Олунньу 4 күнүгэр СӨ Наукаларын Академиятын Президиумун мунньаҕа буолан ааспытын туһунан нууччалыы тылынан суруйан турабыт: “В гостях у академиков” (http://yakutians.com/v-gostyah-u-akademikov-chast-i-kak-nakormish-tak-i-nadoish/). Санатар буоллахха, онно сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин курдук тыын суолталаах кыһалҕаны быһаарыыга учуонайдар хайдах үлэлииллэрин туһунан дакылааты М.Г. Сафронов аатынан Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун Сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарыыга лабораториятын сүрүннүүр үлэһитэ, тыа/х наукатын кандидата Сахаяна Павлова дакылаат оҥорбута.
Онно оту (күөх маассаны) сай устата үстэ-түөртэ охсор курдук, бүрүөһүн анныгар үүннэриэххэ сөбүн туһунан этиллибитэ.
Ол курдук, холобур, Киин уонна Бүлүү улуустарыгар күөх маассаны, уһун сыллаах оту сүөһү төбөтүн элбэтэр, ыанар үүт көрдөрүүлэрин үрдэтэр курдук өлгөмнүк үүннэриэххэ сөп буоллаҕына, Хотугу эргимтэ иһинэн-таһынан сытар улуустарга ол кыаллыбат. Итиннэ учуонайдар этиилээхтэр: өр сыллаах оттору, күөх маассаны бүрүөһүннээх сиргэ үүннэриэххэ сөп. Судургутук эттэххэ, “теплицаҕа” майгынныыр чэчпчэки конструкциялар анныларыгар.
Биллэн турар, манан бөдөҥ хаһаайыстыбалар, ол эбэтэр, үүтү бырамыысыланнас таһымынан ыырга суоттанар хаһаайыстыбалар дьарыктаныахтарын сөп. Табаарынай бородууксуйа оҥорооччулар – хаһан эрэ “молочно-товарная ферма” диэн өйдөбүл баара.
Холобур, 1 гектар иэннээх, ол аата 100м х 100м оннук тутуу төһө сыанаҕа турара эбитэ буолла?
Дакылаакка этиллибитинэн, холобур, рапс үүнүүтэ гектартан 20-25 т, амаранта үүнүүтэ 25 т эбит. Бу Киин улуустар аһаҕас халлаан анныгар сытар хонууларыгар. Оттон “теплицаттан” сайын устата түөрт үүнүүнү ыллахха, бу 1 гектардаах “бүрүөһүннээх ходуһа” 4 гектардаах аһаҕас бааһынаны солбуйар.
Дьэ, мантан инньэ үүт субсидиятын норуоттар икки ардыларынааҕы ирдэбиллэргэ эппиэттиир тэрээһиннээх бөдөҥ хаһаайыстыбалар эрэ ылар буолуохтара. Олох хаамыыта оннук. Туох да диэбит иһин, оннук хаһаайыстыбалар сиилэс, сенаж курдук аһылыга суох сатамматтара биллэр.
Бу туһунан ТХНЧИ дириэктэрэ, РАН чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, биология билимин доктора Л.Н. Владимировы кытта соһуччу соҕус, этэргэ дылы, экспромт быһыытынан барбыт кэпсэтиини көрүҥ.
Источник: https://www.youtube.com/channel/UCiCF9NKJJ4o4BZLOhS3QupQ
Похожие новости
Нэһилиэктэр уонна “олигарх” Ил Дархан
САҤА КИНИГЭ ТУҺУНАН ТУС САНАА
Дьахтар аналын туһунан өссө биирдэ…