Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласовы аата-ахсаана биллибэт мунньах быыһыгар болдьоһон, уонча мүнүүтэ сирэй көрсөн кэпсэтиигэ тыа сирин дьонун долгутар тыын ыйытыыларга хоруйдууругар көрдөстүм.
– Александр Павлович, аҕыйах хонуктааҕыта өрөспүүбүлүкэ бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин ассоциациятын отчуоттуур-быыбардыыр кэмпириэнсийэтигэр үүт харчыта үрдэтиллэрин туһунан иһитиннэрбитиҥ уонна сарсын-өйүүн чуолкайданыа диэбитиҥ…
– Ил Дархан Айсен Николаев оперативнай ыстаап мунньаҕар Тыа хаһаайыстыбатын, Экэниэмикэ уонна Үп министиэристибэлэригэр ааҕан таһаарыы, суоттааһын оҥорон, туттарыллар үүккэ субсидияны үрдэтии боппуруоһун көрөрбүтүгэр сорудах биэрдэ. Онон, сотору кэминэн быһаарыллыа диэн эрэннэрэбин. Кэлэр ый 12-гэр диэри оперативнай ыстаапка киллэрдэхпитинэ, оперативнай ыстаап быһаарыыта тахсыаҕа. Онтон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн аныгыскы чуолкайдааһыҥҥа киллэриэхпит.
Ити тэриллиилээх хаһаайыстыбалар туттарар үүттэригэр көрүллэр 50 солкуобайы үрдэтиигэ сыһыаннаах буоллаҕа?
– Оннук. Тыа хаһаайыстыбатыгар быһаччы үлэлии сылдьар дьон дохуоттаах буолалларыгар туһаайыллар дьаһал.
– Оччоҕо сыл анараа өттүгэр ылыллыбыт субсидия кээмэйэ хаһаайыстыба ороскуотун саппат буолла дуо?
– Биллэрин курдук, уматык-оҕунуох, саппаас чаас, тутуу матырыйаалын, о.д.а. сыаналара үрдүү тураллара дохуокка улаханнык охсор. Онон итинник дьаһаллары ылынарбытын кэм-кэрдии ирдиир.
– Төһө солкуобайынан үрдэтиллиэй?
– Мин билигин бачча диэн этэр кыаҕым суох. Хас даҕаны барыйаан баар. Экэниэмикэ министиэристибэтин кытта бу боппуруоска салгыы үлэлэһиэхпит.
– Кэтэх ынахтаах ыал туттарар үүтүгэр соҕотуопсук төлүүр 10 солкуобайа быйылгыттан эмиэ улаатыннарыллыан сөбүн туһунан эрдэ истэн турабын…
– Ити өттүгэр, кырдьык, эмиэ торум баар. Субсидия улаатар буоллаҕына, соҕотуопкалааччы атыылаһар сыаната эмиэ эбиллиэхтээх. Министиэристибэ соҕотуопкалыыр, астыыр тэрилтэлэр 5 солкуобайынан үрдэтэллэригэр этии киллэриэхпит.
– Оттон 20-30 солкуобайга тириэрдэр хайдах даҕаны кыаллыа суоҕа дуо?
– Тутар-атыылаһар сыананы икки-үс төгүл үрдэтэр соҕотуопкалыыр тэрилтэҕэ эрэ барытыгар кыайтарбат. Ороскуоттарын ааҕынар-суоттанар буоллахтара. Ол иһин, сатаатар, 15 солкуобайтан кырата суох харчыга туталларыгар эрэкэмэндээссийэлиибит. Үүт соҕотуопкатыгар улуустарын, нэһилиэктэрин дьаһалталарын кытта ыкса үлэлэһэн, кэтэхтэри төһө кыалларынан киэҥник хаба сатыахтаахтар. Аҥаардас субсидя үбүгэр сигэммэккэ, үлэни ыытыах тустаахтар. Холобур, ааспыт сылга Бүлүү улууһугар олохтоох бүддьүөттэн кэтэх ынахтаах ыал киилэ үүтүгэр 5-тии солкуобайы эбии көрөннөр, кэпэрэтиип 25-тии солкуобайга туппута. Ленскэй улууһугар эмиэ бүддьүөттэриттэн эбэннэр, балачча үрдэппиттэрэ. Үөһээ Бүлүүгэ Ороһу нэһилиэгэр урбаанньыт нөҥүө 30-туу солкуобайга туппуттара. Кэтэх хаһаайыстыбалаахтары көҕүлээһин түмүгэр субсидията суох, кэтэхтэртэн барыта 3300-чэ туонна үүт соҕотуопкаламмыта. Бу үлэни быйыл өссө күүһүрдэр, кэҥэтэр сорук турар. Табан тэрийдэххэ уонна санааны уурдахха, ис кыах улахан дии саныыбын.
– Үөһэ ыйыллыбыт кэмпириэнсийэҕэ өссө бэйэ дьарыктаах дьон хаартатыгар үүт харчытын түһэриэххэ сөбүн туһунан быктаран ааспытыҥ. Ону мин кэтэх ынахпын ыан үүт туттардахпына, хаартабар субсидия харчыта кэлэн түһэр эбит диэн өйдөөбүтүм. Сыыстарабын дуу?
– Бэйэ дьарыктаах буолуутун (самозанятость) туһунан РФ бырабыыталыстыбатын уурааҕа 2019 с. тахсыбыта. Ону түһүмэхтэринэн киллэрдилэр. Пилотнай бырайыагынан маҥнайгы сыл 4, онтон иккис сылыгар 8 эрэгийиэҥҥэ тургутан көрдүлэр. Онтон быйылгыттан дойду субъектарыгар бүтүннүү киирдэ. Саҥа ньыма көдьүүстээҕин көрдөрдө: урут күлүккэ сыппыт, нолуок төлөөбөт дьон, этэргэ дылы, уот иннигэр таҕыстылар. “Бэйэ дьарыктаах” киһи биирдиилээн дьоҥҥо өҥө оҥорор буоллаҕына, киирбит сууматтан нолуокка 4 бырыһыаны төлүүр, оттон тэрилтэлэри кытта үлэлэһэр буоллаҕына – 6 бырыһыан. Усулуобуйата диэн, сыллааҕы дохуота 2 мөл. 400 тыһ., ол аата ыйдааҕы дохуота 200 тыһ. солкуобайтан таһымныа суохтаах. Онтон үрдүк буоллаҕына, сокуонунан урбаанньыт быһыытынан регистрацияланыахтаах. Билигин маны үөрэтэ, үлэлэһэ сылдьабыт. Чопчу маннык буолуо диэн этэр кыаҕым суох.
– Төттөрүтүн, тэриллиилээхтэргэ үүт харчыта үрдэтиллэрин уонна баар балаһыанньаны туһанан, кэпэрээссийэни сайыннарыыга өйү-санааны, күүһү-уоҕу түмүөххэ баар этэ. Александр Павлович, маныаха туох санаалааххын?
– Ол хайысханан биһиги үлэни ыытабыт. Миэстэтигэр эмиэ тэрийиэхтээхтэр. Бырабыыталыстыба 445-с №-дээх уурааҕар кэпэрээссийэни сайыннарыыны чопчу киллэрэн турабыт. Нэһилиэккэ потребительскай кэпэрэтиип тэриннэхтэринэ, паайсыктаахтар потребкэпэрэтиип салалтатын кытта дуогабар түһэрсэн, сүөһүлэрин кэпэрэтиипкэ көрдөрө биэрэллэр уонна кэпэрэтиип нөҥүө үүт туттараллар, төбө харчытын ылбаттар. “Кэпэрээссийэлэммит” ынахтар 50 төбө миэстэлээх хотоҥҥо туруохтаахтар диэн аһара улахан да, кыра да буолбатах ирдэбиллээх усулуобуйаны киллэрбиппит. Дьон маны өйдөөн, тэринэн, хамнанан эрэллэр. Министиэристибэттэн былырыын потребительскай кэпэрэтииптэр 100-түү миэстэлээх хотон тутталларыгар 8-тыы мөл. солк. кээмэйдээх 20 граны биэрбиппит. Балтараа сыл иһигэр туттуохтаахтар. Сорох сиргэ тутуллан киирдэ, атыттар ситэринэ сылдьаллар.
– Саҥа хотоннору тутуу салҕаныа дуо?
– Быйыл эмиэ бу хайысхаҕа үптээхпит, 50-ча мөл. солкуобай. Ол сүнньүнэн үлэни ыытыахпыт.
– Дуона суох эбит. Оттон миллиард аҥаара тутууга, саҥалыы сэбилээһиҥҥэ көрүлүннэ уонна биир оччо үп тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы пуондатыгар угуллар диэн буолбута хайаста?
– Пуонда үбэ толоруллан иһэр. “Туймаада” хампаанньа нөҥүө сааскы ыһыыга, от үлэтигэр даҕаны буоллун, 3 сылга диэри 5 бырыһыаннаах кирэдьиит бэриллэр. Үүнэн, киирэн иһэрдиин пуонда миллиард кэриҥэ үптээх.
– Инвестицияҕа төһө-хачча үп туохха “үлэлиэй”?
– Итиннэ анаммыт үп сүөһү турар хотоннорун уонна сайылыктары тутууга, астыыр-үөллүүр тэрилтэлэр матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй базаларын бөҕөргөтүүгэ, саҥалыы сэбилээһиҥҥэ туттуллуо. Бэрээдэк быһыытынан, сүүмэрдээһин ыытыллыаҕа. Санатан эттэххэ, быйылгы бүддьүөккэ былырыын сыл бүтүүтэ Ил Дархан дьаһалынан 1 млрд 650 мөл. солк. эбии көрүллүбүтэ. Мантан 650-тан тахса мөлүйүөнэ улуустар боломуочуйаларын толороллоругар эбии барыахтаах. Ол иһигэр тутуллар үүт кээмэйин улаатыннарыыга: былырыын 57 тыһ. 350 туонна үүтү туппут буоллахпытына, быйылгы былаан – 62 тыһ. туонна. Маны таһынан табаны иитии салаатыгар олорор түбэлэринэн көрөн, 1-дии төбөҕө субсидия кээмэйэ эбилиннэ уонна биэ төбөтүгэр көрүллэр көмө үп 1,5 тыһ. солкуобайтан 3 тыһыынчаҕа диэри үрдэтилиннэ. Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын соҕотуопкалааһын саҥа мэхэньииһимин иккис түһүмэҕин олоххо киллэриигэ эмиэ итинтэн барар. Онон, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга эбии көрүллүбүт үптэн 500-түү мөлүйүөнэ пуондаҕа уонна инвестицияҕа угуллар, ордубут суумата улуустарга боломуочуйаларын толороллоругар эбиллэн тиийэр. Быйыл улуустар судаарыстыба тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйүүр боломуочуйаларын олоххо киллэрэллэригэр барыта 6,5 млрд солкуобай тиийиэҕэ, ол ааспыт сылтан 14 бырыһыанынан элбэх.
– Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ АПК-ын тэрилтэлэрэ санкция бүрүүкээбит кэмигэр бигэтик үлэлииллэрин хааччыйар туһунан сүбэ мунньаҕар Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 15 этиини киллэрдэ. Сүрүннэриттэн билиһиннэриэҥ дуо?
– Тирээн турар сүрүн кыһалҕабыт – сааскы ыһыы үлэтин тэрээһинэ. Ааспыт сайын улаханнык курааннаан, хортуоппуй мөлтөхтүк үүммүтэ. Онон сааскы ыһыыга сиэмэ хортуоппуй кэмчи. Хортуоппуй үүннэрэр тэриллиилээх хаһаайыстыбалар 2700 гектар иэннээх бааһынаҕа ыһалларыгар 8100 туонна сиэмэ хортуоппуй сөп буолар. Ити кээмэйтэн билигин бэйэлэригэр 4,9 тыһ. туонна сиэмэлээхтэр, ол эбэтэр 3,2 тыһ. туонна тиийбэт. Судаарыстыба бырагырааматын иһигэр ханнык салаа чорботуллуохтааҕынан саамылаан, сааскы ыһыы үлэтин тэрийии боппуруоһа быһаарылынна: 2,5 тыһ. туонна сиэмэ хортуоппуйу уонна 1 тыһ. тахса туонна минеральнай уоҕурдууну 88,7 мөл. солкуобайга атыылаһыахпыт. Илин эҥээрдээҕи уу ситимнэрин муҥутуурдук туһанарга 17,6 мөл. солк. көрүлүннэ. Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрикаҕа племенной инкубационнай сымыыты атыылаһарга 9 мөл. солк. итиэннэ Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ 4,5 тыһ. туонна бурдугу атыылаһарыгар судаарыстыба бырагырааматын үбүн суотугар, сыыйа төннөрөр усулуобуйаҕа, 114,3 мөл. солк. бэриллэр буолла. Көтөрү уонна сибиинньэни иитии салааларын уотурбанан хааччыйыыга 358,9 мөл. солк., ону тэҥэ тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ ылбыт кирэдьииттэрин бырыһыанын ставкатын сорҕотун субсидиялааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн иккис чуолкайдааһыҥҥа 200 мөл. солк. бэриллиэҕэ.
– Александр Павлович, кулун тутар 21-22 күннэригэр Ньурба улууһугар ыытыллар Сылгыһыт күнүгэр айаннаары олороҕун. Салааны сайыннарыы туһунан туох этэрдээххин?
– Түгэнинэн туһанан, сыспай сиэллээҕи сыһыы ахсын сыбыытатар хоһуун дьоммутун Сылгыһыт күнэ үүнэринэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин уонна сыралаах үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабын. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит сылгытын ахсаанынан дойдуга бастакы сылдьарыгар эһиги үтүөҕүт улаханын бэлиэтиибин. Сыл түмүгүнэн 184 тыһ. тахса сылгылаахпыт, кэлиҥҥи сылларга эбиллэ турар. Эрдэ этэн аһарбытым курдук, сылгы иитэр тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга биэ төбөтүгэр көрүллэр көмө харчыны 3 тыһыынчаҕа өрө таһаардыбыт. Итиэннэ быйылгыттан сылгы этин соҕотуопкатыгар биир киилэҕэ 60 солк. кээмэйдээх субсидияны киллэрдибит. Сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарар сыаллаах базаны тутууга быйыл 55 мөл. солк. (былырыын 30 мөл. солк. этэ) көрүлүннэ. Куонкурус хамыыһыйатын көрүүтүгэр 20 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 82 сайаапка киирбититтэн сүүмэрдээн, 18 хаһаайыстыбаҕа 3-түү мөл. солк. көмө үп ананна. Ол сэртипикээттэрин кыайыылаахтарга Ньурбаҕа Сылгыһыт күнүгэр үөрдэ-көтүтэ туттарыахпыт.
Сигэ: https://minsel.sakha.gov.ru/
Похожие новости
Политолог объяснил отмену второго «саммита мира» по Украине
В Якутске после капремонта выпучился и потрескался многоквартирный дом
В Киеве листовки – “Путин придёт – порядок наведёт”. В Одессе смелая женщина вышла за Русский мир