Саха сиригэр араас сылларга спорт араас көрүҥнэригэр Советскай Союз аатырбыт спортсменнара республика олоҕун билсэ, олохтоохторун кытта көрсөн, ыалдьыттаан ааспыттара. Кинилэр ортолоругар аан дойду, Европа, Советскай Союз чемпионнара, итиэннэ Олимпийскай оонньуулар кыайыылаахтара бааллара. Ол курдук, аатырбыт саахыматчыттартан аан дойду чемпионнара гроссмейстердар Анатолий Карпов (икки төгүллээх чемпион – 1976, 2001 сс.), Анастасия Костенюк (2011 с.) уонна да атыттар кэлэн барбыттара. Онтон аан дойду үрдүнэн аатырбыт гроссмейстер Виктор Корчной Дьокуускайга кэлэ сылдьыбытын туһунан элбэх киһи үчүгэйдик билбэтэ буолуо.
1970 сыллаахха олунньу-кулун тутар ыйдар быыстарыгар, оччолорго аатырбыт гроссмейстер Виктор Корчной республика саахымакка федерациятын ыҥырыытынан Саха сиригэр ыалдьыттаабыта.
1970 сыллаахха буолар претенденнэр күрэхтэһиилэригэр Виктор Корчной быһаччы кыттар быраабын «сиэбигэр» хайы-үйэ уктан холкутуйан сылдьара. Онтон кини Анатолий Карповы кытта аан дойду чемпионун аатын ылар былдьаһар матчтара аан дойду үрдүнэн бүтүннүүтүнэн биллибитэ. Ол гынан баран, ол туспа устуоруйа.
ГроссмейстерДьокуускайга кэлэ сылдьар кэмигэр, Саха сирин профсоюзтарын иһинэн саахымакка республикаҕа хамаанданан бастыыр иһин улахан күрэхтэһиитэ бара турара. Барыта 17 хамаанда кэлэн, ким күүстээх оонньооччулардааҕын, үчүгэй бэлэмнээҕин көрдөрөөрү илин-кэлин түсүһэн, тиритэ-хорута оонньуу сылдьаллара. Виктор Корчной кэлиитэ, республика олохтоохторугар, ордук саахымат спордун сөбүлүүр уонна интэриэһиргиир дьоҥҥо улахан солун, бэйэтэ умнуллубат событие буолбута.
Олунньу ый 13 күнүгэр Советскай Союз күүстээх гроссмейстера Виктор Корчной үп-харчы министерствотын кулуубугар чемпионат кыттыылаахтарын кытта көрсүбүтэ. Онно кини: «Советскай саахымат оскуолата, кини бастыҥ бэрэстэбииллэрэ уонна аан дойдуга бастыыр балаһыанньата» диэн тиэмэҕэ лиэксийэ аахпыта. Ол курдук, кини этэринэн, ол кэмҥэ Советскай Союзка барыта 900-кэ саахымакка спорт маастара, 80-ча гроссмейстер баар эбит. Биһиги дойдубут саахыматчыттара оонньуур таһымнарынан аан дойдуга баһылыыр-көһүлүүр оруолу ылалларын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.
Лиэксийэ кэнниттэн тута, аатырбыт гроссмейстер Виктор Корчной 30 дуоскаҕа сеанс биэрбитэ. Онно барыта отут бастакы разрядтаах саахыматчыттар эрэ кыттыыны ылбыттара. Биэс аҥаар чаас устата барбыт сыралаах сеанска, гроссмейстер бэйэтин туһатыгар 21 партияны түмүктээбитэ. Биэс партияҕа тэҥнэспитэ уонна түөрт партияҕа бэйэтин хотторбутунан билиммитэ. Онон, оонньуу уопсай ахсаана 23,5:6,5 очконан гроссмейстер туһатыгар түмүктэммитэ.
Сеанска В.Корчной кимнээххэ хотторбут эбитий? Гроссмейстеры оскуола үөрэнээччитэ И.Николаев, студент Ю.Захаров, авиатор Е.Балтахинов уонна кооператор А.Лобанов кыайбыттар. Кэлин кинилэртэн авиаинженер Егор Балтахинов аан дойду чемпиона Анатолий Карпов Саха сиригэр иккиһин кэлиитигэр эмиэ сеанска оонньоон кинини кытта тэҥнэһэн турардаах. Онон, саха саахыматчыттара ханнык баҕарар күүстээх гроссмейстеры кытта тэҥҥэ оонньуохтарын, өссө кыайыахтарын да сөбүн элбэх чахчылартан билэбит.
Кэлин сеанс кэнниттэн, Корчнойу оонньоон кыайбыт саахыматчыт Алексей Лобанов ахтыытын булан билсибитим. Онтон биллэххэ, кини бэйэтэ Чурапчы оройуонун Белолюбскай (билигинАрыылаах – ааптар) нэһилиэгэр төрөөбүт. 1946 сыллаахха Арыылаах начаалынай оскуолатыгар үөрэнэ киирбит. 1957 сыллаахха Чурапчы орто оскуолатын бүтэрбит. Үөрэнэр сылларыгар саахыматынан, дуобатынан умсугуйан туран дьарыктаммыт. Онуоха киниэхэ улахан быһаччы көмөнү Дмитрий Сергеевич Постников – Саха Республикатын үтүөлээх учуутала уонна Семен Ильич Жирков – Саха Республикатын үтүөлээх тренерэ оҥорбуттар, онон кинилэргэ улаханнык махтанар. Кэлин Советскай Армияҕа сулууспалыы сылдьан, итиэннэ Новосибирскайга үөрэнэр саахымакка оонньуур маастарстыбатын үрдэтиигэ, теорияҕа уонна да атыҥҥа болҕомтотун уурар буолбут. Бастакы разрядтаах оонньооччу буола үүммүтэ. Кэлин эргиэн систиэмэтигэр 40-ча сыл үлэлээн баран, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. В.Корчнойу сеанска кыайбытын иһин киниттэн кинигэ бэлэх ылбыта.
Онтон, Виктор Корчной туһунан тугу этиэххэ сөбүй?
Кини 1931 сыллаахха төрөөбүтэ, сэрии кэмигэр маачаха ийэтин кытта Ленинград блокадатыгар түбэһэн тыыннаах хаалбыта. Аҕата сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ. Сэрии кэнниттэн Виктор саахыматынан пионер Дыбарыаһыгар 13 сааһыттан дьарыктаммыта. Маҥнай оҕолорго Советскай Союзка бастаабыта. Кэлин саахымакка улахан дьоҥҥо Советскай Союзка түөрт төгүл чемпиона, Европа биэс төгүллээх чемпиона, Советскай Союз хамаандатыгар киирэн саахымат Олимпиадатын алта төгүллээх кыайыылааҕа. Гроссмейтер аатын сүүрбэ биэстээҕэр ылбыта. 1976 сыллааха оонньуур рейтинин муҥутаан 2695 тириэрпитэ. Аан дойду саахымакка бастыыр иһин претенденнэр турнирдарын хас да төгүл кыттыыллааҕа буолбута. Бу иннинэ 1969 сыллаахха претенденнэр икки ардыларыгар буолбут күрэхтэһиигэ тиһэх этапка тиийэн гроссмейстер Борис Спасскайга эрэ хотторон туораабыта.
Виктор Корчной аан дойду чемпионун аатын Анатолий Карповы кытта икки төгүл былдьаспыта. Маҥнай 1978 сыллаахха Бали (Филипиннэргэ) көрсөн 5:6 ахсаанынан хотторбута. Иккиһин 1981 сыллаахха Мерано (Италия) 2:6 ахсаанынан баһыйтарбыта.
1976 сыллаахха Амстердамҥа буолбут турнир кэнниттэн дойдутугар Советскай Союзка төннөртөн аккаастаммыта. Онон, гроссмейстер аатын соппуттара. Кэлин Швейцария гражданина буолбута уонна бу дойду спортка чиэһин көмүскээбитэ.
Корчной спортивнай биографиятыгар интэриэһинэй чахчылар бааллар. Олортон биирдэстэрэ – кини 1970 сыллаахха ССРС сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн аан дойду талыллыбыт хамаандатын утары оонньообута. Онтон, аны 1984 сыллааха аан дойду талыллыбыт хамаандатыгар киирэн, Советскай Союз хамаандатын утары оонньоон турардаах.
Бүтэһигин, 1986 сыллаахха гроссмейтер М.М. Ботвинник төрөөбүтэ 100 сааһын туолбут чиэһигэр ыытыллыбыт ветераннарга ортолоругар ыытыллыбыт турнирга кыайыылааҕынан тахсыбыта.
В.Корчной барыта 100-тан тахса аан дойдутааҕы турнир кыайыылааҕа.
2016 сыллаахха Виктор Львович Корчной 86 сааһыгар өлбүтэ. Тосту эргиирдээх, уһун олоҕу олорон барбыта. Майгытынан сымыйаны, албыны аһары сөбүлээбэтинэн атыттарга биллэрэ. Саахыматын өрө туппут киһи этэ.
Ити курдук, аатырбыт гроссмейстер Виктор Корчной саха саахыматчыттарыгар ыалдьыттаан, кинилэр хайдах оонньуулларын бэйэтинэн тургутан көрбүтэ олоххо буолбут дьиҥнээх түбэлтэ.
Источник: dzulurgan.ru
Похожие новости
Нужно ли делать КТ при подозрении на COVID-19?
ИЛ ДАРХАН САРДААНА ТРОФИМОВАҔА БОЧУОТТААХ БЭЛИЭНИ ТУТТАРДА
Официально: Андрей Тарасенко назначен и.о. председателя правительства Якутии