Yakutians.com

Новости Якутии

Амма улууһугар национальнай бырайыактар чэрчилэринэн үгүс үлэ ыытыллар.

Онтон биирдэстэринэн айан суолларын өрөмүөнэ. Бу туһунан улуус баһылыгын тутууга солбуйааччыта Виктор Смирников бу курдук кэпсиир:

Фото страницы

“Дойдубут Президенэ Владимир Путин туруорбут национальнай бырайыактарын истэригэр “Хаачыстыбалаах уонна куттала суох массыына суоллара” диэн бырайыагынан биһиги улууспутугар үгүс үлэ ыытыллыбыта уонна ыытылла да турар. Ол курдук 2025 сылга диэри уопсайа 74 км айан суола аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир гына оҥоһуллуохтаахтар уонна өрөмүөннэниэхтээхтэр. Онно киирэр суолу үрдэтии, кэтирэтии, барьернай хаххалары, знактары туруоруу курдук үлэлэр. Бу үлэлэр 2019 сылтан саҕалаан “Амма”, “Бөтүҥ” региональнай суолларбытыгар үгүс үлэ ыытылла турар.

Ол курдук национальнай бырайыак чэрчитинэн Амма-Чапчылҕан икки ардынааҕы суолга бэртээхэй сырдатыы үлэтэ барбыта. Барьернай хаххалар турбуттара. Маны сэргэ “Амма” региональнай суолга 12 км тахса, ол эбэтэр 96 км -112 км диэри суол өрөмүөннэммитэ. Ол гынан бүтэһик учаастактарыгар үлэ күһүн хойутуу түмүктэнэн, ситэ чиҥээбэккэ хаалан, быйыл саас массыынанан айаннааччыларга харгыстар тахса сырыттылар. Онно өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбата, суол управлениета болҕомтоҕо ылан, ону сэргэ Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев бэйэтин тус хонтуруолугар тутан, бириэмэтигэр оҥоһуллан, айан сырыыта тохтооботоҕо. Быйыл эмиэ бу учаастакпыт салгыы, 112-122 км диэри өрөмүөннэниэхтээх. Ону таһынан бэдэрээтчит ааспыт сылга оҥорбут суолун 5 сыллаах мэктиэлээһинин чэрчитинэн эбии өрөмүөннүөхтээх.

Фото страницы

Маны сэргэ национальнай бырайыагынан “Бөтүҥ” айан суолугар, 4км – 9 км диэри суол өрөмүөнэ барыахтаах. Билэргит курдук, бу суол Уус Майаҕа арахсар суолтан саҕаланар. Бу 5 км суол аукционун бэйэбит биир дойдулаахпыт Николай Алексеев кыайан манна өрөмүөн үлэтин ыытыахтаах. Ону таһынан 40 км быстах учаастактарынан эмиэ быстах өрөмүөн үлэтэ былааннанар. Билигин өссө эбии суол учаастактарын киллэриигэ үлэлэһэбит.

Суоллары таһынан муосталарбытын өрөмүөннүүбүт. Быйыл саас өрүспүт уутун таһааран Сэргэ Бэс таһынан Мигири үрэхпит тимирэ сырытта. Онно бэйэтэ да мөлтөх туруктаах муоста биллэ эмсэҕэлээбитин эмиэ өрөмүөннүүргэ суол управлениетын кытта кэпсэтиилэр бараллар.

Уопсайынан улууспутугар бу национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ Сахабыт сирин Бырабыыталыстыбата, Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев улахан болҕомтолорун уураллар. Ол эбэтэр бу аҥардас суол эрэ оҥоһуутугар буолбакка, дьиэ тутуутун, үөрэх, доруобуйа харыстабылын эйгэлэригэр туһуламмыт бырыайыактарынан араас тутуулар бараллар, бара да тураллар. Инникитин өссө да саҥа тутуулары киллэриигэ былаан элбэх. Манна национальнай бырайыактар төһүү күүс буолуохтара диэн эрэлбит улахан”, – диэн Виктор Владимирович санаатын үллэһиннэ.

Ааптар: “Амма олоҕо”

Кыһа: https://mr-amginskij.sakha.gov.ru/

Поделиться
%d такие блоггеры, как: