Yakutians.com

Новости Якутии

Чэлгийээнэ оҕолорго анаммыт кинигэлэрин сүрэхтээтэ!

Бугун, атырдьах ыйын 24 күнүгэр, Дьокуускай куоракка “Айти Парк” дьиэтигэр – оҕо библиотекатын саалатыгар Валентина Иннокентьевна Яковлева- Чэлгийээнэ оҕоҕо аналлаах кинигэлэрин биһирэмэ ыытылынна. Быыстапканы кинигэлэрин тэҥэ бэйэтин уруһуйдара кэчигирэччи кэккэлээн тураллара олус киэргэттэ.


Өссө биир кэрэхсэнэрэ – оҕолор кыттыбыттара буолла.
Кини бэйэтин курдук кэрэни сэргиир, эргиччи талааннаах, олоххо көхтөөх дьүөгэлэрин кытта билистибит. Манна “Айар Кут” РСПиП, “Тыл сумэтэ”, “Сайдам саас”, “Сахалыы тыынынан”, “Көҥүл көтүү”, “Чэйиҥ, чэйдиэҕиҥ!” диэн түмсүүлэртэн дьүөгэлэрэ мустан, мааны астаах сандалы тула олорон иһирэхтик кэпсэттилэр, ырыа ыллаатылар, Чэлгийээнэ мелодияларыгар ырыаларынан үҥкүүлээтилэр.
Бары да, бэйэтин курдук киэҥ-холку майгылаах, бииртэн биир талааннаах үтүө дьон тулалыыр эбиттэр кинини.


Онон сонун, сэргэх бырааһынньыктан астынан тарҕастыбыт.
Ытыктабыллаах Валентина Иннокентьевна!
Эйиэхэ анаммыт баҕа санаа бастыҥа туолан, айар-тутар суолуҥ уһун буоллун, доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабыт!
Алгыс баһа сыаланнын!

Дьүөгэлэрин ааттарыттан Анна Петровна Григорьева

Поделиться
%d такие блоггеры, как: