Абаҕа киэҥ нэлэмэн бааһынатыгар түөрт тыраахтыр күргүөмүнэн үлэлии сылдьара, ол быыһыгар кэҕэ этэн чоргуйара бэйэтэ туспа кэрэ муусука буолан иһиллэр. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһит дьоно билигин былдьаһыктаах күннэрэ. Кылгас болдьох иһигэр ыһыыларын бүтэрэ охсорго дьулуһаллар.
“Биһиги сиик саптарыытыгар ыам ыйын 10 күнүттэн киирбиппит. Ол үлэбитин бүтэрэн, күн-дьыл сылыйарын кэтэһэн, өрүспүтүн эмиэ кэтэһэн, ону кытта оҥостон бу ыам ыйын 23 күнүттэн ыһыыбытын саҕалаатыбыт. Күн бүгүн ыһыыга 17 киһи үлэлии сылдьар, 7 тыраахтыр. Бу көрөргүт курдук 4 тыраахтыр ыһа сылдьаллар. Техника туруктара үчүгэй. Быйыл өссө саҥа тыраахтыр ыллыбыт. Сеялкаларбыт аныгылар. Онон үлэлииргэ чэпчэки диэххэ сөп. Уруккуттан атын буоллаҕа дии. Билигин бааһына сиигэ баар курдук. Кыратык да буоллар ардах түспүтэ”, — диэн совхоз тэриллиэҕиттэн үлэлии-хамсыы сылдьар Егор Михайлов кэпсиир.
Егор Егорович хаһаайыстыба туллар тутааҕа. Бэрэссэдээтэлэ Василий Тимофеев бэлиэтээн эппитинэн, хайдах да буоллун, наадалаах саппаас чааһы булан аҕалбыта баар буолар. Онон тырахтарыыстар маннык биригэдьиирдэнэн абыраммыттар. Үлэһит буолуоҕуттан хаһаайыстыбаҕа түбүгүрбүт кырдьаҕас билигин да үтүө сүбэһит, солбуллубат мэхээнньик -биригэдьиир дуоһунастаах үлэлии сылдьар.
“Быйылгы ыһыыбыт 571 гектар. Онтон эбиэһэ 465 гектар, ньэчимиэн 70 га уонна 36 гектарга сэлиэһинэй. Ону таһынан 156 гаҕа сүөһү аһылыгын култуурата. Бааһыналарбытын былырыын барытын паардаабыппыт. Онно бу сиик саптаран баран киирэн ыһа сылдьабыт. Хаар эрдэ ууллубут буолан сиик арыый кыра. Ол гынан баран олох суох буолбатах, үчүгэй. Аны билигин ыһан бүттэхпитинэ ардах кэлэн түһүөн наада”, — диэн “Абаҕа” ХЭТ кылаабынай агронома Ньургун Петров сырдатар.
Кылаабынай агроном биир тырахтарыыһы солбуйан, билигин бэйэтэ тыраахтыр уруулун тутан ыһыыга сылдьар эбит. Онон этэргэ диэри үлэни ис иһиттэн билэр. “Бары да универсал үлэһиттэрбит, көрөн турбаппыт. Бэйэ бэйэбитин солбуйсабыт” дэһэллэр үлэһиттэр.
Бааһына оҥоһуллубут буолан, буора сымнаҕаһа, туораах бурдук түһэригэр оруобуна табыллан турар эбит. Абаҕалар быйыл тастан киирии “Талисман” диэн эбиэс суордун, сэлиэһинэйи, ньэчимиэни “Амма” АУО-тан ылан ыһа сылдьаллар. Ону сэргэ былырыын бэйэлэрин бурдуктарын сиэмэтиттэн ылан 10 тонна ньэчимиэни “Амма” АУО-тыгар баран ыраастаан аҕалан, ыһа сылдьаллар.
Управление салайааччыта Ион Кононов сеялкаҕа тахсан сиэмэ бурдугу көрөн, бэртээхэй дии диэн сыаналаата. Дьэ аны күһүн хайдах бурдук үүнэн тахсарын долгуйа кэтэһэллэр. Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, инникитин хомуйбут бурдуктарыттан сиэмэҕэ хаалларан, ыһар буолуохтара. Абаҕа бааһыналарыгар бурдугу ыһа сылдьар техникалар ортолоругар уот кыһыл МТЗ тыраахтыр ала чуо көстөр. Бу аҕыйах хонуктааҕыта Аллараа Бэстээхтэн кэлбит саҥа техника буолар.
“Саҥа тыраахтыр биэрэн үчүгэй. Бэйэтин сүрдээҕин кыанар, кыахтаах. Бу улахан тэрили соһо ыарырҕаппакка соһо сылдьар. Киэһэ хойукка диэри үлэлиибит. Күн-дьыл туран биэрэринэн күүскэ үлэлиибит буоллаҕа”, — диэн саҥа тыраахтыр уруулугар олорбут Алексей Павлов астынан туран санаатын үллэһиннэ.
Хаһаайыстыбаҕа ыһыы үлэтэ тэрээһиннээхтик ыытыллар. Үлэһиттэр үлэлиир усулуобуйалара барыта тэриллибит. Бэйэлэрин күүстэринэн бэртээхэй диэн будка оҥорбуттар. Ис өттө эпсиэйдэнэн, сайыҥҥы стреклопакет түннүктэнэн, өссө утуйар туспа хостонон туох да оһуобай эбит.
Күнүскү аһылыктарыгар туох сыалаах эмис эттэн миини бастайааннай повардара Петр Деляев буһаран бэлэмнээбит. Бэйэ арыыта, сымнаҕас килиэп миини кытта туох да тотоойу эбиэт буоллаҕа.
“Хаһаайыстыбалар бары кэриэтэ ыһыыга киирдилэр. Абаҕаны уонна Бөтүҥү кытта өссө Соморсуҥҥа уонна Болугурга ыһыы үлэтэ ыытыллар. Уопсайа биэс бурдук хаһаайыстыбалаахпыт. Бары сиэмэ бурдугунан, уматыгынан, минеральнай уоҕурдуунуна хааччыллан тураллар. Быйыл 3600 гектары ыһыахтаахпыт. Сиэмэ бурдукпут улахан өртүн бэйэбит улууспутуттан хааччынабыт. Бу абаҕалар быйыл эмиэ бэйэлэрин бурдуктарын ыһан боруобалаан эрэллэр. Инникитин бу курдук тастан сиэмэ киллэриитин тохтотон олоччу бэйэбит оройуоннаммыт сиэмэбитинэн ыһарга соруктанабыт. Өссө быйыл сэлиэһинэйбитин мэлийэн, килиэп астыырга боруобалыахпыт. Ыһыыбытын бэс ыйын саҥатыгар бүтэрэр соруктаахпыт. Бэлэмнэнии куһаҕана суох. Бу күннэргэ сииги куоттарбакка, ыһыыбытын кэмигэр бүтэрэр былааннаахпыт”, — диэн этэр тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Семенович.
“Амма олоҕо” хаһыат
Похожие новости
ATM: Израиль атакует Иран для “переигрывания войны Судного дня”
Времени на навигацию на реках Ленского бассейна осталось всего ничего
Чистка элит состоялась. Тихо, спокойно – как и обещал Михаил Хазин