Үөһээ Бүлүү Хоро нэһилиэгэр Кулун тутар 27 күнүгэр, Россияҕа театр күнүн көрсө, бииртэн биир кэрэ сонуннар кэккэлэстилэр.
⠀⠀А.Д.Филиппов аатынан култуура тэрилтэтин иһинэн үлэлиир көр-нар аргыстаах, дьээбэ-хообо бэтиэхэлээх театральнай коллективпыт Иван Гоголев суруйуутугар, Иван Касьянов туруоруутугар НААРА СУОХ – 3 оонньуулаах, 5 хартыыналаах комедия испэктээҕи сүрэхтээтилэр.
⠀⠀Испэктээх бэрт сэргэхтик ааста, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин, махталларын ылла. Бу испэктээҕи 30 сыл анараа өттүгэр Александра Даниловна Евдокимова Улан-Удэтээҕи культура институтун бүтэрэригэр дипломнай үлэтинэн туруорбута, ол кэмтэн 30 сыл буолан баран туруорулунна.
⠀⠀Театрбыт биир талааннаах артыыһыгар, түөрт уонча сыл көрөөччү кутун тутан артыыстаабыт сцена ветераныгар Спиридон Бестиновка “За вклад в развитие народного творчества РС(Я)” Саха республикатын Культураҕа уонна духуобунаска Министерствотын бэлиэтин туттардылар.
⠀⠀Республиканскай “Туос мааскы-2021” театральнай коллективтары көрүү куонкуруска биһиги театральнай коллективпыт Е.Афанасьев-Кэпсэтээрэп суруйбут “Сэрии тулаайаҕа”-драма спектаклынан кыттан, 3 ст.лауреат, “Бастыҥ актерскай састаап” анал ааты ылла.
⠀
Тамара Семёнова
Сигэ: mr-verhneviljujskij.sakha.gov.ru
Похожие новости
Чистка элит состоялась. Тихо, спокойно – как и обещал Михаил Хазин
Питейным заведениям Строительного округа предложено сократить режим работы
Олигархи дали мигрантам в России неприкосновенность: Проблема, о которой не принято говорить