Ыам-бэс ыйдарыгар “Рейтинг” информационнай коммуникация Киинэ ыытар губернатордар национальнай эриэйтиннэрин түмүгэ таҕыста. Бу эрийэтини анал эспиэрдэр эрэгийиэн салайааччыларын үлэлэрин сыаналаан, анаалыстаан баран таһаараллар.
№ | глава субъекта РФ | субъект РФ |
1 | СОБЯНИН Сергей Семёнович | Город федерального значения Москва |
2 | МИННИХАНОВ Рустам Нургалиевич | Республика Татарстан |
3 | ДЮМИН Алексей Геннадьевич | Тульская область |
4 | ДРОЗДЕНКО Александр Юрьевич | Ленинградская область |
5 | МООР Александр Викторович | Тюменская область |
6 | КУЙВАШЕВ Евгений Владимирович | Свердловская область |
7 | НИКОЛАЕВ Айсен Сергеевич | Республика Саха (Якутия) |
8 | БЕГЛОВ Александр Дмитриевич | Город федерального значения Санкт-Петербург |
9 | КАДЫРОВ Рамзан Ахматович | Чеченская Республика |
Биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николав бу эриэйтиҥҥэ 7-с миэстэҕэ таҕыста.
Эспиэрдэр Айсен Сергеевич эриэйтиҥҥэ эрэллээхтик бэйэтин балаһыанньатын тутарын бэлиэтииллэр. Онуоха Ил Дархан билиҥҥи уонна өр кэмнээх үлэни ыытар сатабылынан быһаараллар.
Бастатан туран, эспиэрдэр Айсен Николаев бэйэтин эрэгийиэнигэр хамсыгы кытары кытаанахтык охсуһарга туруммутун бэлиэтииллэр. Өскөтүн атын Арассыыйа эрэгийиэннэрэ саараан-саарбахтаан, нэһилиэнньэҕэ булгуччулаах хамсыгы утары быһыыны киллэрэ илик буоллахтарына, Саха сирин аҕа баһылыга бастакынан маннык дьаһалы биллэрдэ. Бүтүн Уһук Илиннээҕи эрэгийиэҥҥэ хамсыгы утары быһыы биэриигэ – Саха сирэ саамай үрдүк тэтимнээх, бастаан иһэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ уу тырааныспарын сайдыыта күүскэ бэлиэтэнэр. Өлүөнэ өрүс устун билигин түргэнник сылдьар пассажирскай устар ааллар сүүрэллэр.
Татарстаҥҥа ситиһиилээх айан түмүгэр, бииргэ үлэлэһэр туһунан кэкккэ сөбүлэҥнэр түһэрсиллибиттэрэ. Эспиэрдэр бэлиэтииллэринэн, эрэгийиэннэр өрө таһаарыылаахтык тэҥҥэ үлэлэһэллэрин үтүө өрүтэ – уматыллыбыт гааһы араас тиэхиникэҕэ оттук быһыытынан туһаныы буолуоҕа. Саха сиригэр бу оттук көрүҥүн оҥорууга үгүс бырайыактар олоххо киирэллэрин учуоттааан, Татарстаны кытары дьыалабыай алтыһыы бу хайысхаҕа элбэх эрэли үөскэтэр.
Кэнники бириэмэ тыын боппуруоһа –ойуур баһаардара. Баһыйар үгүс эспиэрдэр сыанабылларынан, Саха сирэ туох баар ис кыаҕын барытын туһанан уот алдьатыылаах күүһүн кытары охсуһар. Тустаах исписэлиистэр бэлиэтииллэринэн, Саха сирин аҕа баһылыга федеральнай күүстэри кытары тэҥҥэ ойуур баһаардарын утары ыыппыт үлэтэ – үтүө түмүктэри аҕалар. Төһө да кураан саас, сайын турдаллар, быйылгы ойуур баһаардара былырыыҥҥытааҕар төһө эмэ элбэҕин иһин, уот сиэбит тыатын уопсай иэнэ быйыл, былырыыҥҥытааҕар хас да төгүл кыра. Айылҕа алдьархайын туоратарга үгүс күүс тардыллыбыта: дьон-сэргэ, аныгы күүстээх тиэхиникэ бары көрүҥэ, ол иһигэр атын эрэгийиэннэртэн кытары күүс-көмө ыҥырыллыбыта. Бу барыта, Саха сирин аҕа баһылыга Айсен Николаев, федеральнай министиэристибэлэри уонна биэдимистибэлэри кытары биир тэҥҥэ, сатабыллаах салайар үлэтин үрдүк таһымын көрдөрөр.
Сигэ: кыым.ру
Похожие новости
В ногу со временем, сохраняя традиции: в Якутии возрождается производство с почти вековой историей
Почему Россию перестали волновать выборы в США
Айаан Васильев: «Разговоров о переменах в руководстве в якутском рескоме КПРФ не было»