Быһыы-майгы, быдан сиринэн быралыйдахха, маннык. АХШ диэн ааттаах-суоллаах судаарыстыба уонна онуоха «кутурук мас» буолар Арҕааҥы Европа дойдулара сатамматтарыгар тиийдилэр – атыйахтаах уулуу айманнылар. Кэм-кэрдии кэлэрэ, ыйаах-чаас ыгара, «үтэһэ туолара» диэн баар.
Ол дойдуларга, ордук «штаттарга» буола турар аймалҕан биир сыаллаах-соруктаах – быраабы араҥаччылыыр күүстэр «муостарын тоһутуу». Көрөҕүт дии, полицейскайдар бандьыыттар, халабырдьыттар, наркоманнар иннилэригэр тобуктаан туралларын. Бу дьон аныгыскы сырыыга бэрээдэги олохтуурга турунуохтара дуо? Саарбах. Былаас бэйэтэ оннук дьаһайар. Былаас үрдүнээҕи кистэлэҥ былаас салалтатынан.
Ханнык баҕарар өрөбөлүүссүйэ, аныгылыы эттэххэ «майдаан», иннинэ быраабы араҥаччылыыр систиэмэни алдьаталлар. Инньэ, 1905 сыллааҕы Нуучча өрөбөлүүссүйэтин саҕаттан. Бастаан городовойдар, околоточнайдар, боростуой полицейскайдар өлөрүллүбүттэрэ, Нева өрүскэ тимирдиллибиттэрэ.
Бастакы сырыыга быраабы араҥаччылааччылар самнарыллаллар, аныгыскыга былаас суулларыллар.
Ол эбэтэр, Арҕааҥы «кыһыл көмүс тарбыйах» цивилизациятын дьиҥнээх хаһаайыттара, ол аата доллары бэчээттиир «федеральная резервная система США» диэн ааттаах чааһынай тэрилтэ хаһаайыннара – муҥутуур банкирдар, түһүүлэнэр сирдэрин уларытарга оҥостубуттар. Бу сир хамсааһына элбээбит кэмигэр Америка курдук акыйаан арыытыгар, буолаары буолан субу уһуктаары акыйаан аннын дьигиһитэр Йеллоустон вулканын аттыгар түһүлгэлэнэр акаары быһыы буоллаҕа. Ону баара, бу Орто дойдуга саамай чиҥ «ийэ сиргэ» Арассыыйа турар. Барытын кэриэтэ сабардаан диэххэ сөп. Дьэ, бу айылаах таҥара анаабыт дойдутугар олорон, ону кырыыр-таныйар, «рашка» диэнтэн атыннык ааттаабат дьон эрдэ-сылла оннугутун була сылдьыҥ. Сотору манна эһигинэ да суох кыараҕас буолар чинчилээх.
Дьэ, «майдаан» кэнниттэн күнэ күөрэйбит, күөнэҕэ көппүт дойду баар дуо? Күнүстэри тымтыктанан буолуоххут суоҕа. Арай биир дойду баар – Тяньаньмэнь болуоссакка «айдаан-майдаан» дьону оһоҕосторун тааҥкалар тиһиликтэригэр эрийбит уонна сайдар аакка барбыт. Кытай.
Хайа да судаарыстыба салалтатыгар акаары дьон олорбот. Барытын билэ-көрө сылдьаллар – иккистээн киирэн биэрбэт курдук. Дьон-сэргэ баһыйар үгүс өттө даҕаны онтон хаалсыбат – өлөр-хаалар күҥҥэ судаарыстыба күүһүргүүр ураты быраабын туһаныахтаах диир.
Германияны да акаары дьахтар салайара баар дуо – Ангела Меркель дьонугар туһаайан мантан инньэ биһигини АХШ судаарыстыбата баһылаан-көһүлээн сирдиир диэн санааттан тэйиэхпитин наада диэтэ.
Ол иннинэ АХШ баһылыктаах Арҕааҥы дойдулар Арассыыйаны тэйитэ, киэр кыйдыы, «сааттаах остуолбаҕа» туруора сатаабыттара ситиһиилээх буолла. Бары өттүнэн.
Ол курдук, ыгыы-түүрүү түмүгэр сомоҕолоһуу күүһүрэр баҕайыта. Барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолбут Арассыыйа ыкса ыалларын кытта бииргэлэһэр буолбута, Таможеннай Сойууһу тэрийбитэ. Ону кытта Петербурдааҕы экэниэмикэ форумун чэрчитинэн Бразилия, Арассыыйа, Индия, Кытай кыттыылаах БРИКС тэрилтэ баар буолбута. Бу тэрилтэ 2050 сылга лаппа кыаҕырыаҕа, бэл, ити түөрт дойду тус туһунан экэниэмикэ сайдыытын кииннэринэн буолуохтара диэн түүйэллэр.
Дьэ, ити курдук Арассыыйаны Арҕааҥы дойдулар хара күүстэринэн Кытайга сыһыардылар дииллэр даҕаны, бу кэм-кэрдии ирдэбилэ.
Күн хантан тахсарый? Илинтэн. Күн ханан киирэрий? Арҕаанан.
Ол эбэтэр, күн киирэн барар тахсан эрэрин курдук санаан кэбиһиҥ. Бэйэҕит санаан көрүҥ, иҥсэ-мэнэгэй быһыы, хапытааал идеологията баһылыыра, харчы хамсатар күүс буолара, биллэн турар, түлүк түүҥҥү быһыы буоллаҕа. Күн таҕыстаҕына илиҥҥи мындыр быһыы, киһилии сиэр-майгы сэһэнэ өрөгөйдүөҕэ. Көрөөрүҥ да, истээриҥ.
Кытайы кытта кыттыһыы, туох-ханнык иннинэ, Уһук Илин силигирии сайдыытыгар тиэрдиэҕэ. Бу федеральнай уокурук баайын туһаҕа таһаарыы бырайыактара «эбиллибит сыаналаах» бородууксуйаны, ол эбэтэр Азия-Чуумпу акыйаан эрэгийиэннэригэр эргийиэхтээх силигэ сиппит бородууксуйаны оҥорууга туһуланар. Саха сиригэр техническэй испиири оҥорор собуот тутуллуохтааҕын батан кэбиспиппит. Билигин ол Амур уобалаһыгар тутуллар. Оттон биһиги, бука, «сырьевой придаток» буолар баҕаттан хайдахтаах да «көмүс кытахтан төкүнүйэргэ» бэлэм курдукпут. Ол түмүгэр инвестордар биһиги диэки хайыһыахтарын да куттаналлар быһыылаах. Бензин, сэлээркэ оҥорор собуоттар эмиэ биһигиттэн илин эҥээргэ тутуллаллар. Дьиҥэ, сыллата «хотугу завоз» диэн ааттанар, миллиардынан үбү мэҥиэстэр араллааннаах дьон ол туһугар интэриэстээх буолуохпутун сөп этэ.
Коронавирус экэниэмикэни кэрбиир кризиһэ кэмэ суох буолуохтааҕын туһунан эппиттэрэ ыраатта. «Һаай-эбэтээ, – диэн буолбута. – Арассыыйа бу кэнниттэн өрүттүбэт, Өлүөнэ күргэтин туһунан умнан кэбиһиҥ».
Ону баара, Өлүөнэ эбэни туоруур күргэ тутуута саҕаланан эрэр диэн буолла. Ол туһунан Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Марат Хуснуллин таайтаран кэриэтэ эппитин туһунан суруйаллар.
Ол эбэтэр, бу айылаах тыҥааһыннаах, туох да омуна суох, сыылла сылдьан сыарҕа быатын, бэрт буола-буола бэрбээкэй иҥиирин быһар сэрии кирбиитигэр Аар Арассыыйа лаппа өйүктээх киирбит эбит. Онуоха бэрэсидьиэн Путин өҥөтүн «солоххо анньан» даҕаны сууйбаккын.
Оттон күргэ тутуутугар аҕа баһылыкпыт Айсен Николаев лаппа хорутуулаахтык үлэлии сылдьарын көрөбүт. Ол курдук, кини икки сыл устата федеральнай былаас эргимтэтигэр саҥаттан саҥа дьону бэйэтин диэки тардарын туһунан суруйаллар. Дьэ, дьону бэйэтин тула тардар киһи туһунан буолар.
Оччотугар Арҕааҥы дойдулар «атамааннарыгар», чуолаан, Арассыыйаны бэйэлэрин кэккэлэриттэн холдьохпут G-7 бөлөххө махтаннахха улахан аньыы буолбат ини.
Ону кытта кытарар Кытайга! Бу дойду өрөйөн-чөрөйөн тахсыбатаҕа буоллар, Уһук Илин Азия-Чуумпу акыйаан алгыстаах аартыга буолбат этэ. Үчүгэй үмүөрүһүүлээх, бэрт бэһириилээх, харчы ханыылаһыылаах буолар баҕайыта. Онон улуу Кытай барар суола батыаккалаһыылаах буолуохтаах. Үчүгэйи батыспакка, мөкүнү батыһыахпыт дуо. Киэҥ иһит кэһиэҕэр Уһук Илин балысханнык сайдыаҕа, Саха сирэ да хаалсыа суоҕа.
Аны туран, субу буолан ааспыт Судаарыстыбаннай сэбиэт президиумун мунньаҕар Уһук Илин 2025 сылга диэри сайдыытын сүрүннүүр, 2035 сылга диэри кэскилин торумнуур национальнай программаны көрдүлэр. Онно саха уола Айсен Николаев Госсовет Уһук Илин сайдыытын боппуруостарыгар оробуочай хамыыһыйатын салайааччытынан талылынна.
Национальнай программа Уһук Илин сайдыытыгар туһуламмыт урукку да, саҥатык да программалары, дьаһаллары-ыйаахтары барытын түмэр. Ол иһигэр инфраструктура боппуруостарын. Онон, доҕоттор, эбэни туоруур күргэ тутуутун муоһалыырга кимтэр кимэн киирэн иһэбит!
Суолласта, сулласта, сурукка тистэ – СУР.
Похожие новости
Нэһилиэктэр уонна “олигарх” Ил Дархан
САҤА КИНИГЭ ТУҺУНАН ТУС САНАА
Дьахтар аналын туһунан өссө биирдэ…