Бүлүү улууһун Сосновка сэлиэнньэтигэр Кэтт Марсден аатынан интернат-дьиэ саҥа корпуһа тутулунна. Ол туһунан көрүҥ – ыарыһах, кыаммат-хотуммат дьоммутугар анаан хайдахтаах курдук бары өттүнэн табыгастаах дьиэ тутуллубутун.
Бу дьиэ бастакы сыбаайата 2019 с. ыам ыйыгар вице-премьер Ольга Балабкина кэлэ сырыттаҕына түһэриллибитэ. Бу психоневрологическай интернат тутуутугар федеральнай киинтэн 264 мөл. солк. көрүллүбүтэ, оттон тутуу тендерин “Кинг-95” тэрилтэ кыайбыта уонна туруоруллубут соругу ситиһиилээхтик толордо.
Сосновкатааҕы интернат-дьиэни уһун кэмҥэ Василий Андреев салайбыта. Биир дойдулаахтара уонна ыарыһахтар улаханнык ытыктыыр киһилэрин – Илларионович аата билигин да умнуллубат. Киһи кэрэхсиэх, билигин аҕатын дьыалатын кини уола Петр Андреев салгыыр, интернат дириэктэринэн үлэлиир.
Сигэ: http://yakutians.com/
Похожие новости
В России решили проверить жертв советских политических репрессий
Глобализатордар үлэлэрэ: Саха омук төрүөҕэ төннө турар…
Кто из чиновников отважится подышать техническим кислородом?