Ыам ыйын 18 күнүгэр, Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев туһааннаах тэрилтэлэр салайааччыларын көрсөн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Переселение граждан из аварийного жилищного фонда на 2019-2025 годы» боппуруоһугар сүбэ мунньах ыытта.
Билиҥҥи туругунан Сунтаар улууһугар бу бырагыраамманнан Аллыҥа, Кутана уонна Сунтаар нэһилиэктэригэр түөрт дьиэ тутулла турар. Сүбэ мунньахха инникитин Устье нэһилиэгэр Петр Попов дириэктэрдээх ХЭ «Сунтарэнерго» тэрилтэ дьиэ тутуутугар «СунтарЦеолит» тэрилтэ «пеноцеолит» диэн саҥа матырыйаала экспертизаны ааһан лицензия ыллаҕына үлэ ыытары былааннаатылар, ону таһынан бу бырагыраамманнан үлэлиир бэдэрээччиктэр Анатолий Исаев директордаах ХЭ «Главстройкомплекс» тэрилтэ уонна Владимир Яковлев директордаах «Дабан строй» тэрилтэ кыһалҕалаах боппуруостарга бэйэлэрин туруорсууларын киллэрдилэр.
Сигэ: https://mr-suntarskij.sakha.gov.ru/
Похожие новости
Автобус с пассажирами перевернулся на перевале Тит
Лавров: «формула мира» Зеленского всем набила оскомину, Запад не хочет договариваться по-честному
Не давал войти, пока она кричала от боли: якутянина задержали за препятствие врачам, которые хотели принять роды у его жены