Виталий СУР
Бүгүн, от ыйын 27 күнүгэр, Дьокуускайга РНА Сибиирдээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ, академик В.Н. Пармон кэллэ уонна өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга А.С. Николаевы кытта көрүстэ, ол кэнниттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын академиятыгар ыалдьыттаата.
Көрсүһүүгэ национальнай академия бэрэсидьиэнин эбээһинэһин толорооччу, РНА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ Л.Н. Владимиров, РНА СО Саха сиринээҕи научнай киинин Федеральнай чинчийэр киинин (ФИЦ) салайааччыта, РНА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ М.П. Лебедев, өрөспүүбүлүкэ вице-премьера С.В. Местников, саха академиктара, Саха сиринээҕи научнай-чинчийэр институттар салайааччылара бааллар.
Валентин Пармон туох-ханнык иннинэ соторутааҕыта соһумардык күн сириттэн күрэммит, Саха академиятын бэрэсидьиэнэ В.В. Филиппов аатын кэриэстээн кутурҕан мүнүүтэтин биллэрдэ:
– Соһуччу быһыы. Икки дуу, үс дуу хонук иннинэ үчүгэй баҕайытык кэпсэппиппит баара… Кини хайдах эмтэниэхтээҕин туһунан. Мин өйдөөбүппүнэн, эпэрээссийэ кэнниттэн реанимацияҕа телефонун ылбатахтар, кини майгытын бэйэҕит билэҕит, туохтан эрэ олус долгуйбут…
Ытыктабыллаах ыалдьыт Саха сиригэр сыллата кэлэрин бэлиэтээн туран, Сибиирдээҕи наука киинэ өрөспүүбүлүкэ салалтатын кытта бэркэ өйдөһөллөрүн бэлиэтээтэ:
– Айсен Сергеевиһи кытта бүгүҥҥү кэпсэтиибит үлэ хаамыытын чэрчитинэн буолан ааста. Туһааннаах байыаннай эпэрээссийэ саҕаламмытын кэнниттэн үөскээбит быһыыга-майгыга, этэргэ дылы, “чаһыларбытын тэҥнээтибит”. Дойдубут экэниэмикэ, бэлиитикэ уонна, кылаабынайа, технология өттүнэн туох да сүрдээх кытаанах хачаҥхаҕа ылларбытын быһыытынан.
Валентин Николаевич эппитинэн, Арассыыйа наукаларын академията даҕаны, наука Сибиирдээҕи салаата даҕаны, дойдубут технология өттүнэн тутулуга суох буоларын сүрүн соругунан ааҕар. Отут сыллаах улугуруу содулун оһорунар, сорох хайысхаларынан уруттуур туһугар.
Ил Дарханныын кэпсэтиигэ, биллэн турар, СӨ Наукаларын академиятын кытта алтыһыыны эмиэ дьүүллэспиттэр. Онно саҥа үнүстүрүмүөннэр бааллар, холобур, научнай-үөрэтэр кииннэр (научно-образовательные центры – НОЦ). Ол курдук, Саха сирэ, Сахалин, Магадан, Камчатка уонна Чукотка “Хотугу сир – туруктаах сайдыы территорията” («Север: территория устойчивого развития») НОЦ иһинэн үлэлииллэр.
Академик Пармон, дьэ, бу “Север” НОЦ олус уустук сыаллаах-соруктаах, үтүмэн үлэни эрэйэр диэтэ. Манна сүрүн оруолу, биллэн турар, ХИФУ уонна Саха академията ылыахтара, РНА Сибиирдээҕи салаатын кытта кыттыһан үлэлиэхтэрэ.
Биллэн турар, наука сайдыытыгар ыарахаттар элбэхтэр. Холобур, 253 ФЗ №-дээх федеральнай сокуон быһыытынан, академия сакааһынан барар научнай чинчийиилэр бюджеттан үбүлэммэттэр, ол оннугар, Валентин Пармон эппитинэн, улахан хампаанньалары кытта биир тылы булан үлэлээтэххэ син үп-харчы көстөрүн, институттар биир сыалга-сорукка түмсэн үлэлиир кыахтаналларын эттэ. Ол курдук, 2020 сыллаахха “Норильский никель” хампаанньаҕа тахсыбыт саахал содулун быһаарар тутулуга суох экспертизаны ыытыыга үс нэдиэлэ иһигэр 14 институттан, ол иһигэр Саха сириттэн, алта куораттан экспедиция хомуллубут. Былырыын экспедиция иккис, быйыл үһүс түһүмэҕэ үлэлээбит. “Норникель” үлэбитин хайҕаан, 80 мөл. солкуобайга чинчийиилэри сакаастаабытын биһиги “Улахан научнай экспедиция” диэн ааттыыбыт диир академик. Арктика балаһатын биологиятын чинчийиини таһынан, Забайкальеҕа өр сыллаах тоҥ боруодалар сөҥөн сытар сирдэригэр промышленность содулун үөрэтиигэ алта институттан таҥыллыбыт экспедиция үлэлии сылдьар эбит. Чинчийии дьикти түмүктэрдээх буолан тахсыбыт: бырамыысыланнас наар куһаҕанынан буолбакка, ардыгар үчүгэйинэн эмиэ дьайара көстүбүт. Сорох тыынар тыыннаахха бырамыысыланнас чугаһа ордук буолан тахсыбыт.
Аны туран, атын хампаанньалары кытта биир бэрт кэрэхсэбиллээх бырайыагы олоххо киллэриигэ үлэлииллэр эбит.
– Ону биһиги “Одуванчик” бырайыак диэн ааттыыбыт. Николай Носов “Билбэтчэй ыйга тахсар” диэн кинигэтин үгүскүт аахпыт буолуохтааххыт. Онно току-току-ньээм сибэкки сүмэһиниттэн оҥоһуллубут шаригынан көтөллөр. Ол эбэтэр, бу сибэкки туһааннаах көрүҥэ айылҕа каучугун оҥорорго туттуллар.
Айылҕа каучугун ханнык да синтетика кыайан солбуйбат. Учуонай Аҕа дойду сэриитин саҕана биһиги оннук плантациялардаах буолан быыһаммыппытын санатта. Билигин ол үүээйи култуурата умнууга хаалбытын саҥаттан сөргүтэр сорук турар. Фундаментальнай генетическай чинчийиилэр барыахтаахтар уонна табылыннаҕына аграрнай бизнес биир дьоһуннаах салаатыгар кубулуйуохтаах.
Академик Айсен Николаевы кытта технологическай хааччахтааһыннары туоруурга сүрүн соруктары чопчуласпыттарын кэпсээтэ. Бастатан туран, хотугу тыйыс усулуобуйаҕа туттуллар матырыйааллары оҥоруу тыын боппуруоска кубулуйбут.
– Доҕоттор, эһиги көмөҕүт эрэйиллэр, – диэтэ Валентин Николаевич. – Тоҕо диэтэххэ, Арктика балаһатыгар үлэлиир техникаҕа аналлаах саппаас чаастары кыраныысса таһыттан ыларбыт тохтоото. Онон күүспүтүн түмүөхпүтүн наада.
– Биһиэхэ харчыбыт суох да буоллар, судаарыстыба сорудаҕын чопчулааһыҥҥа, эрэкэмэндээссийэлээһиҥҥэ көмөлөһүөхпүтүн, Үөрэхтээһин уонна наука министиэристибэтэ үгүөрү соҕус үбү көрөрүн туруорсуохпутун сөп. Хомойуох иһин, барыллааһын быһыытынан, үбү-харчыны 10 % сарбыйыах курдуктар. Ол эрэн, үөскээбит быһыыга-майгыга науката суох буорайар туруктаахпытын өйдүүллэр ини диэн эрэнэрбитигэр тиийэбит. Иккис сүрүн соругунан эрэгийиэннэрдээҕи тыа хаһаайыстыбатын импортан тутулуга суох оҥоруу. Туорахтаах култуураҕа син аҕай буоллахпытына, сүөһү иитиитин хайысхатыгар быстар куһаҕан туруктаахпыт. Бастатан туран, вакцина суоҕунан, генетика пуондата мөлтөҕүнэн. Эһиэхэ ити өттүнэн сайдыы баар, ону, туох-ханнык иннинэ, вакциналары оҥоруу хайысхатын күүһүрдэр сорук турар. Көтөр иитиитигэр, үүнээйи салаатыгар, оҕуруот аһын үгүс көрүҥнэригэр быстар мөлтөхпүт. Онон өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытта бу хайысхаларга тугу оҥоруохха сөбүн дьүүллэһэргитигэр көрдөһөбүн.
Ил Дарханы кытта кэпсэтиигэ өссө да элбэх боппуруос көтөҕүллүбүт. Ол иһигэр геология, холобур, алмаас саппааһын хаҥатыы боппуруоһа.
Айсен Николаев академическай наука сүүһүнэн-тыһыынчанан сыллары хабар глобальнай сылыйыы боппуруостарын ырытар, атмосфера чааннаммытын ааҕар буоллаҕына, биһигини субу хабарҕалыыр кыһалҕанан инженернэй тутуулар сууллар-сууллубат туруктара буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээбит.
– Бу боппуруоска эһиги Ирбэт тоҥу үөрэтэр институккут сүрүн оруолу оонньуур, – диэтэ Валентин Пармон.
Кини эппитинэн, экология хайысхатынан Сибиирдээҕи салааҕа чинчийэр кииннэри (институттары) арыйан үлэлэтэллэр эбит. Олору кытта биир сүбэнэн үлэлииргэ ыҥырда.
***
Биллэн турар, академиктар боппуруостарын, туруорсар туруорсууларын барытын сурукка тиһэр кыаллыбат.
Саха дьоно сэргиэн сөптөөх боппуруоһун РНА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, техническай наука доктора А.М. Большаков туруорда.
Ол курдук, кэнники сылларга Саха сиригэр ойуур уота уонна уу сута солбуйса сылдьан алдьархайы тардар буоллулар. Ол барыта халаан сиҥнэрин кэриэтэ соһуччу буолар.
– Дьоннор: “Бэйи, оттон наукабыт тугунан дьарыктанарый?” – диэн миигиттэн ыйыталлар, – диэтэ Александр Михайлович.
Кини наука Аҕа дойдуга сулууспалыахтааҕын санатан туран, научнай-чинчийэр институттар тирээн турар актуальнай соруктары быһаарыыга чопчу үлэлиэхтээхтэрин ыйда. Дьиҥинэн, баар уонна үөскүөхтээх кыһалҕалары эрдэттэн сэрэтиигэ анаан тэриллибит институттар эбээт. Холобур, Космофизика, Биология, Ирбэт тоҥу үөрэтэр институттар.
Иккиһинэн, учуонайдар фундаментальнай чинчийиилэрин бэйэлэрэ олоххо киллэрсиэхтээхтэр диэтэ. Хаһан эрэ научнай-производственнай кииннэр, холбоһуктар балачча көдьүүстээхтик үлэлии сылдьыбыттара. Наука чинчийиилэрин харчыга эргитии хайысхатынан.
Валентин Пармон олус суолталаах боппуруос көтөҕүллүбүтүн бэлиэтээтэ уонна билигин учуонайдар үлэлэрин сүрүннээһини Үөрэхтээһин уонна наука министиэристибэтиттэн Арассыыйа наукаларын академиятыгар төннөрөр үлэ барар диэтэ. Быһата, науканы чунуобунньук табаҕайыттан төлө туттарар сорук турар.
Ол эрэн, тирээн турар боппуруостары быһаарыыга үлэ барбат диир сатаммат эбит. Ол туһунан академик Б.М. Кершенгольц санатта: уопсастыбаннас сакааһынан, 2019-2020 сс. Бүлүү умнаһын улуустарыгар экология туругун чинчийии анал бырагырааммата АЛРОСА хампаанньа үбүлээһининэн үлэлээбитэ.
Үс хайысханан чинчийбиттэрэ: экология туруга; дьон-сэргэ доруобуйата; иһэр уу атын кудуктарын көрдөөһүн.
Академик Пармон этэн аһарбытын курдук, айылҕа сатарыйыыта барыта бырамыысыланнас содула буолбатаҕын бу чинчийии эмиэ көрдөрбүт. Борис Моисеевич эппитинэн, Бүлүү умнаһын экологията буомтуйуутугар АЛРОСА хампаанньа дьайыыта 10 % эбит. Оттон 90 %-на атын айылҕалааҕа быһаарыллыбыт.
Саха дьоно сүүс сыл устата уопсай, ол эбэтэр маассабай үөрэхтээһинтэн, син, “өйбүт хойуннаҕа” дии. Дьиҥэ, наука чинчийиилэрин өрө тутуохпутун сөп этэ. Бассаапка тарҕанар суруйууларга, быһаччы этиэххэ наада, ол кэмчи буолар. Ол эрэн дьону баалыыр эмиэ да сатаммат курдук – харчы былааһыгар, “кыһыл көмүс тарбыйах” айбарыгар орулуур отут сыл үөрэннэхпит. Барыта атыыланар диэн.
Ол эрэн, мантан инньэ наука эйгэтигэр быһыы-майгы көнөрүгэр эрэниэх тустаахпыт. Маннааҕы научнай-чинчийэр институттар Саха сирин тыйыс усулуобуйатын дьон туһатыгар эргитэргэ, сир баайын хостооһун айылҕаҕа охсуута халымыр, үлэ-хамнас көдьүүстээх буоларын туһугар анаан-минээн тэриллибиттэрэ эбээт. Академик Пармон тылыттан-өһүттэн сылыктаатахха, ол төннүөн сөп курдук.
Алексей Пудов хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Похожие новости
Политолог объяснил отмену второго «саммита мира» по Украине
Пошли последние сутки Космической недели…
В Якутске после капремонта выпучился и потрескался многоквартирный дом