Yakutians.com

Новости Якутии

Аллайыаха ырыаһыта

Бэртээхэй, бэрт үчүгэй ойуулаах-бичиктээх, ис киирбэх хоһооннордоох, дьоҕус – ытыс саҕа хомуурунньук-кинигэ күн сирин көрдө. Ааптар – Рожина Ида Дмитриевна-Күндүйээнэ, хоту дойду хоһуун кыыһа, Аллайыаха оройуонугар өр сылларга үлэлээбит, бу дойдуну иккис дойду оҥостубут, олоҕун анаабыт киһи. Ида Дмитриевна төрөөбүт дойдута – Тулагы-Киллэм. А.Г. Чикачев аатынан Чокурдаах орто оскуолатыгар “Саха сирин төрүт омуктарын культуратын” учууталынан үлэлээбитэ, “СӨ Учууталларын учуутала”, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Айар кут”, “Сайар сарыал”, “Сайдам саас”, “Дорҕоон тойуга” литературнай бөлөхтөр чилиэннэрэ, Аллайыаха улууһуттан төрүттээх “Кустук” вокальнай ырыа бөлөҕүн кыттыылааҕа, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар ырыа күрэхтэрин хас да төгүллээх лауреата. “Кындыа кыһын ырыата”, “Улуу кыайыыны уруйдуубут”, “Күн кута сибэкки”, “Оҕо саас оһуора”, о.д.а. хоһоон хомуурунньуктарыгар бэчээттэммитэ, оттон кэккэ хоһоонноро ырыа буолан ылланаллар.

Дьэ, онон ырыа куттаах Күндүйээнэ хоһоонноро биир оннуктар: ырыа курдук наардаммыттар, ырыа курдук тэтимнээхтэр.

Дьэдьэн сыттаах мин ыллыгым

Ырыанан дайар киэҥ хонуум,

Ырам көтөр ыраата,

Ыраас санаам кыната…

Оттон Хоту дойду хоһуун кыыһа, биллэн турар, дойдутун – хотугу сирин хоһуйар:

Буур табабын миинэммин

Аллайыахам сиринэн

Бурҕачытан иһэртэн

Дьоллоох буолуом суоҕа дуо?!

Иирэ талах тулалыыр

Индигиирдиир эбэбэр,

Илимнэрбин көрөртөн

Үөрбэт-көппөт буолуом дуо?!

Туналҕаннаах ньуурдардаах

Туундарам киэҥ иэнигэр

Бултаан-алтаан кэллэрбин

Үөрбэт-көппөт буолуом дуо?

Кини алыптаах баҕатынан “хаар үллүктээх” хотугу кыраайын “дьүкээбил дьиримниир уотугар кыттыһан” кэмэ суох кэрэтик хоһуйуу, тулалыыр эйгэтин үөрүүнэн толоруу буолар.

Это изображение имеет пустой атрибут alt; его имя файла - de7e05df-d585-4052-88bd-4a370380f6c7-768x1024.jpeg

Аҕынным даҕаны дойдубун,

Алмаастыы кылбайар көп хаарын,

Туундарам муора долгунунуу

Тэнийэ, унаара көстөрүн.

Оо, арай дьүкээбил суһумар,

Дьиримниир уотугар кыттыһан,                                     

Оргууйдук тапталбын сипсийэн

Дьиктилээх ырыабын ыыттарбыан…

Оттон уучах табатын миинэн туундара устун көтүтэн иһэрэ хараххар бу ойууланар. Ону эбээн тылынан хоһуйан ааптар бу курдук этэр:

Учик орми ойдодун

Аллыйкы эмиэ туурлин

Кунявкандым айладин

Миһылкэн оми орус!

Индигиир окатлан

Адалби ярутми

Гуд урэкчээн ойлин

Орылби илбыдим!

Хотугу дойдуга саас кэлиитэ олус да үөрүүлээх буоллаҕа, сааскы кэм илдьиттэрэ – туллуктар кэлиилэрэ биир оннук кэтэһиилээх:

Күммүт күлүмүрдүү тыкпахтаан,

Хаар мөһүүрэ уотунан оонньоон,

Хоту дойдубар кэрэ кэммит –

Кэллэ кэтэспит сааспыт.

Туллуктар туртаһан көстөллөр,

Туундарам ньуурунан көтөллөр,

Табалар үөрдүһэн хаамаллар,

Табыйан хаар аннын хаһаллар.

Оттон тугут төрөөбүтэ өссө бүк үөрүүлээх түгэн буоллаҕа. Саас, саҥа кэм, саҥа төрөөбүт тугут – барыта символ, кэскили кытта сибээстээх үөрүүлээх, кэтэһиилээх кэрэ кэм.

Сааскы сырдык күммүт анныгар

Саҥа күнү көрсө сыламнаан,

Кыыччаларбыт хаарга сытаннар

Кырачаан тугуту төрүүллэр.

Төрөөт да туруоҕа атаҕар

Ийэтин эмээри дьулуһан,

Тугутум, кэрэчээн кэскилим,

Илгэлээх инники баайчааным.

Сааскы кэм. Туундарам бэлэҕэ,

Тугуппут – олохпут ситимэ,

Саас-үйэ тухары арчылан,

Төрүппүт төлкөтүн салҕааҥҥын.

Хоту дойду хорсун-хоодуот, хоһуун дьонун киэн тутта итэҕэтиилээхтик хоһуйар:

Тибиилэннин да буурҕаланнын,

Түүннэри-күннэри маныыбын

Аһаҕас халлааным аннынан

Адаар муостаах табаларбын.

Сыыдамныыр табабын көлүйэн

Сындыыстыы тордохпор көтүтүөм,

Сыарҕам хаарга сыыйыллар тыаһын

Саргылаах хоһооммор хоһуйуом.

Ааптар суруйар ньыматыгар норуот ырыатын халыыбын сатабыллаахтык туттар:

Индигиирдиир ини эбэбэр

Илимнэрбин ини көрөммүн,

Байанайбар ини махтанан

Биэрэкпин ини көрбүтүм.

Эбэтэр:

Дьэ дуо,

Оһуон-оһуон оһуокай,

Оһуокайдыыр оһуокай

Сахам сайдам санаалаах

Сайаҕас мааны аймаҕа,

Самаан сайын кэлбитин,

Саһарҕабыт сыдьаайан

Сандаарыйа тыкпытын,

Сиэдэрэйдиир айылҕа

Ситэн-тупсан турарын,

Ситим курдук субуллан,

Салама тэҥэ сандааран,

Сиэттиһээхтээн киирэҥҥит

Сиэдэрэйдиир ырыабар

Сэгэлдьиһэ хаамсаҥҥыт,

Саха төрүт оонньуутун

Саҕалыаҕыҥ, доҕоттоор!

Ида Рожина хоһоонноругар санаа түһүүлээх, хом санаалаах строкалар суохтарын кэриэтэ, ити кини хоһооннорун уратыта диэххэ сөп. Олоххо, үлэҕэ уонна киһи да быһыытынан олус көхтөөҕүн, куруук да инники күөҥҥэ сылдьарын туоһулууллар, сырдык санаалааҕын,үчүгэйгэ эрэмньилээҕин көрдөрөллөр. Бу хоту дойду хоһоонньуттарын уратыта да диэтэхпитинэ сөптөөх этии буолуо. Санааҥ көрүҥ, уһун унньуктаах полярнай түүннэр кэннэ кэтэһиилээх күн тыгыыта хайдах үөрүүлээҕин! Ол да иһин буолуо, онтон үөрбүт санаалара, эрэммит кэтэһиилэрэ кинилэри төгүрүк сыл устата иилии сирдээн, куттарын-сүрдэрин сырдата сылдьан эрдэҕэ. Инньэ гынан, хоту дойдуга сайыҥҥы күн киирбэккэ эргиччи тыгарыныы, санаалара сырдык, үөрүүлэрэ үрдүк!

Сааскы көмүс күнүм күлүмэ

Сиэдэрэй симэҕин түһэриэ,

Саһархай хоптобут кэлиитэ –

Сайыммыт кэлбитин бэлиэтэ.

Ил-эйэ холууба чыычаахпыт,

Илдьиттээх саһархай хоптобут,

Иилии дайа көттө үөһэннэн

Индигир Эбэбит үрдүнэн.

Киирбэт күннээх кылгас сайынын

Кэрэхсэнэр кэрэ түгэнин,

Саһарҕатын түөскэр түһэрэн,

Сырдык сыдьаайынан үөрдэҕин.

Туундарам киэргэлэ хоптобут

Саас аайы эргиллэн кэлэҥҥин,

Тапталы дьолунан толорон

Саргылаах олоҕу үйэтит!

Валерия ТЕМЕНХОН

Поделиться
%d такие блоггеры, как: