Олоххо оҕо курдук сүгэһэр дьоллоох эрэ дьоҥҥо түбэһэр (Иван Федосеев – Доосо).
Ийэ буолуу дьиҥнээх иэйиитэ, айылҕаттан бэриллиитэ кини киһи буолуоҕуттан олохсуйар. Ийэ буолуу – үрдүк дьол, онтон элбэх оҕолонуу – Таҥара бэлэҕэ. Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр эдэр ийэ олорор, кини баара-суоҕа 39 саастаах эрээри, аныгы үйэ уустук кэмин аахсыбакка, номнуо 10 оҕоҕо күн сирин күндүтүн бэлэхтээн, нэһилиэккэ саамай элбэх оҕолоох эдэр ийэ буолар.
Мария бэйэтэ алта оҕолоох Тамара Лукинична уонн Александр Алексеевич Димитровтар дьиэ кэргэттэригэр төрдүс оҕонон төрөөбүтэ. 1997 сыллаахха Нам орто оскуолатын бүтэрбитин туоһулуур ситии-хотуу аттестатын туппут эдэркээн кыыс тута Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа туттарсан киирбитэ. Үөрэммит сылларын кини олус күндүтүк саныыр, устудьуон сылларыгар олоҕун аргыһын Альберт Махаровы көрсөн, сүрэхтэрин холбоон, күн бүгүнүгэр диэри дьоллоохтук олороллор. 2000 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн баран, Нам орто оскуолатыгар омук тылын учууталынан үлэлии киирбит. Быйыл атырдьах ыйын 28 күнүгэр субуруччу үс кыыс кэнниттэн кэтэһиилээх уол оҕо төрөөн, дьиэ кэргэн үөрүүтэ үгүс. Күн сирин көрбүт кырачаан оҕолорун Даниил диэн сүрэхтээбиттэр.
– Бастакы оҕоҕун хаскар төрөппүккүнүй? Элбэх оҕолонор баҕа баара дуу?
– 19 саастаахпар, ол эбэтэр 1999 сыллаахха бастакы оҕобутун Тамерланы төрөппүппүт. Бастакы оҕо минньигэс сыта, ытаан бэбээрэрэ барыта арааһа сүрэҕим ортотунан киирэн, сүрэхпэр иҥмит быһыылаах, тоҕо эрэ наһаа оҕомсохпун, оҕолорум бары миэхэ күндүлэр, хаһан да оҕону түһэттэрэр, аккаастанар толкуйдар киирбэтэхтэрэ. Кэргэним барахсан элбэх оҕолооҕуттан астынар, бары бииргэ түмсэн олордохпутуна отой атын, сылаас, ураты сымнаҕас хараҕынан көрөр, мантан ордук дьахтарга туох дьоло баар үһү?
– Оҕолоруҥ тустарынан кэпсиэҥ дуо? Тугунан дьарыктаналлар, туох ситиһиилээхтэр?
– 4 уол, 6 кыыс оҕолоохпут. Тамерлан, Милена, Алеша Бүлүү педколледжын устудьуоннара, Амелия 4-с, Мила 2-с, Давид – оҕо саадын бэлэмнэнии бөлөҕүн иитиллээччитэ, онтон үс кырачаан сибэккилэрбит Лика түөртээх, Авигея үстээх, Соломона икки сааһын туолар уонна Даниил биир ыйдаах. Оҕолорбут спортка кэккэ ситиһиилээхтэр, ол курдук Тамерлан, Милена уонна Алеша остуол оонньуутугар 20-с үбүлүөйдээх Манчаары оонньууларын кыттыылаахтара. Алешабыт саамай эдэр чөмпүйүөн аатын сүкпүтэ. Маны тэҥэ улахан уол хапсаҕайынан, Милена хотугу многоборьенан, Алеша чэпчэки атлетиканан дьарыктаналлар. Тамерланнаах Алеша иккиэн спорт маастардара.
– Онтон иитии чааһыгар тугу этиэҥ этэй? Эт кырбас сыллатааҕы оҕолору көрөргө-истэргэ ыарахаттар бааллар дуу?
– Таҥараны итэҕэйэрим быһыытынан, Таҥара тылыгар олоҕуран иитэбит. Оҕолорбутун амарах, киэҥ көҕүстээх, үөрүнньэҥ, кыаммакка-кыраҕа көмө-тирэх буоларга үөрэтэбит. Дьону туоратары, атаҕастыыры олох утарабыт. Билиҥҥитэ улахан ыарахан суох курдук, оҕо оҕону көрсөр дииллэрэ кырдьык эбит. Улахан дьиэ кэргэн тапталыгар бигэнэн улааппыт оҕо дьоҥҥо ураты аһаҕас буолар. Икки улахаммыт тэйиччи сылдьар буоланнар, ахтыһабыт, кэллэхтэринэ, бииргэ буоллахпытына дууһам уоскуйарга дылы буолар. Сарсыарда аайы оҕолорбунаан саҥа күнү бэлэхтээбитигэр Таҥараҕа махтанабыт, үчүгэйи эрэ ыраланабыт.
– Кэргэниҥ тугу үлэлиирий? Элбэх оҕолоох ыал аҕата, сэрэйдэххэ, түбүгэ элбэх буолуо…
– Аҕабыт Намнааҕы олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр газовай котельнай операторынан үлэлиир. Киһи быһыытынан сымнаҕаһа, барыны бары булан-талан, баар гынан, оҕолорго холобурга сылдьар аҕа. Элбэх оҕо аһа-таҥаһа, ирдэбилэ элбэх буоллаҕа, ону барытын биһиги аҕабыт, итиэннэ аймахтарбыт, биир итэҕэллээхтэрим, нэһилиэгим дьоно көмө буолан абырыыллар. Онон бар дьоммор махталым тугунан да тэҥнэммэт. Аҕабыт сатаабата диэн суох, дьиэ ис-тас үлэтэ буоллун барытыгар оҕолору кытта тэҥҥэ үлэлиибит. Итиэннэ олус үчүгэйдик уруһуйдуур, бэркэ табыллан уһанар.
– Элбэх оҕолоох ыалга бэриллэр көмөнү туһанаҕыт дуо? Дьиэ-уот боппуруоһа хайдаҕый?
– Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин субсидиятыгар хапсан, дьиэ туттан киирбиппит. Онтон элбэх оҕолоох ыалга бэриллэр «мөлүйүөнү» ыла иликпит, уочаракка турабыт. Туох барыта кэмнээх-кэрдиистээх, баҕа хоту барыта биирдэ баар буолбат эбээт.
Эдэр Ийэ быйыл саас «Ийэҕэ Албан аат» үрдүк наҕарааданы ылбыта. Даҕатан эттэххэ, кинини кытта биһигиттэн 15 ийэ бу үрдүк аакка тиксибитин бэлиэтиир тоҕоостоох.
Мария Таҥара биэрбит бэлэҕин барытын сиргэ аанньал гынан түһэрэн, күн сирин көрдөрөн, орто дойду олоҕун сырдык тыынныырыгар улахан махтал буолуохтун. Дьиэ кэргэн дьоло ийэттэн тутулуктааҕын умнумаҥ! Тапталтан үөскээбит оҕо дьолу эрэ түстүүрүн үрдүктүк тутуҥ. Дьиэ иһигэр оҕо баар буоллаҕына – дьиэ иһигэр сылаас салгын олохсуйар, онтон Ийэ мичээрдээтэҕинэ – дьол уйаланар.
Валентина ДОГОЮСОВА
“Үөһээ Бүлүү” хаһыат
Похожие новости
Нэһилиэктэр уонна “олигарх” Ил Дархан
САҤА КИНИГЭ ТУҺУНАН ТУС САНАА
Дьахтар аналын туһунан өссө биирдэ…