Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр норуодунай учуутал, ЯЦИК чилиэнэ, обшественнай уонна политическай диэйэтэл Николай Климович Михайлов төрөөбүтэ 124 сылын туолар.
Николай Климович убайа Семен Климович Михайловтыын биир дойдулаахтара улаханнык ытыктыыр дьонноро эбиттэр. Олу истиҥник-иһирэхтик ахталлар, бэл, кинилэргэ анаан хоһоон суруйаллар.
Сайдыылаах олоҕу уһансар
Саргылаах санааны салайсар
Сахаттан бастакы Саарыннар
Ааттара-суоллара сүппэттэр.
Малдьаҕар түбэтин иһиттэн
Бырааттыы мохсоҕол уолаттар
Үөрэҕи,билиини батыһан
Эр хоһуун үтүөтэ буолбуккут.
Сайдыылаах олоҕу тутарга
Сүҥкэннээх үлэни тэрийэн
Сайдарга,үүнэргэ сирдээҥҥит
Саҥалыы суоллары тэлбиккит.
Үлэһит боростуой норуокка
Үөрэҕи, билиини тэнитэр
Оскуола кыһата тутаҥҥыт
Өркөн өй кыымнарын ыспыккыт.
Үрүҥү, кыһылы кыдыйсар
Үргүөрдээх,өксүөннээх сылларга
Өлүүнү- сүтүүнү үтэйбит
Үтүөлээх ааттаргыт ахтыллар.
Суут-сокуон үлэтин сүрүннээн
Дьон- норуот быраабын көмүскээн
Бохсуллар санааны босхолоон
Дьон – норуот махталын ылбыккыт.
Уйгулаах олоҕу түстээбит
Улуукан дьоннорбут ааттарын
Үрдүк таас мэҥэҕэ суруйан
Үйэттэн үйэҕэ тыынныахпыт!
…….. М.Егорова, Чуукаар. 4.05.2020.
Ол курдук, алтынньы күнүгэр ньурбалар чулуу уолаттарын ааттарын үйэтитэр соруктан Мальдаҕар нэһилиэгин Мэхээйилэп Хомустааҕа диэн сиргэ Мэҥэ таас уурбуттар. Малдьаҕар нэһилиэгин уонна оскуоаларын үбүлүөйдэригэр мэҥэһиннэрэн.
Тоҕо диэтэххэ, Малдьаҕар оскуолатын, нэһилиэгин, Ньурба улууһун уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин исторяларыгар ини-бии Михайловтар биллэр-көстөр суолу хаалларбыттар.
Бүгүн төрөөбүтэ 124 сылын туолар Николай Климович Михайлов диэн кимий?
Кини 1896 с. Бүлүү уокуругун Ньурба буолаһын Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүт, Ньурбатааҕы 4 кылаастаах оскуоланы бүтэрбит, 1910 с. Бүлүүтээҕи үрдүкү начаалынай оскуолаҕа киирэн 1914 с. бүтэрбит. Саха норуотун улуу уола Исидор Барахов Бүлүү училищетыгар эмиэ ити сылларга үөрэммит буоллаҕына, книлэр отой оҕо эрдэхтэриттэн үөлээннээхтэр буолар тахсаллар. Бастакы кылааска 13 оҕо киирбитэ биллэр буоллаҕына, олор истэригэр Степан Аржаков, Степан Гоголев, Николай Бубякин, Дора Жиркова, Муся Потапова ааттара эмиэ республикаҕа киэҥник биллибитэ. Улуу учууталларга үөрэммит дьон буоллахтара. Ол курдук, 1912 с. училищеҕа физика уонна математика учууталынан Алексей Кулаковскай ананан кэлбит. Саха бастакы композитора Марк Жирков, сахалыы суругу-бичиги төрүттээччи Семен Новгородов, аатырбыт краевед, кэлин үлэ дьоруойа буолбут Петр Староватов учууталлаабыттара. Ол суола-ииһэ суох хаалбатаҕа биллэр.
Салгыы 1914 сыл балаҕан ыйын 17-23 күннэригэр Дьокуускайдааҕы учуутал семинариятыгар киирии экзаменнарын 39 оҕо туттарбыт буоллаҕына, үөоэххэ 31 оҕо киирбит. Олор истэригэр Тааттаттан Платон Слепцов (Ойуунускай), Нам улууһуттан Максим Аммосов, Бүлүү улууһуттан Степан Аржаков, Үөһээ Бүлүүттэн Исидор Иванов (Барахов), Ньурбаттан Николай Михайлов бааллара.
Николай Климович учуутал семинариятын дьалхааннаах 1917 с. ситиһиилээхтик бүтэрэр, уонна ол сыл Норуодунай учуутал аатын сүгэр. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ түмүгүнэн саҥаттан тэринии сайыныгар Бүлүү уеһынааҕы Уопсастыбаҕа куттал суох буолуутугар кэмитиэт (КОБ), ону кытта ас-үөл уонна сир управлениетын чилиэнинэн талыллыбыта.
1917-1918 сс. Тойбохой 2 кылаастаах оскуолатыгар, 1918-1919 сс. Чуукаар оскуолатыгар сэбиэдиссэйдиир. 1919 сыллаахха Малдьаҕар оскуолатын бастакы учуутала буолар.
1920 сыл сайыныгар Ньурбатааҕы волревком чилиэнэ, сир отделын салайааччыта. 1920-1922 сс. Антоновка оскуолатын, 1922-1924 сс. Сүлэ оскуоатын сэбиэдиссэйдэрэ.
Саха норуотугар сайдыы оскуола нөҥүө кэлбит буолан, дьон-сэргэ учууталлары, бастакы оскуоланы төрүттээбиттэри үйэ-саас тухары өйдүү сылдьар, ытыктыыр, өрө тутар.
Николай Климович убайын Семен Климовиһы кытта Малдьаҕар нэһилиэгэр 1926 сыллаахха сэттэ кылаастаах оскуоланы туттарбыт дьонунан буолаллар.
Мантан салгыы кини улуус, республика таһымнаах салайааччы быһыытынан үлэлиир. 1924-1927 сылларга Ньурба улууһунааҕы ситэриилээх кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн, бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта.
Кини бииргэ төрөөбүт убайа Семен Климовиһы кытта дойдуларыгар хайдах үлэлээн-хамсаан ааспыттарын туһунан биир дойдулаахтара маннык суруйаллар.
“Ньурба улууһун Малдьаҕар нэһилиэгэр 1893 сыллаахха Мэхээйилэп Хомустааҕа диэн ытык алааска күн сирин көрбүт, саха саарына Семен Климович Михайлов (1893-1940 с.с.). 1910-1913 с.с. Дьокуускайдааҕы духовнай семинарияҕа үөрэммит, 1916 -1918 с.с. Малдьаҕар нэһилиэгин кинээһэ, Ньурба улууһугар Советскай былааһы олохтуурга, хорсун санаалаах буоланнар быраатынаан Ньурбаҕа көһөн киирэллэр, 1918 с. Ньурба улууһун земскай милиция бастакы начальнигынан , 1919 с. ыам ыйын 13 күнүттэн Ньурба улууһун Волостной инороднай Управатын бэрэссэдээтэлинэн (билиҥҥиннэн Ньурба улууһун Аҕа баһылыга) үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, ол курдук, Гражданскай сэрии кэмигэр Ньурба улууһугар биир да киһи хаана тохтубатаҕар, биир да киһи өлбөтөҕөр Семен Климович быраатынаан Николай Климовичтыын улахан мындыр өйдөөх үөрэхтээх, билиилээх дьон буолан дьон өлүүтүн таһаарбатахтара бу кэмнээҕи улууспут салайааччыларын улахан ситиһиилэрэ буолар, 1926 сыллаахха Малдьаҕар нэһилиэгин оскуолата умайбытыгар, саҥа оскуола тутулларын бары матырыйаалларын булан, тиэйэр-таһар үлэлэри сүрүннээн, прораб үлэтин, тутааччыларга астарын, хамнастарын хааччыйан, быраатынаан улууска, нэһилиэккэ бас-көс убаастанар салайааччы буоланнар төрөөбүт дойдуларыгар Малдьаҕарга саҥа 7 кылаастаах оскуола туттаран дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө өҥөлөөх, төрөөбүт дойдуларыгар улахан бэриниилээх патриот дьон буолалларын архыып, музей матырыйааллара туоһулууллар. Бу история кырдьыга 2018 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбыттан булулунна.
Семен Климович үс кэргэниттэн 9 оҕолоох”
Ини-биилэр ааттарын үйэтитэр Мэҥэ таас ууруутугар этиллибит тыллар:
- Бүгүн, алтынньы 10 күнүгэр Малдьаҕар нэһилиэгин Мэхээйилэп Хомустаҕар историяҕа хаалар бэлиэ тугэн буолан ааста. Нэһилиэкпит, оскуолабыт үбүлүөйдэрин тэрээһиннэрин чэрчитинэн. биһиги биир дойдулаахтарбытыгар анаан Мэҥэ таас уурулунна. Ол кимнээхтэрий диир буоллахха, Михайлов Семен Климович -1893-1940 с.с. Малдьаҕар нэһилиэгин кинээһинэн 1916-1918 с.с. Ньурба улууһун земскэй милиция начальнигынан, Ньурба улууһун Инороднай Управатын бэрэссэдээтэлинэн ситиһиилээхтик үлэлээбит уонна быраата Михайлов Николай Климович (1986-1951 сс) – Ньурбалартан бастакыннан учительскай семинарияны Ойунускайы, Аммосовы, Бараховы, Степан Аржаковы кытары үөрэммит, Норуот учуутала Үрдүк аат ылбыт, Тойбохойго, Малдьаҕарга, Чукарга, Антоновкаҕа, Сүлэҕэ учууталлаабыт, Малдьаҕар училищетын бастакы учууталыгар, ЯЦИК чилиэнигэр, 6-с ВсеЯкутскай сьезд депутатынан, 1924-1927 сс Ньурба улууһун Исполнительнай комитет бэрэссэдээтэлинэн үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит, САССР прокуратуратын управделами үлэһитинэн, 1931-1951 сс Адвокатынан үлэлээбит.
Михайлов Семен Климович дьиэтигэр 1919 сыллаахха аан бастакы биир кылаастаах 10 оҕолоох оскуола аһыллыбыт эбит. Онон оскуолабыт 100 сыла 2019 сылга буолбут эбит. История дьиҥнээҕин туоһулуур докумуоннары музей үлэһитэ Татьяна Афанасьевна архивтан булан бигэргэттэ. Ол кэмнэ, бастакы учууталынан үлэлээбит Михайлов Николай Климович үлэтин отчуоттарын, араас докумуоннарын копиялара барыта бааллар. Николай Климович дойдутун оҕолорун билиигэ-сырдыкка угуйаары, анардас бэйэтин үбүнэн 10 оҕону аһатан, үөрэнэр тэрилинэн хааччыйан, биир төгүрүк үөрэх дьылын бутэттэрбит. Онтон Донскойдар көмөлөрүнэн салҕыы 1920 с Булгунньахтаахха 35 оҕолоох оскуола аһыллыбыт эбит. Кэлин 1926 сыллаахха Михайлов Семен Климович салайыытынан, үс нэһилиэк дьонун мунньан, иилээн-саҕалаан Марха түбэтигэр аан бастакы 7 кылаастаах улахан типовой оскуола туттарбыта. Онон бу сүдү биир дойдулаахтарбытыгар кэлэр көлүөнэҕэ өйдөбүнньүк буоллун диэн төрөөбүт-үөскээбит алаастарыгар Мэҥэ таас ууруллубута үөрүүлээх түгэн буолла. Бу тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар уонна тыл эттилэр – «Малдьаҕар нэһилиэгэ» МТ Аҕа Баһылыга А.А. Степанов, Малдьаҕардааҕы В.И.Максимов аатынан орто оскуола директора В.Д.Федотов, СР үтүөлээх учуутала, нэһилиэк Бочуоттаах олохтооҕо Н.Д. Данилов, Ини-бии донскойдар ааттарынан музей салайааччыта, СР үөрэҕириитин туйгуна Т.А. Саввинова уонна Семен Климович Михайлов сиэнэ Егорова Людмила Николаевна. Алын кылаас оҕолоро хоhоон аахтылар.
Семен Николаевич Михайлов сиэннэрэ эһэлэрин уонна эһэлэрин бииргэ төрөөбүт быраатын үтүө ааттарын үйэтитэр сыалтан эрдэ, Николай Климович соҕотох сиэнэ Ольга Петровна Бугуева эһэтин уруһуйдаан оҥорбут мэтириэтин Ньурба улууһун К.Уткин аатынан норуоттар доҕордоһууларын музейыгар уонна биһиги нэһилиэк ини-бии Донскойдар ааттарынан музейга бэлэх ууммуттар этэ. Бүгүн Мэхэйилэп Хомустааҕар ини-бии Михайловтар үтүө ааттарыгар Мэҥэ таас турбутугар сиэннэрэ, чугас аймахтара Малдьаҕар дьоһун дьонугар, олохтоох дьаһалтаҕа, оскуола коллективыгар, ини-бии Донскойдар ааттарын сүгэр музей сэбиэдиссэйигэр Саввинова Татьяна Афанасьеваҕа уонна Марха өрүстэн Мэҥэ тааһы булбут, тиэйсэн аҕалбыт Василий Егорович Васильевка улахан махталларын тиэрдэллэр.
Бу ини-бии Михайловтар норуокка оҥорбут үтүөлэрэ-өҥөлөрө, утуе ааттара-суоллара үйэлэргэ умнуллубакка, келуенэттэн келуенэ5э ааттана турдуннар!
Николай Климович 1929-19311 сс. САССР прокуратуратыгар эппиэттээх дуоһунастарга үлэлээбит. 1931 сылтан 1933 сылга диэри СААСР Наркомсобеһын уонна Инбэлииттэр кооперацияларын сойууһун юрист-консультанынан, 1933-1939 сс. САССР Сибээскэ управлениетын юрист-консультана, профсоюз актыыбынай лиидэрэ. Адвокаттар коллегияларыгар 1931 сыл сэтинньи 16 күнүгэр киирбит уонна 1952 сыллаахха күн сириттэн күрэниэр диэри үлэлээбит.
Дьон-сэргэ көхтөөхтүк быыбардыыр киһитэ эбит. Нэһилиэгин сэбиэтин солбуллубат чилиэнэ, Ньурба улууһунааҕы ситэриилээх кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, Бүлүүтээҕи ситэриилээх кэмитиэт пленумун чилиэнэ, ЯЦИК IV ыҥырыылаах састаабын чилиэнэ, Бүтүн Саха сиринээҕи сийиэс дьокутаата, ВКП (б) салалтатын утары кулаак-националист хамсааһынын тэрээһиннээх турунуутун утары охсуһууну тэрийбит киһи.
Николай Климович түөрт оҕотуттан билигин халыҥ аймах үөскээтэ.
Мнна быһаарыы биэрэр сөптөөх. ЯЦИК, Киин ситэриилээх кэмитиэт диэн билиҥҥи өйдөбүлүнэн парламент ҥаардаах, кэлин Үрдүкү Сэбиэккэ кубулуйбут уорган. ЯЦИК – Саха АССР оччолорго саамай үрдүкү былааһа.
Саха сирин сайдыытыгар, саха норуотун дьоллоох-соргулаах кэскилин туһугар утуйар ууларын умнан, өлөллрүн утуйарга холоон үлэлээбит-хамсаабыт өбүгэ дьоммутугар, ини бии Семен Климович уонна Николай Климович Михайловтар ааттара үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин!
Любомир Михайлов – Уххаан
Похожие новости
Нэһилиэктэр уонна “олигарх” Ил Дархан
САҤА КИНИГЭ ТУҺУНАН ТУС САНАА
Дьахтар аналын туһунан өссө биирдэ…