Бэҕэһээ, ол эбэтэр тохсунньу 22 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун муниципальнай тэриллиилэрин баһылыктарын сэбиэтин мунньаҕа буолан ааста. Мунньахха Үөһээ Бүлүү уонна Горнай улуустарын түмэр уокуруктан Ил Түмэн дьокутааттара Ф.В. Габышева уонна Г.Н. Алексеев, улуус тэрилтэлэрин салайааччылара кыттыыны ыллылар.
Маннык тутуллаах мунньах өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн аан бастаан ыытыллар диэтэххэ омун буолбата буолуо. Мунньах суолтата, холобур, өрөспүүбүлүкэ 100 нэһилиэгин баһылыктара тэрийбит видео-кэмпириэнсийэлэрин учуоттуур буоллахха, суолтата өссө улаатар. Холобур, баһылыктар кыһаннахтарына бэйэлэригэр бүкпэттэрин, тыллара-өстөрө иһиллибэккэ хаалбатын көрдөрөр диэххэ наада. Ол курдук, улуустар Ил Түмэҥҥэ дьокутааттарын туһаннахтарына Арассыыйа да таһымыгар тахсар кыахтаахтар. Ону кытта олохтоох салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганнара сокуону көҕүлүүр бырааптарын умнумаҥ. Туох барыта суукка-сокуоҥҥа олоҕурар эбээт – биэнсийэттэн саҕалаан, бүддьүөт тыырыллыытыгар тиийэ.
Кырдьык, дьаҥ туран үлэ-хамнас, өйү-санааны түмэн дьүүллэһии хаарчахтаммыта биллэр. Ил Дархан Айсен Николаев эппиттинэн, нэһилиэктэр баһылыктарын мунньахтара улуустар, оройуоннар бөлөхтөрүнэн ыытыллаллара күүтүллэр. Киин улуустар уонна Дьокуускай куорат, Бүлүү улуустара, Илин Эҥээр улуустара, Хотугу улуустар, Бырамыысыланнай улуустар бөлөхтөрө.
Эдэр баһылыктар суолларын быһымыахха!
Кырдьык табыгаһа суох сокуон барыллара таҥыллыбыттар. Дьүүллэстэххэ табыллар. “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох салайыныы дьокутаата, быыбардаммыт уорганнарын чилиэнэ, олохтоох салайыныы быыбардаммыт дуоһунастаах сирэйэ боломуочуйаларын толороллорун мэктиэлээһин туһунан” уонна “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр муниципальнай дуоһунастарга уонна муниципальнай сулууспа дуоһунастарыгар үлэлээбит дьон биэнсийэлэрин туһунан” өрөспүүбүлүкэ сокуоннарыгар уларытыылары киллэрэр туһунан этиллэр.
Кырата суох оһол-төрүөт төрдө буолуон сөптөөх быһыы. Быһата, “муниципальнай биэнсийэҕэ” баһылыктыы олорон эрэ биэнсийэҕэ тахсыбыт киһи суоттанар кыахтаах диэн. Дьэ, бу хайдаҕый? Оччотугар, холобур, 30 саастааҕар баһылыгынан талыллыбыт эдэр киһи “муниципальнай биэнсийэнэн” хааччылларын туһугар отуттан тахса сыл баһылыктыан наада. Сэттэ болдьоохо талыллан. Бу хайдах да кыаллыбат быһыы. Холобур, уон, уон биэс сыл үлэлээбит киһи, этэргэ дылы, ытыс соттуон сөп.
Бу Ил Түмэн олохтоох салайыныыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, хомойуох иһин биһиги кэккэбититтэн барбыт В.А. Местников ыарахан ыарыыга ылларан сокуон барылыгар дьокутааттары, кинилэр нөҥүө баһылыктары кытта үлэ ситэ барбатах. Василий Александрович, бэйэтэ Өймөкөөн улууһугар уонтан тахса сыл баһылыгынан үлэлээбит киһи, бу сокуон барылын ымпыгар-чымпыгар диэри оҥоруохтаах этэ.
Кырдьык да диэххэ айылаах. Сокуон баар барылынан ылыллар түгэнигэр аныгыскы быыбартан саҕалаан биир да эдэр киһи баһылыкка турбат куттала үөскүүр. Биэнсийэҕэ субу тахсаары сылдьар аҕам дьон эрэ турунуохтарын сөп. Аныгы үйэҕэ туох да социальнай өйүк суох буоллаҕына ханнык эдэр киһи баһылыктыы сатыаҕай, оттон көлүөнэлэр солбуйсуулара барбат буоллаҕына ханнык сайдыы кэлиэҕэй.
Мунньах кыттыылаахтара баһылыгынан 10 сыл, ол эбэтэр икки болдьоххо талыллан үлэлээбит киһиэхэ “муниципальнай биэнсийэ” мэктиэлэниэхтээх диэн уларытыы иһин куоластаатылар. Ил Түмэн билимҥэ, үөрэхтээһиҥҥэ, иһитиннэрэр-биллэрэр сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ сис кэмиэтиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева эбии көннөрүүлэри Ил Түмэҥҥэ олунньу 15 күнүгэр диэри оҥорон киллэриэхтээх диэн буолла.
Бу олохтоох салайыныы сайдыытыгар улахан суолталаах сокуон бары өттүнэн дьүүллэһиллэн, үрүҥэ-харата, көҕүлүүр эбэтэр күөмчүлүүр күүһэ бары өттүнэн көрүллэн эрэ баран ылыллыахтаах.
Дьокутааттар баһылыктары тохсунньу 29 күнүгэр буолуохтаах “Олохтоох салайыныы актуальнай боппуруостара” төгүрүк остуолга кытталларыгар ыҥырдылар.
Үп-харчы хамсыаҕа – үбүлээһин эбиллиэҕэ
Күн бүгүн Саха сирин бары нэһилиэктэрин долгутар боппуруоһунан олохтоох салайыныы бүддьүөттэрин тыырыы буолар. Мэлдьэх буолбатах, үбүлээһин методикатыгар өйдөммөт түгэннэр бааллар. Муниципальнай сулууспа үлэһиттэригэр хамнастара да намыһах, аны туран боломуочуйаларга нуормалаан тыырыллыбыт үп дьиҥэр кэлэн тиийбэт кыһалҕата баар.
Баһылыктар ДьУоКХ үбүлээһиниттэн кэмчилэммит харчыны суһал кыһалҕалары “саба тутууга” туттар туһунан боппуруоһу көтөхтүлэр.
Ол эрэн, уруккуттан биллэр быһыы – бүддьүөт сыл устата көннөрүллэр. Үгэс курдук, эбии төлөбүрдэр, эбии дохуоттар киирэллэр, ол аайы муниципальнай тэриллиилэр да умнуллубаттар. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев дьону-сэргэни кытта быһа эфиргэ көрсүһүүтүгэр этэн турар.
Ил Түмэн бүддьүөккэ, үбүлээһиҥҥэ, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Гаврил Алексеев баһылыктар эбии үбүлээһин боппуруостарынан киниэхэ тус бэйэтигэр тахсалларыгар эттэ. Барыта кумааҕыга чопчу суоттаммыт, олохтоохтук быһаарыллыбыт буолуохтаах. Салгыы дьокутаат үлэтэ – үп министиэристибэтин таһымыгар.
Мунньахха “Мин Сахам сирэ – 21 үйэҕэ” үтүө дьыалалар бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһыннарын салгыыр туһунан этии киирдэ. Санатар буоллахха, үтүө дьыалалар хамсааһыннара “Төрөөбүт куораттарбыт уонна сэлиэнньэлэрбит” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак иһинэн үлэлиир. Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыы тылыгар бу бырайыакка быйыл миллиард солкуобай туһуланыаҕа диэн эппитэ.
Уот умсулҕана
Иккис боппуруоһунан “Якутскэнерго” хампаанньа генеральнай дириэктэрэ А.А. Стручков Үөһээ Бүлүүгэ кэлэригэр туруорсуохтаах боппуруостарын дьүүллэстилэр.
Дьокутаат Гаврил Алексеев Дүллүкү нэһилиэгин баһылыга Егор Алексеев Үрэн учаастагар дизель электростанция туруохтаах сирин докумуоннарын бэлэмнииригэр, уот кыамтатын үрдэтиигэ сайаапка түһэрэригэр эттэ.
Туруорсар боппуруостара, этэргэ дылы, ыаһах аайы ыстал буолбут кыһалҕалар.
Бастатан туран, “Сунтаар – Ньурба” 220 кВ үрдүк күүрүүлээх ситим тардыытын түргэтэтии. Бүлүү эбэ хоту өттүнээҕи нэһилиэктэргэ бу ситим тутуллуута улахан суолталаах. Ол курдук, гаас кэлэр-кэлбэт боппуруоһа быһаарыллыа ыраах эбит буоллаҕына, дьиэлэри электричество уотунан сылытыы дьон олоҕун тупсарыыга элбэҕи быһаарыан сөп.
Иккиһинэн, бары нэһилиэктэргэ уот ситимнэригэр остуолбалары саҥардыы үлэтэ ыытылыахтаах. Үсүһүнэн, ким бас билэрэ биллибэт эбийиэктэрэ – уот ситимнэрэ ханна баҕарар бааллар. Олор “Якутскэнерго” дьаһалыгар киирэллэрин туруорсуу.
Дьэ, ити курдук. Пандемия, дьаҥ-дьаһах буоллун – үлэ-хамнас хайдах тохтоон хаалыаҕай. Билигин олох-дьаһах, салайыы, дьыала-куолу көрүҥнэрэ уларыйаннар, үлэни-хамнаһы араас көрүҥүнэн тэрийиэххэ наада. Үөһээ Бүлүү баһылыктарын сэбиэтэ Ил Түмэн дьокутааттарын кытта саҥалыы үлэлиир холобурдара киэҥник тарҕаныан, тупсарыллыан, чочуллуон сөп этэ.
Сонурҕаата – СУР.
Похожие новости
Нэһилиэктэр уонна “олигарх” Ил Дархан
История Государевой дороги в современных проектах, или Мост между двумя регионами
Кто отменяет прямые выборы в Якутске: смотрим имена депутатов