Суруйда — СУР.
Тоҕо диэн ыйытык турар. Төрөөбүт оҕо ахсын харчы төлөнөр, “оҕо харчыта” эбиллэр, ол түмүгэр, бэл, үлэлиирдээҕэр “оҕо харчытыгар” олорор барыстаах диэн буолар.
Мөкү көстүү
Демография көрдөрүүлэринэн биһиги сыллата Уһук Илиҥҥэ бастыҥмыт диэн буолар. Субу “мөлүйүөн” буоллубут диэн “түөскэ охсунуу”, Путиҥҥа тиийэ дарбаныы баара.
Сымыйа, барыта көрүнньүк диэн быһаччы этиэххэ наада.
Тоҕо диэтэххэ, оҕо төрөөһүнүн уҥа-хаҥас көрдөрүүлэрэ дьиҥ туругу көрдөрбөттөр. Ол төрөөбүт дьахталлар, баҕар, күн сарсын Таджикистаҥҥа көтөн хаалыахтара. Онто суох, Новосибирскай сөмөлүөтэ толору ньырыласпыт-ньарыласпыт оҕо көтөҕүүлээх Орто Азия дьахталлара буолаллар. Оҕо көтөҕүүлээхтэр, эбиитин хат ыадаҥнаһаллар.
Чэ, кинилэр буоллуннар даҕаны. Оттон сахалартан, баҕар, аҕыйах дьахтар сыллата төрүүрэ буолуо, оттон үгүстэрэ дьалыҥ сылдьаллара буолуо. Оччоҕуна оҕо төрөөһүнэ элбэҕи эппэт.
Онон төрүүр сааһыгар сылдьар дьахтары барыларын хабар көрдөрүү наада.
Оҕо төрөөһүнүн суумаламмыт коэффициена (суммарный коэффициент рождаемости) диэн баар. Бу сылга хас оҕо төрүүрүй диэн буолбакка, алҕаһаабат буоллахпына, 15 сааһыттан 50 сааһыгар диэри дьахталларга төһө оҕо төрөтүүтэ тахсарый диэн ыйытыкка хоруйдуур көрдөрүү.
Судургутук эттэххэ, төрүүр сааһыгар сылдьар дьахтарга хас оҕо тиксэрин көрдөрөр коэффициент. Бу коэффициент 2,1-тэн кыра, ол эбэтэр, төрүүр сааһыгар сылдьар биир дьахтарга 2,1 оҕоттон аҕыйах тиксэр буолла да, сахалыы эттэххэ, төрүөх төннөн барар. Тутатына эстибэт эрээри, аа-дьуо таҥнары таҥхалыйар.
Дьэ, бу хаартысканы көрүҥ. Москва куоракка буола турар “Россия – Корея – СНГ” норуоттар икки ардыларынааҕы научнай конференция мунньаҕыттан хаартысканы. Бу Арассыыйа, СНГ дойдуларын кэриэй-учуонайдарын конференцията. Дойдулара буоллаҕа, онон Уһук Илин элбэхтик ахтыллар буолуохтаах.
Манна көстөрүнэн, бары да мөлтөһүөрбүт эрээри, бүрээттэр уонна забайкальелар биһигиннээҕэр ордук туруктаахтар эбит. Дьиҥинэн!
“Суумаламмыт коэффициены” сыл аайы таһаарбаттар. Төрөөһүн хамсааһынын барытын саба тутан көрдөрөр курдук, аҕыйах сыл кэтээн ааҕаллар. Манна көрөргүт курдук, 2018 – 2022 сс. кэрчик кэм ааҕыллыбыт.
Саха ахсаанын 90-с сылларга саҕаламмыт урбанизация сиэтэ. Куоракка көһүү.
Биири өйдүөххэ наада: дьахтар төрүүрүгэр харчы сабыдыала олус улахан буолбатах. Төрүт сиэр-майгы, төрүт укулаат тыыннаах сиригэр элбэх оҕо төрүүр. ТРАДИЦИЯ баар сиригэр. Оннук сиринэн Саха сиригэр ТЫА СИРЭ буолар!
Саха уонна да атын олохтоох омуктар куоракка көһүүлэрэ кэнники сылларга олус тэтимирдэ курдук. Онуоха сөптөөх “усулуобуйа” бөҕөтө олохтонно. Тыа хаһаайыстыбата буомурда, сүөһү төбөтө сылга бүтүн улуус сүөһүтүн ахсаанынан аҕыйыыр буолла. Ол иннинэ балыыһалары уонна быраастары “оптимизациялааһын” ситиһиилээхтик ыытыллыбыта. Аны судаарыстыба, ол аата өрөспүүбүлүкэ дьаһалыгар оскуолалар киириэхтээхтэр диэн буолар. Оччотугар, биллэн турар, өссө биир “оптимизация” ситиһиилээхтик барарыгар саарбахтааһын суох диэххэ наада.
Дьокуускай “демографическай носуоска” бүтэһиктээхтик кубулуйда. Тыа сириттэн дьону “оборор”, ону миграннары угуйан ылан (бэриккэ бэрт чунуобунньуктар нөҥүө) “хааһылыыр”.
Салгыы маннык бардаҕына, саха омук, саатар, сүүс сыл тулуктаһара саарбахтанар. Ону киһи барыта билэр, арай салалтабыт эрэ кыһаллыбат.
Арассыыйа Конституциятынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ судаарыстыба буолар. Оттон судаарыстыба биир эрэ аналлаах – бэйэтин гражданнарын (Саха өрөспүүбүлүкэтигэр – олохтоох омуктары) көмүскээһин. Ис-тас өстөөхтөртөн, дьаҥтан-дьаһахтан, айылҕа алдьархайыттан, аччыктааһынтан көмүскээһин. Онтон атын туох да анала суох.
Ол көмүскэл суох буоллаҕына, бу атын омуктар судаарыстыбалара буолан тахсар – Саха өрөспүүбүлүкэтэ буолбатах!
Хаартысканы өссө төгүл көрүҥ. Саха сиригэр 2018 сыллаахха биир дьахтарга 1,9 оҕо тиксэр эбит буоллаҕына, 2022 сылга 1,6 оҕо буолбут. Бу “ат хаамыытынан” аҕыйааһын буолар.
Үс оҕонон биһиги уонна бүрээттэр аҕыйаабыппыт. Уоннааҕылар биирдии-иккилии оҕонон. Дьиҥэ, нуучча эрэгийиэннэрин кытта куоталаһан туһа суох – “пока толстый сохнет, тощий сдохнет” диэн баар. Нууччалар биллэ-көстө аҕыйыахтарыгар диэри биһиги сыппыт да суох буолуоҕа.
Үгүс экспертэр Арассыыйаҕа 89 субъект оннугар 20 агломерация ордуохтаах диэн “арҕааҥы глобалистар” идиэйэлэрин олоххо киллэрии бара турар диэн суруйаллар. Холобур, Дьокуускайдааҕы агломерация, маастар-былаан туһунан былааспыт мэнэрийбэт эрэ. Оннук эбит буоллаҕына, 2018 сыллаахха Саха өрөспүүбүлүкэтигэр ким Ил Дархан буолла этэй? ОГМВ (Объединенные города и местные власти) диэн аан дойду үрдүнэн урбанизацияны көҕүлүүр глобальнай тэрилтэ вице-президенэ.
Тарбаҕынан ыйыыта да суох, кимин бэйэҕит билэн олороҕут. Ол түмүгэр сорох нэһилиэктэргэ быйыл бастакы кылааска киирэр оҕо суох… Ол аата уон сылынан оскуоланы бүтэрээччи суох. Ол аата, ыал буолааччы, оҕо төрөтөөччү суох. Бүттэхпит ол.
Суҥхарда — СУР.
Похожие новости
Гендиректор «Теплоэнергии» объяснил, почему в домах холодно при запущенных котельных
«Угроза военного столкновения станет больше»: кто лучше для России — Харрис или Трамп?
В поселке Чокурдах будет построен уникальный для якутской Арктики объект – модульная канализационно-очистная станция.