Yakutians.com

Новости Якутии

Албыны кытта аргыстаһымаҥ, сымыйаччыны кытта сыбыытаһымаҥ!

Эһиги болҕомтолоругар Ватсап ситимигэр эргийэ сылдьар икки суругу таһаарабыт. Биирдэрэ сымыйа, иккиһэ дьиҥнээҕэ.

Хой баһын туойуу

Бастаан сымыйата. Хайдах баарынан бэриллибит сурукка хараардыллыбыт лоскуйу өйдөөн кэбиһиҥ.

[29.06, 5:22 ДП] +7 967 624-92-71: Владимир Поскачин, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга:

    –Мин элбэх эриири-мускууру балаччча ааспыт киһибин, проблемата суох кэмҥэ проблема бэйэҕэр оҥостор, диэн саамай акаары быһыы буоларын бэркэ өйдүүбүн. Улууһунан, партиянан арахсан киирэн барабыт. Ким эрэ тугу эрэ кэлэн эттэ да, куһаҕанын ылына охсобут. Ол сиэрдээх ыраас киһини сүрдээҕин хомотор. Бу кэмнэри, Путин саҕанааҕы олоҕу-дьаһаҕаы сахалыы санаабынан боростуойдук толкуйдаатахпына, саамай сахалар үчүгэйдик олорбут кэммит. Ити ютуб нөҥүө этэллэрин истэ-истэ, хотторон эрэллэр, барыта оппозиция буолан эрэр дии саныыргыт олохтоох. Оннук. Дьиҥнээх нуучча омуга киһилэрин олус өйүүллэр да утарсыы кэлин сүрдэннэ. Биһиги итини өйдөөн туран, тэрээһиннээх дьон буолуоҕуҥ бу быыбарга түмсүүлээхпитин көрдөрүөҕүн, Ил Дархаммыт тула түмсүөҕүҥ. Айсен Сергеевич  москвалары кытта тэҥҥэ аахсара ыарахаттардаах  билигин кини этэригэр улаханнык саарбахтыыбын. Кинини бэркэ диэн билэбин – мөлтөх характердаах, өйдөөх уонна олус бытаан өйдөөх. Маннык түгэҥҥэ киһи чахчы биэбэйдиир  киһитэ. Ханнык баҕарар омукка тумус туттар киһилээх буолуохтаах. Онон кини билигин политически өттүнэн көрдөххө эдэр, үүнэн таҕыстаҕына инникитин Россияны салайар кыахтаах улахан тойон буолуо дии. Бу түгэҥҥэ биһиги уолбутун өйүөхпүтүн уонна быыбарга күүскэ конституцияны адьас Утарыахпытын наада.

Бука бары быыбарга тахсыаҕыҥ! Бука бары утарыаҕыҥ !!!

Баары баарынан этии дьиҥэ

Аны этиллибит тыллар дьиҥнээхтэрин ааҕыҥ, тэҥнээн көрүҥ, сыта- олоро толкуйдааҥ.

[29.06, 5:22 ДП] +7 967 624-92-71: 🇷🇺🇷🇺🇷🇺🇷🇺🇷🇺🇷🇺✊🇷🇺🇷🇺🇷🇺🇷🇺🇷🇺🇷🇺

🇷🇺 Владимир Поскачин, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга:

   Мин эриири-мускууру элбэхтик ааспыт киһибин, онон проблемата суох кэмҥэ проблема бэйэҕэр оҥостор диэн саамай акаары быһыы буоларын бэркэ диэн өйдүүбүн.

   Улууһунан, партиянан арахсан киирэн барабыт. Ким эрэ тугу эрэ кэлэн эттэ да, куһаҕанын ылына охсобут. Ол киһини сүрдээҕин хомотор.

   Бу кэмнэри, Путин саҕанааҕы олоҕу-дьаһаҕы сахалыы санаабынан боростуойдук толкуйдаатахпына, саамай сахалар үчүгэйдик олорбут кэммит. Ити Ютуб нөҥүө этэллэрин истэ-истэ, хотторон эрэллэр, барыта оппозиция буолан эрэр дии санаамаҥ. Оннук буолбатах.   

   Дьиҥнээх нуучча омуга киһилэрин олус өйүүллэр. Биһиги итини өйдөөн туран, тэрээһиннээх дьон буолуоҕуҥ уонна бу быыбарга түмсүүлээхпитин көрдөрүөҕүҥ, Ил Дархаммыт тула түмсүөҕүҥ.

   Айсен Сергеевичтэн ураты москвалары кытта тэҥҥэ аахсар кыахтаах киһини билигин этэргитигэр улаханнык саарбахтыыбын. Кинини бэркэ диэн билэбин – күүстээх характердаах, өйдөөх уонна түргэн өйдөөх, быһаарыылаах. Маннык түгэҥҥэ киһи харыстыыр киһитэ.

   Ханнык баҕарар омукка тумус туттар киһилээх буолуохтаах. Оннук киһинэн биһиэхэ, Үөһээ дБүлүүлэргэ, саха норуотугар биһиги бэйэбит уолбут Айсен Николаев буолар. Онон кини билигин политическай өттүнэн көрдөххө, эдэр, үүнэн таҕыстаҕына инникитин Россияны салайар кыахтаах улахан тойон буолуо дии.

   Бу түгэҥҥэ биһиги уолбутун өйүөхпүтүн наада✊‼️

28.06.2020. Үөһээ Бүлүү.

Кимнээх дьаабыларай?

Бу Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В.С. Поскачин биир дойдулаахтарыгар видео-ыҥырыытын тыллара. Онон, дьиҥэ баара, туохха суоттаммыттарын киһи өйдөөбөт. Видеоҕа уһуллубутун билбэт дьон суруйан бооччойбуттар дуу… Сирэйэ-хараҕа суох албын дьон.

Дьэ, ити кэнниттэн Төрүт сокуоҥҥа киирэр уларытыылары хайдах «хаачыстыбалаах» дьон өлө-хаала утаралларын өйдөөтүгүт дуо? Сиэр-сигили лаппа мөлтөөбүт дьоно эрэ маннык быһыыланаллар.

Бу дьон бэлитиичэскэй туруктара биллэр. Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн либэрээл-оппозиция ылар куолаһа 0,5 бырыһыан. Абаккаларыгар араас буолаллар.

Кимнээх манныгынан дьарыктаныахтарын сөбүй? Хомуньуустар дуо? Кинилэр үлэлии турар Төрүт сокуону, алҕаһаабат буоллахпына, 1993 сыллаахха утарбыттара. Бу сырыыга «ситэтэ суох уларытыылар» дииллэр уонна «систиэмэ иһинэн» сылдьар оппозиция буолалларынан, 108 уларытыыны Госдумаҕа киллэрэн тураллар. Олортон төһөтө биһирэммитин билбэппин эрээри, бука, алыс буолбатах бадахтаах. Туох да диэбит иһин, сымыйа суругу Виктор Губарев хамаандата суруйбатах буолуохтаах. Парламент баартыйата буоллаҕа.

Оччотугар кимнээхтэн маннык мөкү быһыыны кэтэһиэххэ сөбүй?

  1. «Систиэмэ иһигэр» киирбэтэх оппозициялар. Парламентскай буолбатах, «интернетовскай» баартыйалар. Интернети, социальнай ситимнэри өҥөйөн көрдөххө, туох да хара баһаам курдуктар. Дьиҥэ, дуона суохтар. Былааска, парламеҥҥа трибуналара суоҕунан, интернети миинньэн олороллор. Ол кинилэр «партийнай үлэлэрэ» буолан турар.
  2. «Сатамматах алаадьы» диэбиккэ дылы, табыллыбатах бэлиитиктэр, үүрүллүбүт чунуобунньуктар, быһата, былаастан атаҕастаммыт былааска талаһааччылар. Биллэн турар, араас «мааскалаах» уоруйахтар.
  3. «Нарцистар». Биллэ-көстө сатааччылар, ханнык баҕарар быһыыттан «хайп» хабар «талааннаахтар». Уйулҕаны үөрэтээччилэр этэллэринэн, «нарцистар» ханна баҕарар кыттыһыахтарын сөп эбит. Саамай дьиҥнээх «информационнай мясо» диэн кинилэр буолаллар. «Мин бэйэлэээҕи билиммэккэ сылдьаллар» диэн муҥун ытыы сылдьар киһиэхэ кыра наада.
  4. Өссө биир бөлөх – ЛГБТ уопсастыба.

Балартан хайаларын чопчу уорбалыаххыный эрээри, бу айылаах буораах икки, сүлүһүн икки кыттыспыт бутугаһыттан тугу баҕарар кэтэһиэххэ сөп.

Ол эрэн, саха дьоно быстах угаайыга киирэн биэриэхтэрэ суоҕа дии саныыбын. Саха омук бастыҥнарын утарыта туруортуу сатыыр дьон саха омукка хайдах сыһыаннаахтарын, саха омукка тугу баҕаралларын бүтэйдии сэрэйиэххэ сөп.

Үгүс дьон санаатын сурукка тистэ – СУР.

Поделиться
%d такие блоггеры, как: