Yakutians.com

Новости Якутии

Хомустаах күөлгэ субботник ыытылынна

         Дмитрий Макаров аатынан “Зеленый пояс Вилюя” экологическай фонда Бүлүү куорат Хомустаах күөл кытылыгар, Бүлүү дьоно самаан сайын салалыннаҕына ыһыахтыы барар  аартык тоҕойугар “Дендропарк” тэрийбитэ.


         Бүгүн муус устар 22 күнүгэр В.И.Ленин төрөөбүт күнүн бэлиэтээн уонна Аан дойдутаа5ы Сир күнүгэр анаан улуустааҕы экология инспекция үлэьиттэрэ Дендропарк территориятыгар суббуотунньукка та5ыстылар.

       Суббуотунньук Прасковья Макарова олоххо киллэрбэккэ хаалбыт бырайыагар Хомустаах күөл ыраас таһаатын көрөр смотровой былаһааканы тутуу улэтигэр бастакы хардыы быьыытынан тэриллэн ыыттылынна. Суббуотунньук улэтэ сүрүннээн экология инспекциятын салайааччы  Алексей Евсеев  көҕүлээһининэн тэрилиннэ. Ону тэҥэ, бу үлэҕэ оройуон Сэбиэтин депутаттара, Дмитрий Макаров доҕотторо Прокопий  Протопопов уонна Егор Константинов улахан көмөнү оҥордулар.
         Фонда былааннаах үлэтэ харгыһа суох барарыгар туох кыалларынан инспекция үлэhиттэрэ, Дмитрий  Макаров доҕотторо өрүү күүс-көмө буолаллар.


 ООПТ инспектора Андрей Яковлев

Поделиться
%d такие блоггеры, как: