буолбатах, ньиэби атыылыыр ырыынагы кэҥэтии иһин барар. Онон салгыы көрөн-истэн иһиэхпит.
Дьэ, коронавирус дьаҥа ханнык дойду “реальнай”, ханнык дойду “креативнай” экэниэмикэлээҕин арылхайдык көрдөрөр буолуохтаах. Бу үлүгэр кэнниттэн аан дойду үрдүнэн хайдах да дьүһүннээх-бодолоох экэниэмикэ олохтоммутун иһин, инники күөҥҥэ син биир энергетика боппуруоһа сылдьыаҕа – ханнык да “IT ырыынага” буолбатах. Ол эбэтэр, ньиэп-гаас, “эйэлээх атом”.
Ойоҕоһунан тахсар
“Креативнай экэниэмикэ” туһунан төһө да мэнэрийиҥ, син биир тыл минньитиитэ эрэ буолуоҕа — сир баайын солбуйуо ыраах. Ыраата барбакка эттэххэ, 3D-принтерга саамай туттуллар АВС-пластик (акрилонитрилбутадиенстирол) ньиэптэн оҥоһуллар эбээт.
Төһөнөн “экология харыстабыла” диэн ааттаан “аныгы технологиялар” диэки дьулуһабыт да, соччонон “электроннай мусор” диэн эбии алдьархай бүрүүкүүр. Ол эбэтэр, компьютердар тарҕаммыттарын кэнниттэн пластик бөх-сах хас да төгүл эбиллибит — аан дойду иэнин быыһа суох нүдьүдьүрүтэргэ барбыт. Бу барыта ньиэп бородуукталара. Сытыйан-ымыйан сүтэн хаалар кумааҕы оннугар пластик бөх-сах.
“Энергетика хаттаан сөргүтүллэр источниктара” (возобновляемые источники энергетики — ВИЭ) диэн халы-мааргы бырайыак нөҥүө судаарыстыбалар экэниэмикэлэрин “сөһүргэстэтэ” сатааһын барар диэн уобалыыллара оруннаах буолуон сөп. ВИЭ олус сыаналаахтар, тоҕо диэтэххэ баларга сэдэх минераллар туттуллаллар — компьютердартан саҕалаан туох баар аныгы технологияларга барыларыгар Менделеев табылыыссата барыта туһаныллар. Оттон сэдэх минераллар атын матырыйааллары кытта булкуспуттарын иккистээн арааран ылан туттар кыаҕыҥ суох. Маннык булкаас металлар 1 %-рын кыайбаты эрэ иккистээн арааран ылыахха сөп диэн этэллэр. Күн батарыайалара буоллун, тыал генератордара буоллун — бу барыта сэдэх минераллар “кылабыыһалара”. Суруйалларынан, баларга урут туттуллубат эбэтэр бэрт дэҥҥэ туттуллар минераллар бараналлар эбит.
Аны туран сыаната сыттаҕа. Ону ньиэп сыанатынан тэҥнээн көрөллөр. Холобур, ньиэп бэйэҕэ турар сыаната баррель иһин 20 дуоллар буоллаҕына, дьэ, таҥара бэлэ±ҕин курдук олох саҕаланар. Персия хомотун дойдулара, Кувейт, Сауд Аравията уонна да атыттар ол иһин күннээбиттэрэ. Кумаҕы супту түстүҥ да, ньиэбэ бэйэтэ өрө тыган тахсар. Оттон ньиэп бэйэҕэ турар сыаната 40-50 дуоллартан намыһах буоллаҕына, быһата, “хамнас үрдүү турар” быһыыта-майгыта үөскүүр үһү. Оттон 40-50 дуоллартан үрдүк буолла да, ол тохтуур эбит. Даҕатан эттэххэ, Саха сирин ньиэбин бэйэҕэ турар сыаната бу саамай ыарахан кэккэҕэ киирсэр.
Оттон хаттаан туттуллар энергетика источниктарыгар бэриллэр субсидия кээмэйин баррель ньиэби кытта сөрүү туттахха 48 дуоллар тахсар эбит. Ону туоннаҕа таһаардахха — 351 дуоллар. Бу ВИЭ оҥоһулларыгар бэриллэр субсидия эрэ кээмэйэ. Дьиҥ ороскуота төһө буолуой оччотугар?
Анал идэтийбит дьон этэринэн, ВИЭ ньиэп-гаас уматыктарынан үлэлиир ситимҥэ көмөлтө эрэ быһыытынан үлэлиир кыахтаах. Букатыннаах солбуйуо ыраах — энергетика атын, “аптаах” источнига көстүөр диэри. Быһата, “вечнай двигатель” толкуйданыар диэри.
Уопсайынан, үгэс буолбут уматыктары “альтернативнай” уматыктарынан солбуйа сатааһын “ойоҕоһунан дьааһыйан” тахсар эбит. Холобур, Фукусима алдьархайын кэнниттэн атомнай станциялары тохтотуу түмүгэр таас чоҕу уматан түптэлэтии кээмэйэ 30,3% эбиллибит. Бу атомнай электростанциялар өлүүлэрэ баара-суоҕа 4,8% намтаабытын солбуйа сатааһын түмүгэр.
Эбэтэр бензины этанол уматыгынан солбуйарга холонуу түмүгэр кукуруза олордуутугар туох да кэмэ-кээмэйэ суох сир почвата өр сылларга туһаттан тахсыбыт.
Онон ньиэп-гаас бырамыысыланнаһын кэскилэ бу үйэҕэ сабыллыа суоҕа — саарбахтаамаҥ даҕаны. Этиллибитин курдук, аныгы технологиялар төһөнөн сайдаллар да, ньиэптэн оҥоһуллар пластиктары, сэдэх минераллары туттуу кэҥээтэр кэҥээн иһэр.
Туһата суох барыыбыт…
Саха сиригэр ньиэп-гаас баар сирдэрин өссө ааспыт үйэ 30-с сылларыгар геолог-учуонайдар кумааҕыга суоттаан сабаҕалаабыттара. Сыыһыахтара баара дуо, 1956 сыллаахха Бүтүн Арассыыйатааҕы геологоразведка билим-чинчийэр института (ВНИГРИ) Саха АССР сабаҕаланар ньиэп-гаас баайдаах сирдэрин бастакы каартатын оҥорон таһаарбыта. Оттон 1956 сыл алтынньы 15 күнүгэр Уус-Бүлүүтээҕи гаас баайдаах сир арыллыбыт буоллаҕына, уон сылынан ону өрөспүүбүлүкэ туһатыгар хостооһун саҕаламмыта.
Бу гаас ситимэ Саха сиригэр, Дьокуускайга таас тутуу саҕаланарыгар олук буолбута. Тутуу матырыйаалларын индустриятын энергиянан хааччыйыыга. Дьокуускайдааҕы ГРЭС, Покровскайдааҕы кирпииччэ собуота, тутуу матырыйаалларын собуота, Бэстээхтээҕи цемент собуота, Дьокуускайдааҕы тимир-бетон конструкциялар собуоттара уонна да атын тыын суолталаах эбийиэктэри тутууга. Бу барыта оччотооҕу обком бастакы сэкэритээрэ Семен Борисов туруорсуутунан, булгуруйбат дьулуурунан олоххо киирбит дьыала. Онон 50-с сылларга бастакы толору хааччыллыылаах таас дьиэлэр тутуллан барбыттара, Дьокуускайы кыбартаалларынан тутуу саҕаламмыта.
Көрөргүт курдук, оччотооҕуга да гааһы туох-ханнык иннинэ бөдөҥ туһанааччыларга холбуу сатыыллара. Гаас хостонор уонна турба ситимэ тардыллар ороскуотун түргэнник толуйар наада буоллаҕа. Оттон билигин гаас ситимэ тыа нэһилиэктэригэр тардыллар, ол эбэтэр, социальнай хайысхалаах өлүүтэ улаатар, оттон гааһы бөдөҥ туһанааччылар ахсааннара эбиллибэт. Салгыы маннык бардаҕына сотору гааһы хостооһун туох да барыһа суох буолуон сөп.
Ол курдук, Нерюнгри таас чоҕун хостоон, судургутук эттэххэ, сиэн-аһаан бүтэрдибит. Туох да сүрдээх үчүгэй хаачыстыбалаах кокстанар чоҕу сырье быһыытынан кыраныысса таһыгар атыылаан, уокка оттон кэбистибит. Дьиҥинэн, былаан быһыытынан, бу бырамыысыланнай оройуоҥҥа тимири уһаарар тиһик тутуллуохтаах этэ. Ол эбэтэр, сирбитин улахан туһата суох сүргэйбит буолан тахсабыт. Кэскилгэ анаммыт бырайыагы олоххо киллэрбэккэ.
Ол курдук, Аллараа Бэстээххэ баара-суоҕа техническэй испиири оҥорор собуот тутулларын утардыбыт, ол аата айылҕабыт баайа улахан туһата суох күдэҥҥэ көтөрүн кытта сөбүлэстибит. Онуоха эбии, “кэмчилиибит” диэн ааттаан дьиэлэри барыларын автономнай хочуолунайдаах тута сатыыбыт. Биллэн турар, хас биирдии дьиэ гааһы сиир хочуолунайдааҕа айылҕабыт баайын эбэн испэтэ чуолкай. Кыһын уулуссаҕа тахсан олоотоон көрдөххө, дьиэ барыта турбаламмыт, ол турба барыта буруоламмыт буолар. Ол уонунан-сүүһүнэн оһох биир кыбартаалынай хочуолунайдааҕар элбэх гааһы сиирэ чуолкай. Төһө да омук оһохторо буолбуттарын иһин.
Бастакы Орто Ботуобуйатааҕы ньиэп баайдаах сир 1970 сыллаахха арыллыбыта. Бу сир билигин да 70 мөл. туонна ньиэп, 180 млрд. кубометр гаас саппаастаах.
Ол кэнниттэн углеводород баай саппааһа лаппа хаҥаата. Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ ньиэп, айылҕа гааһа уонна гаас конденсата баайдаах 29 сир баара биллэр. Чинчийиллибит гаас саппааһа 2,3 триллион кубометр, хостонорго бэлэм ньиэп саппааһа 500 мөл. туонна диэн буолар.
Бу баай үксэ Саха сирин соҕуруу өттүгэр чинчийиллэн сытар. Анал идэлээхтэр этэллэринэн, айылҕа гааһын сабаҕаланар кээмэйин биэс гыммыт биирэ, ньиэп аҕыс гыммыт биирэ эрэ чинчийиллибит. Саха сирин хоту өттө тыытылла илик. Ону таһынан Хотугу муустаах акыйаан дьара уута баар эбээт.
Геологтар сабаҕалыыллар: Саха сиригэр 10 млрд. туонна ньиэп саппааһа, 12 млрд туонна (ньиэп эквиваленыгар таһаардахха) гаас саппааһа сөҥөн сытар. Бу сүүнэ улахан баай.
Улуу Кытай холобура
Экологизм сэрии сэбигэр кубулуйбута ыраатта. Судаарыстыбалар экэниэмикэлэрин харгыстааһыҥҥа уонна, бэл диэтэр, судаарыстыбалары эһиигэ.
Бастаан экологизм ньыматын 80-с сыллар бүтүүлэригэр Кытайга туһана сатаабыттара. “Янцзы! Янцзы!” — диэн этэ Тяньаньмэнь болуоссаттааҕы буун ыҥырар ыһыыта-хаһыыта. Онуоха Дай Цзин диэн суруналыыс дьахтар суруйбут ыстатыйата олук буолбута. Кытай бэлиитиктэрэ этэллэринэн, “псевдонаучнай” ыстатыйа.
Улуу Кытай салайааччылара мыр гымматахтара. Бууннааччыларга бэриммит Чжао Цзыян генеральнай сэкэритээри бүк-тах тутан дьиэ хаайыытыгар уган кэбиспиттэрэ (үйэтин онно моҥообута), бууннааччылары үрүө-тараа үрэйбиттэрэ уонна “Үс хапчаан” сүүнэ гидроэлектростанцияны син биир туппуттара.
Оттон биһиэхэ Горькайдааҕы уонна Петрозаводскайдааҕы атомнай элекростанциялары тутуу тохтотуллубута.
Кэскил киинэ
Көнөтүнэн этиэххэ наада: бу орто дойдуга судаарыстыба барыта үчүгэйдик олорор кыаҕа суох. Дэмэкирээтийэ буоллун, хомуньууһум буоллун. Тоҕо диэтэххэ, аан дойдуга барытыгар энергетика тиийбэт. Энергетика буолар — сайдыы хамсатар күүһэ. Ханнык да “креативнай экэниэмикэ” татым энергетикалаах дойдуга сайдыбат. Хостонор сир баайа суох судаарыстыбалар кимнээҕэр үчүгэйдик олороллор диигит дуу? Кырдьык, оннук баар эрээри, бу судаарыстыбалар бука бары доллары билэринэн “бэчээттиир” АХШ уонна Лондон “филиалларынан” буолаллар.
АХШ-гар аан дойду нэһилиэнньэтин 5 бырыһыана олорор буоллаҕына, аан дойду энергетикаҕа ресурсатын 50 бырыһыанын туһанар. Ол иһин кыахтаах, билиҥҥитэ.
Энергетиката суох дойду “аграрнай дойду” аатырар. Хаалынньаҥ, ханнык да “креативнай экэниэмикэ” быыһаабат дойдута.
Оттон ньиэп уонна гаас — бу харчы эрэ буолбатах, бу, туох-ханнык иннинэ, концентированнай энергия буолар. Энергия — хамсатар күүс.
Аан дойду экэнимэмикэтэ уонна Сир-ийэ баайа-дуола дьон-сэргэ ханнык эмэ араҥатын эрэ талыытык-талбатык хааччыйар кыахтаах. Ол араҥаны билигин “кыһыл көмүс миллиард” диэн ааттыыллар.
Онон дойду уопсастыбаннай тутула дьон олоҕо тупсарыгар туох да оруола суох. Африкаҕа хапыталыыһым, Америка Холбоһуктаах штаттарыгар хапыталыыһым. Америка Холбоһуктаах штаттарыгар дэмэкирээтийэ, Африкаҕа дэмэкирээтийэ. Олохторун таһыма биир дуо?
Энергетикалаах дойду хаһан баҕарар эмискэ сайдыан сөп. Санаан көрүҥ, ханнык энергетика көрүҥэ саамай чэпчэкиний? Биллэн турар, атомнай энергетика. Дьэ, ол иһин экологизм идеологиятын биир саамай сүрүн өстөөҕө — атомнай станциялар. Ол иһин туттарбат буола сатыыллар. Холобур, Иран Бушердааҕы атомнай станцияны тута сатыырыгар хайдахтаах курдук харгыстары туһаналларый? МАГАТЭ, бэлиитиктэр, дипломаттар, байыаннайдар — бука бары саба түһэллэр. Атомнай станцияны буолбакка, атомнай буомбаны оҥоро сатыыллар диэн балыйсыы атыыра.
Оттон Арассыыйа атомнай энергетикаҕа аан дойдуҕа инники күөҥҥэ сылдьар. Атомнай электростанциялар, атомнай ледоколлар, атомнай уматык. Ону кытта сэрии сэбэ.
Ол иһин Арассыыйа “кыһыл көмүс миллиард” кэккэтигэр хайаан да киирдэҕинэ сатанар. Атыннык эттэххэ, бастыҥнар кэккэлэригэр. Аны туран, манна ким да эйигин ыҥыран ылан киллэрбэт — күүскүнэн киирдэххинэ эрэ киирэҕин. Дьэ, ол иһин сэбилэниилээх күүстэри сайыннарыы, судаарыстыба интэриэһин хара күүһүнэн туруулаһыы барар. “Кыһыл көмүс миллиард” кэккэтигэр киирэр туһуттан.
Суолласта, сурукка тистэ — СУР.
Похожие новости
Саха судаарыстыбаннаһа уонна кэриэйдэр
Глобализатордар үлэлэрэ: Саха омук төрүөҕэ төннө турар…
Кто из чиновников отважится подышать техническим кислородом?