Yakutians.com

Новости Якутии

Эллэй эһэбит кэриэһэ: күүгэннээхтик ииктиир кыргыттар бааллар дуо?

Кэм-кэрдии кимиитэ кэрээнэ суох – саха дьоно үөрэхтэнэр, сайдар, “аан дойду гражданина” буолар, киһи-аймаҕы кытта үөрэр-көтөр, тэҥҥэ сэнньэлиһэр диэн баар.

Сорохтор саха төһөнөн үөрэхтэнэр, төһөнөн сайдар да, оччонон оҕоломмот, төрүөҕэ тахсыбат, онон аҕыйах сылынан, били, үһүйээҥҥэ кэпсэнэр “туматтар” курдук “тыал буолбуттар” ахсааннарыгар киирэр дьылҕалаахпыт дэһэллэр. “Хааннаах харахтаах” туматтар хахсааттарыгар, сэрии илбиһинэн илгистибит буруйдарыгар суох буолбуттара диир буоллахтарына, биһиги “сайдыыттан” симэлийэрбит сүрэ бэркэ дылы.

Дьон-сэргэ бөрүкүтэ суох кэскили сибикилээбитэ ыраатта. Арбанар “глобализация” кыра омуктары мыр гыммакка апчарыйар адьынаттааҕа уруккуттан да биллэр буоллаҕа. “Сайдыы” аргыһа буолбут “урбанизация” туох-ханнык иннинэ саха сиэрин-сигилитин, үйэлээх үгэстэрин, төрүт дьарыгын тосту уларытарын, ийэ тылын тылбыйарын “куорат омуга” буолан эрэр дьон билбэхтэһэн эрэбит.

Ханнык баҕарар омук туруга син биир киһи туругун кэриэтэ. Ханнык эрэ хамсык буоллун, ханнык эрэ куттал бүрүүкээтин, көмүскэнэр хамсааһыннар саҕаланаллар. Ол биирдиилээн киһиттэн да, бүтүн норуоттан да тутулуга суох – “тыс” гынан бэйэтэ холбонор механизм.

Ону туохтан көрөбүтүй? Суоһуур куттал үрүт өттө – ийэ тыл туруга. Ону киһи барыта өйдөөн көрөр. Онон, этэргэ дылы, турар-турбат барыта саха тылын дурдата-хаххата буолла, “тыл хайдах сайдыахтааҕын” ыйар-кэрдэр улуу соругу туруорунна.

Бу туох да куһаҕана суох. Омук көмүскэнэр быһыыта. Бэл диэтэр, саастаах дьон улахан араҥата, чуолаан, ийэлэр-эбэлэр уус-уран айымньыга төбөлөрүнэн түстүлэр, аҥаар кырыытыттан хоһоон-кэпсээн айар аакка бардылар. Онно киһи дьиктиргиэҕэ суох. Саастаах киһи өлөр-сүтэр диэн тугун бэркэ билэр, оттон “обургу оҕо” улахаҥҥа уурбат, ис дьиҥин улаханнык өйдөөбөт.

Ол эрэн, дьиҥнээх куттал демография өттүнэн суоһуур эбээт!

Онон дьээбэ соҕус быһыы-майгы үөскээтэ. Омук быһыытынан симэлийии үрүт, “кылабачыйа сытар” өттүн – ийэ тыл сүтэр кутталын утары охсуһуу барар. Манна аҕа саастаах дьон туруна сатыыр. Кыахтара баарынан, этэргэ дылы, элэ-была тылларынан.

Оттон оҕону төрөтүү – эдэрдэр эйгэлэрэ. Кырдьаҕастар төрүүр-ууһуур кыахтаахтара буоллар, бука, саха туһа диэн баран, баҕар, сордоно сатаан көрүөхтэрэ эбитэ буолуо даҕаны, пахай-пахай, былыргыны былыт саптаҕа… Оттон эдэрдэр куойаларыгар-маҥкыларыгар оҕустарбаттар.

Төрүүр оҕо ахсаана өлөр киһи ахсаанын сабырыйар буолла да, барыта үчүгэй диэн буолбатах. Быһыы-майгы муҥурах мас кэриэтэ. Омук кэскилэ арыый да арылларын наадатыгар хас биирдии дьахтар 2,1 оҕолонуохтаах диэн. Ортотунан. Омук аайы атын атыннык халбаҥныыр эрээри, ортотунан итинник – оҕолонуу суумаламмыт коэффициенэ 2,1-тэн кыра буолуо суохтаах. Биһиэнэ бэркэлээтэҕинэ 1,8 буолар.

Ол аата, төрүөхпүт төннөн иһэр.

Элбэх оҕо төрүүр – эдэр ыччат элбэх. Аҕыйах оҕо төрүүр – кырдьаҕас дьон элбэх. “Биэнсийэлээх” омук – бэрт дуо?

Эдэр ыччат элбэх буоллаҕына, омук нэҥирдээх буолар. Киириилээх-тахсыылаах, кэлиилээх-барыылаах даҕаны, айдааннаах-куйдааннаах, атааннаах-мөҥүөннээх даҕаны. Оннук быһыыны Лев Гумилев “пассионарность” диэн ааттаабыта.

Элбэх эдэр ыччат ортотугар “баппаттар” да элбэхтэр, айааччылар-тутааччылар да бааллар аҕай. Ыччаты ханна салайа тутаҕын да, ол диэки хайыһаллар. Спорка, үлэҕэ, үөрэххэ сүрдэниэхтэрин сөп, ону кытта маассабайдык “хаайыы дьоно” эмиэ буолуохтарын сөп.

Ыччат нэҥирэ спорт көрүҥнэригэр эмиэ көстөр. Холобур, тустууга көрдөрүүлэрбит намтааһыннара. Элбэх ыччаттаах омуктар ордук дьорҕоот майгылаахтар, самнары-сабырыйтарары сөбүлээбэттэр.

Ити барыта былыр былыргыттан биллэр суол. Инньэ, Эллэй эһэбит саҕаттан.

Үһүйээн быһыытынан, Омоҕой баай Эллэйгэ мааны кыыһын сыыттыыр. Эллэй туран “эй” да, “ээх” да диэбэккэ үс сылы быһа кыргыттары кэтээн көрөр. Аһыылларын-сииллэрин, үлэлииллэрин-хамсыылларын. Ол буолан, бүтэһиктээх быһаарыныыны туохтан ылыммыт эбитий? Саһан сытан кыргыттар ииктииллэрин көрөр. Көйгө кыыс күүгэннээхтик барылаччы ииктиир, оттон мааны кыыс барбах, быста-быста тыккыратар эбит.

Дьэ, барылаччы ииктиир көйгө кыыс үгүс уонна чэгиэн, төрөлкөй төрүөхтээх буолууһу диэн тойоннуур, оттон мааны кыыс төрүөҕэ мөлтөх уонна оккураҥ буолууһу диэн сабаҕалыыр.

Онон көйгө кыыһы талар. Баайтан-дуолтан акаастанан туран – муоһа сарбыллыбыт, кутуруга кыргыллыбыт (эстии бэлиэтэ буолуохтаах) тарбыйахтаах ынах эрэ өлүүлээх ыал буолаллар. Элбэх оҕолонноххо, туруу ыччаттаннахха баай да баар буолуо диэн.

Дьэ, өбүгэбит сөпкө дуу, сөрүөстүгэстик дуу дьаһаммытын бэйэҕит удамырдаан көрүҥ. Бука, сөпкө дьаһанан тараҕай сиргэ тарҕаннахпыт, томтор сиргэ таҕыстахпыт. Баччалаах киэҥ сири бас билбит, Хотугу эргимтэҕэ хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи тэниппит соҕотох омукпут. Аан дойду үрдүнэн!

Ол эрэн, Эллэй эһэбит аман өһө умнууга хаалла. Оннооҕор буолуох умнулунна диэххэ сөп эрээри, бөлөһүөк Платон эппитэ баар: “Ааспыт кэмин умнубут норуот, инники кэскилэ суох”. Бука, сөпкө сөллөҥнөөбүт.

Суоруйда уонна суруйда – Сур.

Поделиться
%d такие блоггеры, как: