Yakutians.com

Новости Якутии

Күн улууһун дьоно уонна Манчаары

Саха омук оһуор-бичик дьылҕата күн көмүс утахтарыттан турар. Күлүгүрэн ыла-ыла күлүмүрдээн кэлэр утахтартан. Көхсүттэн көнтөстөөх Күн өркөн ууһун көччөхтөрө, арҕаһыттан тэһииннээх Айыы-хаан аймахтарын оҕолоро. Sonnenmensch. Саха — күн киһитэ.

Төрүт дьон төрүөҕэ

Дьүһүммүтүнэн баҕас “белокурый бестия” буолбатахпыт. Ол эрэн, оннук уобараһы убаастыыбыт быһыылаах. Олоҥхо бухатыыра буолла да “саннын байаатынан охсуллар көмүс куударалаах” буолар. “Үүн тиэрбэһин курдук эриличчи көрбүт” кылдьыылаах харахтанар. Оннугун оннук даҕаны, былыргы дьон уҥуоҕун хаһан үөрэтэр идэлээх дьон этэллэринэн, уҥуохпут-арҕаспыт тыһыынчанан сыллааҕыта Саха сиригэр олорон ааспыт дьонтон букатын да уларыйбатах үһү. Чөмчөкөбүт уҥуоҕа төрүкүтүнэн сылдьар. Большой брахицефальный череп. Бэйэбит киэнэ.

Тылбыт, култуурабыт уларыйбыт, кэлии дьонтон киэптэммит. Түүр омуктан, монгуол, тоҥус тыллаахтартан. “Култуурунай дьоруой” Эллэй Боотуртан саҕалаан буолуо, бука. Хаһааҥҥы киһини кэпсииллэрэ буолуой ити? Бука, ыраахтааҕы киһи буолуо эбээт! Туох да диэбит иһин, аан дойдуну аймаабыт Чыҥыс Хаан аатыра илигинэ бу дойдуну булбут киһи буолуохтаах. Ол эбэтэр, өбүгэлэрбит халлаан хаһыс эрэ хаттыгар олохтоох Чыҥыс Хаан диэн айыы баарын билэллэрэ, оттон Чыҥыс Хаан диэн ааттаах сэрииһит баарын түһээн да баттаппат этилэр. Билэллэрэ буоллар ырыаҕа-тойукка, үһүйээҥҥэ-номоххо хайаан да ахтыа этилэр.

Чыҥыс Хаан. 13-15 үйэтээҕи кытай уруһуйа.

Эллэй иннинэ кэлбит Омоҕой баай баара. Сорох үһүйээҥҥэ этиллэринэн, Омоҕой дьоно Эллэйи бастаан көрсөллөрүгэр “омуккун дуу, өһүккүн дуу?” диэн ыйыталлар. Онуоха биирдэрэ: “Өһүкпүн, өһүкпүн!” — диэн хоруйдуур. Ол аата, уруулуу омукпун, аймахпын диир быһыыта.

Ол эбэтэр, Омоҕой да, Эллэй да бэйэ бэйэлэрин билсэр чугастааҕы омук дьоно буолан тахсаллар. Оттон Темучины кини тула мустубут улуустар дьонноро таҥараҕа тэҥнээн Чыҥыс Хаан диэн ааттаан тураллар. Оннук улуу таһымҥа тахсыбыт диэн. Ол эбэтэр, биһиги өбүгэлэрбит (кэлии өттүн сорҕото), баҕар, хаан уруулуу да буолбаталлар, Чыҥыс Хаан улуустарын кытта биир итэҕэллээх, чугастыы соҕус дьон буолан тахсаллар. Быдан эрдэ, Чыҥыс Хаан аатыра илигинэ бу дойдуну буллаллар даҕаны.   

Оттон түҥ былыргы олохтоох өбүгэлэрбититтэн, бадаҕа, илэ бэйэбит, дьүһүммүт-бодобут эрэ буолбакка, оһуордарбыт ордон хаалбыттар курдук. Омук оһуора уларыйбат үһү диэн буолар. Холобур, хаһан эрэ аайдаан сылдьыбыт арийдар “свастикалара” билигин да аан дойдуну аймыы сылдьар. Быһыыта, былдьаһык да курдук. Былыргы култуура ордон хаалбыт оһуора. Былдьаспакка, ким ааттаах-суоллаах арийдар удьуордара аатыра сатыа суоҕай! Биһиги да аймана сырыттыбыт — арий хааннаах үһүбүт диэн. Ону баара генетиктэр билиилэрэ-көрүүлэрэ кимэн киирэн истэҕин аайы ол “европалыы” удьуорбут утума оччоотор оччоон иһэргэ дылы. Бүтэһик чинчийиилэринэн дуона суох диэн буолла — арийдар оччолоох удьуор хааннара омук аайы баар үһү. Онон Сомоҕотто учуонай кырдьыга тахсан иһэргэ дылы.

Онтон санааргыыр диэн баар дуо! Сахалар: “Киһи төрдө биир” — дииллэрин саныахха уонна уоскуйуохха.  

Оттон биһиги маннааҕы төрүт омук буолабыт. Туох да саарбахтааһына суох. Билигин кэлэн киһи сонньуйуох курдук. Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар, бадаҕа, бастакы “дэмэкирэтиичэскэй” Үрдүкү сэбиэппит дьокутааттара “абориген” диэн тылтан өһүргэнэн төрүт олохтоох омук аатыттан аккаастанан тураллар. Тыл көҥүлэ көрүлээбит кэмэ буолан ону барытын ааҕа даҕаны, араадьыйанан даҕаны истэ сылдьыбыппыт. Биһиги аборигеннар буолбатахпыт диэн бигэтик этиллибитэ. Оччотооҕу дьокутааттар санааларыгар “абориген” диэн самахтарын сэбирдэҕинэн эринэн баран кутаа тула ыстаҥалыыр, бэрдэ чугастааҕы маһы сахсыйан аһыыр, куһаҕана “айанньыт Кук тойону” астаан-үөллээн дьүһүлэнэ сылдьар дьон буоллаҕа.

Онтон атын эбээннэргэ, эбэҥкилэргэ уонна да атын “аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарга” бэриллэр норуоттар икки ардыларынааҕы нуорманы-быраабы толору туһана сылдьар буолуохпутун сөп этэ.

Туох барыта аналлаах сиригэр төннөр, биһиги да төрүт омук аатыра сатыыр буоллубут. Кыратык хойутаан да буоллар. Санаан көрүҥ, бэйэбит “кэлии омук” аатыра сылдьан сирбитин-уоппутун кимнээхтэн көҥөнөр бырааптаах буолуохпутуй?

Sonnenmensch

Күн киһитэ. Супермен — сверхчеловек. Күн улууһун оҕолоро — Солнечные люди. “Солярнай” дьон.

Күн. Сылааһы, сырдыгы, олох күүһүн ыһар. Тугу барытын сырдатар, силигирдэр — бэйэтин ис сырдыгынан, ис сылааһынан, ис кыаҕынан.

Аан дойду үрдүнэн олоҕурбут үһүйээн быһыытынан оннук дьон олоро сылдьыбыттар — сырдык баттахтаах, күп-күөх харахтаах аарыма бухатыырдар. Күн кэриэтэ дьоруойдар. Хараҥа күүстэри, дьайы, дьыбары утары охсуһааччылар, абааһылартан Саас-сарыыссаны быыһааччылар, сырдыгы, сылааһы ыһааччылар. Абааһылар адаарыҥнас аармыйаларын кыргааччылар.

Кинилэри былыр былыргыттан, үһүйээн хоту буолуо, бука, бары үтүктэ сатыыллара. Бүтэһигин үтүктэ сатаабыт “улахан артыыһынан” Адольф Гитлер диэн дууса буоларын билэбит.

Ол эбэтэр, сырдыгы ыһааччы ким уонна хайдах буолуохтааҕын туһунан өйдөбүл араас буолар эбит. Улуу бөлөһүөктэр бу хайысхаҕа төбөлөрүн элбэхтэ сынньан тураллар. Үрүө-тараа гуманизм. “Кыыл дьоннор” — аллараа каста. “Таҥара дьоннор” — үрдүкү каста. Һэ, гуманизм туһунан Индияҕа баран кэпсээҥ. Ариецтар удьуордара ол дойдуга баар дииллэр.

Хайдаҕын да иһин, “традиция” дойдутугар дьон тэҥэ суох. “Кыра-хара” дьоннор бааллар, “үрдүк өһүөлээхтэр” бааллар. Омос көрдөххө, “үрдүк өһүөлээх” диэн улахан, үрдүк, мааны дьиэлээх, быһата, дыбарыастаах диэн өйдүөххэ сөп курдук. Оччотугар эмиэ төттөрү эргиллэн кэлэбит — кыра киһи санаатыгар оннук! Оттон киэҥ-куоҥ санаалаах киһи өйдүүр: “үрдүк өһүөлээх” киһи өйө-санаата үөһэнэн сылдьар, ол аата, таҥараны кытта ситимнээх. Үөһэ этиллибитин курдук, былыргы итэҕэлинэн аар-саарга аатырар кэскиллээх Темучин боотуру халлаан хаһыс эрэ хаттыгар олохтоох Чыҥыс Хааҥҥа тэҥнээбиттэрэ баар. Ол аата, киһи айыылар кэрдиистэригэр тиийэ сатыахтаах, онно дьулуһуохтаах! Арай Үрүҥ Аар тойон (Үрүҥ Айыы тойон дуу?) таһымыгар эрэ тиийэр кыаллыбат диэн буолар.  

Ол эбэтэр, былыргы итэҕэлинэн дьон тэҥэ суох. “Оннооҕор ойуур маһа улаханнаах-кыралаах” диэн буолар. “Суор оҕото суор, тураах оҕото тураах”. Бу каасталарынан арахсыы утаата.

Ону мүлүрүтэргэ “Авраамныы” итэҕэллэр толкуйдаммыттара диэххэ сөп эрээри… Эбэтэр дьон таҥаралар, айыылар кэрдиистэригэр дьулуспатын диэн дуу? Быһата, сайда сатаабатын, итэҕэл иһинэн биир кэм бүдүлүк сырыттын диэтэхтэрэ буолуо.

Таҥараны киһиттэн тэйитэр үөрэхтэр. Киһи таҥара буолар кыаҕа суох. Ханна эрэ ыраах, киһи санаата тиийбэт сиригэр соҕотох Таҥара баар диэн. Дьон барыта — Таҥара кулута (оҕолоро). Бары тэҥнэр. Онон чорбоҥноһумаҥ. Таҥараҕа биир эрэ киһи тэҥнэһэ сылдьыбыттаах — “өрүһүйээччи”. Быыһана сатаамаҥ, өссө да кэлэн быыһаталыаҕа. Эбэтэр оннугутун буллартыаҕа.

Ол эрэн, киһи “кулут” буоларын билэр буоллаҕына, онтон босхолоно сатыыр айылҕалаах. Син биир оннук дьоннор көстөллөр, тугу эрэ тобулаллар. Оттон омук таҥара “тапталлаах оҕотун” курдук сананар буоллаҕына, үйэтин-сааһын тухары албыҥҥа куустара сылдьыан сөп. Кулут буоларын билбэккэ. Ол иһигэр, холобур, таҥараны кытта “дуогабардаһыан” сөп — индульгенция атыылаһан.

Онон дьон барахсан син биир төннөн кэлэ турбут эбээт — “кыыл-дьон” уонна “таҥара дьон” өйдөбүлгэ.

Чэ, бу хааллын, хачаҥхалаах боппуруос — олус ыраах ычыкыҥҥа киирэн кыбыллан хаалыахха сөп.

Сахаҕа “sonnenmensch” — олоҥхо бухатыырдара. Хараҥа күүстэри, абааһылары утары охсуһааччылар, сырдыгы, дьолу-соргуну ыһааччылар.  

Оттон Манчаары туох соболоҥҥо эрэйи-муҥу көрбүтэй? Тоҕо саха дьоно Манчаарыны ырыаҕа-хоһооҥҥо хоһуйбутай? “Күн-ый буолар” киһиэхэ холообутай?

Саарбахтааһын суох, Манчаары — “sonnenmensch” бэрт ыраахтан кэлэр сыдьаайа. Ол уота киниэхэ бэйэтигэр баара, ол сылааһа дьоҥҥо-сэргэҕэ билигин да тиийэр.

Манчаары уонна саха дьоһуна

Кэлиҥҥи кэмҥэ Манчаары Баһылайга дьон ытыктабылын утарааччылар баар буоллулар. “Кини ороспуонньук, рэкетир, саха дьоһуннаах дьонун – баайдары халыыр-талыыр этэ. Манчаарыны аатырдаммыт ыччаттарбытыгар мөкү холобуру көрдөрөбүт. Кини аатын хомуньуустар өрө тардыбыттара —баайдары атаҕастаан” диэн буолар.

Ол эрэн, Манчаары дьон-сэргэ ырыатыгар-хоһоонугар хомуньуустар былаастарын быдан иннинэ киирбит киһи. Ол эбэтэр, кини сырыылара саха омук сиэригэр-майгытыгар, аныгылыы эттэххэ, менталитетыгар сөп түбэһэр буоллаҕа.

Биллэн турар, ол ороспуойдааһын, халааһын-талааһын, өлөрүү-сүтэрии дьэбэрэтин уруйдааһын буолбатах. Бу — атаҕастабылы утарыы, дьон-сэргэ тэҥ сиэрдээхтик олорорун туруорсуу буолар. Нууччалыы эттэххэ, “социальнай справедливость” диэн өйдөбүлү тутуһуу. Сиэрдээх быһыыны.  

Манчаарыны дьон өйүттэн-санаатыттан, былыргы да, аныгы да ырыатыттан-тойугуттан, үһүйээниттэн-номоҕуттан суох оҥоро сатааһын тугуй? Бу саханы киһи билбэт гына уларытарга холонуу буолар. Саха менталитетын уларытыы. Оттон менталитет уларыйыыта диэн тугуй? Ол аата омук сүтүүтэ, ол оннугар букатын атын омук үөскээһинэ. Быһата, Манчаарыны дьиҥ-чахчы маргинал дьон утараллар. Эбэтэр саха омугу суох оҥорорго, эһэргэ үлэлиир күүстэргэ “аллараа сыҥаах” буолааччылар.

Мантан туох тахсан кэлэрий? Күн киһитин менталитета. Сырдыгы, сылааһы, кырдьыгы, өрөйүүнү-чөрөйүүнү, үүнүүнү-сайдыыны ис-иһиттэн ыһа сылдьар идеал! Билиҥҥитэ нуктуу сытар “Sonnenmensch”!

Номох буолбут күннэр-дьыллар,

Кэриэс тыллаах кэрэ дьоннор —

Сарсыарданан сырыылаахтар,

Сырдык туһунан ырыалаахтар:

Тыгыа, тыллыа, сандаарыа,

Сылааһынан сыдьаайыа…   

Сөбүлэһиҥ-сөбүлэһимэҥ — СУР.

Поделиться
%d такие блоггеры, как: