Yakutians.com

Новости Якутии

Йен Сюр: удьуор утума уонна кэлэр кэскилгэ кыһаллыы

Билбэт киһи муодарҕыы, сонурҕуу уонна атыҥырыы истэр ааптардаах сонун быыстапката бүгүн, кулун тутар 16 күнүгэр Майатааҕы Р.Г. Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ арылынна. Доҕоттоор, олох атыҥырааман, бу биһиги бэйэбит биир дойдулаахпыт, талааннаах ыччаппыт Күннэй Петровна Егорова-Иванова харысхал айар псевдонимынан үһүс быыстапкатын дойдутун дьонугар бэлэх уунна.

Удьуорун утумун тутуһан Күннэй чараас, айар эйгэлээх. Онто биһиги орто дьон өйдүүр оҥоһуубутуттан тутум үрдүк, ураты. Си бэлиэлэринэн ис санаатын киистэ төбөтүгэр түһэрэн дьону толкуйдатар айымньылары айар, ыган кэлбит айылҕа харыстабылын, кэскилгэ эппиэтинэстээх сыһыан сытыы боппуруостарын ыы муннуга үҥүлүтэр. Эн манна хаатынан таһымныы дьалкыйар муора, мэндэ мыраан уонна сибэккилээх түннүк живопись истиилигэр хартыыналарын булуон суоҕа…

Йен Сюр сахаҕа соччо тарҕана илик сюрреализм жанрыгар билиҥҥи кэм ураты салгыныныын куустаран дьоһуннаахтык киирэн эрэр. Кини айымньыларын эн бэйэҥ таһымҥынан, бэйэн баайыыгынан «ааҕаҕын». Манна бүгүн барыбытын долгутар иэмэ – дьаама суох дэлэйбит бөхпүт-сахпыт проблематын, ону иккистээн эргитэн туһаҕа туруорар суоллары көрөбүт.

Күннэй ханнык да лааппыттан кумааҕы атыыласпакка, бука бары күн ахсын кумалыы-кумалыы киэр илгэр маҕаһыыннарбыт чиэктэрин иккистээн туһаҕа туруоран бэйэтин ураты “тыыннаах”кумааҕытын оҥорон онно ойуулуур. Эргэ баннердар, пластик элээмэлэр эмиэ кини айар үлэтин «геройдара» буолбуттар.

Күннэй – Йен Сюр эдэр ийэ, икки өттүгэр икки ытарҕа кыыстаах, онон буолан Ийэ айылҕабыт чөл буоларыгар, ийэ куппут бөҕөргүүрүгэр үгүс элбэх уохтаах тыла суох, дьыалатынан, бэйэтин эрдээх холобурунан эдэр да эмэн да дьоҥҥо суолдьут сулус буолар.

Бу быыстапканы көрөн баран саныыгын, бу орто туруу бараан дойдуга саамай киин өйдөбүл, Ийэ буоларын. Ийэ дойду, Ийэ тыын, Ийэ тыл, Ийэ эйгэ, Ийэ киэлитэ, Ийэ буолар үрдүк анал… Ону барытын эн, көрөөччү Йен Сюр айымньыларын көрө туран ис “бэйэҕин” кытары сэһэргэстэххинэ өйдүүгүн.

Онон, бука барыгытын Майатааҕы Р.Г. Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ Йен Сюр үлэлэрин нөҥүө бэйэҕитин кытары аһаҕас көрсүһүүгэ, кэскил туһунан кэпсэтиигэ ыҥырабыт!

Култуура уонна духуобунай сайдыы салалтатын

Информационнай-методическай киинин салайааччыта

Галина Сосина

Поделиться
%d такие блоггеры, как: