Yakutians.com

Новости Якутии

Харантыын хаайбат: Кылыгырас сүүрүктээх Кыыс Амма туһугар!

Бу күннэргэ харантыын хаайыытын аахсыбакка саха дьоно барахсаттар айманыахтарын айманнылар — ырыаҕа-тойукка ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Кыым Амма эбэбит инники дьылҕатын туһугар. Уопсастыбаннай хамсааһыннар, Амма улууһун түмсүүлэрэ социальнай ситимнэр нөҥүө туруорсууларын тарҕаттылар, “СахаПарламент” саайтка Александр Тарасов тыыппалаах ыстатыйата таҕыста, онно ХИФУ Хотугу экологияҕа институтун дириэктэрэ Григорий Саввинов санаатын атастаста.

Мин тус бэйэм “ааспыт араллааҥҥа”, ол эбэтэр Аллараа Бэстээххэ гааһы таҥастыыр собуот тутуутун утарбатаҕым. Сахабыт сирэ төһөөҥҥө диэри “сырьевой придаток” буолан олоруой, “эбиллибит сыаналаах” бородууксуйаны оҥорор тэрилтэлэрдээх буолуон наада диэн санаанан салайтаран. Холобур курдук ыллахха, Татарстан, Башкортостан курдук өрөспүүбүлүкэлэр ньиэби-гааһы таҥастыыр собуоттардаах буоланнар нүөл бүддьүөттээхтэр, федеральнай таһымҥа көмүрүөлээх соҕус күөмэйдээхтэр. Онон үрдүкү технологияларга олоҕурбут оҥорон таһаарыы – кэм-кэрдии ирдэбилэ. Сирбит баайын хостуу-хостуу атын сиргэ тиэйэллэринээҕэр, манна тиһэҕэр диэри тиэрдиллибит табаары оҥорон таһаарарбыт ордук буолуо этэ. Нолуок да эбиллэр, үлэ миэстэтэ да тахсар, дьон-сэргэ идэтийэр, сайдар, ыччат промышленноска сыстар. 

Оттон мас кэрдиитэ, бырастыы гыныҥ, кэйгэллээһин биир көрүҥэ. Онуоха олохтоох дьон-сэргэ тыла быһаарыылаах буолуохтаах.

Былыр, сэбиэскэй былаас саҕана сир баайын хостуубут дуо, тыаҕытын кэрдэбит дуо диэн ыйыппаттар этэ. Ону эмиэ да өйдүөххэ сөп курдук. Барыта судаарыстыбаннай, ол аата киирэр-тахсар үп барыта бюджет барыһа эбэтэр ороскуота буолара. Сэбиэскэй сойуус туох баар тэрилтэлэригэр дьон барыта кыттыгастаах, билиҥҥинэн эттэххэ, аахсыйалардаах курдуга. Собуот, фабрика буоллун, ньиэп-гаас вышкалара, леспромхоз буоллуннар. Олортон бука бары дивиденд ыларбыт — босхо үөрэхтээһинэн, босхо доруобуйа харыстабылынан, босхо дьиэнэн, бытархайга турар уот-күөс, коммунальнай өҥө тарифтарынан.

Оттон билигин хаарыаннаах айылҕабытын ким туһугар туран биэриэхтээхпитий? Ханнык эрэ кэлии дьон эбэтэр кытайдар истэрэ дээдэйэрин туһугар дуо?

Үөһээ этиллибит ыстатыйаҕа биология наукатын доктора Григорий Саввинов саамай сөпкө этэр: туруорсуу хайаан да наукаҕа олоҕуруохтаах.

Онуоха анаан тэриллибиттэрэ эбээт, ханнык баҕарар проблеманы бары өттүнэн көрөн үөрэтэр кыахтаах научнай-чинчийэр институттар Саха сиригэр! Ирбэт тоҥ буоллун, космофизика буоллун, хотугу дойду физико-техническэй проблемалара буоллуннар, биология билимэ буоллун. Барыта баар.

Хапытаал айылҕата оннук. Учуонайдар этиилэрин тумнар, чунуобунньуктар онуоха сөптөөх усулуобуйаны оҥороллор. Тоҕо диэтэххэ, күн бүгүн “буржуазия диктатуратыгар”, ол эбэтэр хапытаал былааһыгар олорорбутун умнумаҥ.

Ол эрэн былааһы биһиги талабыт. Бэйэбит былааспыт, бэйэбит Ил Түмэммит. Онон биир тылы булуохпут диэн эрэниэххэ наада. Үөһэнэн-аллараанан биир кэлимник туруорустахпытына, түмүктээх буолуоҕа.

Хаһан эрэ ньиэп турбата Байкал күөл кытыытынан барар бырайыагын дьон-сэргэ туруорсан тохтоппута. Онно Саха сирэ туспа интэриэстээх этэ — Кытайга барар турба Саха сиринэн барарыгар, онон соҕурууҥу улуустары гаастааһыҥҥа.  Оччолорго дойду баһылыга Владимир Путин дьон туруорсуутун өйөөбүтэ.

Мин санаабар, наука Амма үөһээ тардыытыгар мас кэрдиитэ улахан куттала суох диэн быһаардаҕына, төһө мас кэрдилиннэҕинэ Амма өрүс экологията чөл хааларын суоттаан таһаардаҕына, ол кытайдар дуу, ханнык урбаанньыттар дуу, баһаалыста, Саха сиригэр табыгастаах сиргэ маһы таҥастыыр собуоту, миэбэли уонна да атын тэрили оҥорор фабриканы туттуннар. Ол ой-бото сыаналаммыт бородууксуйаны кыраныысса таһыгар батарар курдук. Оттон ким эрэ тооппоор аһыҥа кэриэтэ аһаан-сиэн, хаарыаннаах хара тыабытын үлтү кэрдэн, күөдэл-күдэрик  оҥорон барарын утарабыт.  

Баары баарынан, суоҕу суоҕунан — СУР.       

Поделиться
%d такие блоггеры, как: