Бу Орто туруу дойдуга куттал диэн баар – олох оҥкулун тутааччы. Үтүө санаа, таптал, ытыктабыллаах сыһыан диэн өйдөбүллэр эмиэ бааллар эрээри, куттал саҕа бэрээдэги көдьүүстээхтик көрөр “духуобунай надсмотрщик” суох.
Сэбиэскэй сойуус, Арассыыйа мэлдьи “үтүө сыһыаннаһыы” оҥкулун тутуһан буорайбыт судаарыстыбалар.
Аҕа дойду улуу сэриитигэр Сэбиэскэй сойуус оккупацияҕа түбэспит сиригэр-уотугар 13 684 700 оҕону-дьахтары, соххору-доҕолоҥу, быһата, саллаакка хабыллыбатах дьонун сүтэрбитэ. Мантан 7 420 400 киһини фашистар сыал-сорук оҥостон туран кыргыбыттара (преднамеренное истребление) биллэр. Көр кэриэтэ оҥостон. Бу Нюрнберг суута дакаастаабытынан. Дьэ, “цивилизованнай барахсаттар”!
Онтон баара-суоҕа сэттэ уон сыл – уоп курдук орто киһи олоҕун уһуна кэм ааста.
Ити кэмҥэ өйдөрө-санаалара олус наһаа “сайдыбытын” саарбахтыыбын.
Билигин Аан дойду иккис сэриитин Сэбиэскэй сойуус саҕалаабыта диэн дакаастыы сатыыллар, ньиэмэс дьахталлара “нуучча саллааттарын”, ол аата биһиги аҕаларбыт-эһэлэрбит күүһүлээһиннэриттэн үллэр үйэлэргэ иэдэйбиттэрин туһунан суланаллар. Ким туга кыһыйарынан буоллаҕа…
“Сэриигэ саамай сүрүн алҕаһынан үтүө санаанан салайтарыы буолар”, – диэн хаһан эрэ биир өйдөөх киһи суруйбутун аахпыттаахпын. Сэбиэскэй сэриилэр Германияҕа кинилэр курдук дьаабыламмыттара, Европаны “угунньулара тахсыар дылы тэпсибиттэрэ” буоллар, бука, Арассыыйа саҕа убаастанар дойду суох буолуо этэ.
Германия баар да буолуо биллибэт этэ – “союзниктар” бу дойдуну “аан дойду каартатыттан суох оҥоруохха” диэн этиилэрин Сталин кырдьаҕас өйөөбүтэ буоллар. Ону туруорсубута да буоллар, ким утарыа этэй ол саҕана?
Онон Европа сорох дойдулара күн бүгүн чыып-чаап диэн олороллоругар Сэбиэскэй сойууска махтаныах тустаах этилэр да, ол суох. Тоҕо? Үтүө санааны мөлтөх быһыы курдук көрөллөр.
Бу өттүнэн американецтар маладьыастар диэххэ наада. Кинилэр дойду бөҕөнү урусхаллаабыттарын тухары, наар кыра-хара дьон куттарын тоһутарга үлэлииллэр. “Стокгольмский синдром” диэн баар – террористар илиилэригэр киирбит дьон тыыннарын былдьаһан бандьыыттарга албыннаһар, кинилэр диэки буолар майгылара. Ол эбэтэр, американецтар бастаан социальнай суолталаах – уунан, сылааһынан, электричествонан, гааһынан хааччыйар эбийиэктэри, онтон балыыһалары, оскуолалары суох оҥороллор. Кыра-хара дьон тулуйа сатаан баран бэйэлэрин былаастарыгар: “Утарылаһымаҥ, бэриниҥ, биһиги иэдэйдибит” диэн туруорсалларын ситиһэ сатыыллар. Тоҕо “дэмэкирээтийэ” диэни өрө туталларын өйдөөтүгүт дуо? Эбэтэр Европаҕа тоҕо “Красавица и Чудовище” курдук остуоруйалар үөскээбиттэрин?
Былыр былыргыттан ханнык баҕарар дойдуга сэрииһиттэринэн аристократтар буолаллара. Этэргэ дылы, “сүтэрэрдээх дьон”. Оттон “сүтэрэрэ суох” кыра дьон кимиэхэ да түһээн төлүүллэрэ, ким да кинилэри “иэннэрин хастыыра” биир буоллаҕа. Ордук хас хардыы аайы тус-туһунан герцогстволарга, графстволарга арахсыбыт Европаҕа оннук этэ. Бэйэлэрин тойонноро дуу, эбэтэр субу, аҕыйах килэмиэтир тэйиччи сиргэ олорор граф дуу, кинилэри бас билэрэ, дьиҥэ, син биир буоллаҕа. Ол курдук, Наполеон Арассыыйаҕа сэриинэн киирэн баран, бааһынайдар кинилэри утары “атырдьаҕынан” сэриилэһэллэриттэн улаханнык саллыбытын туһунан сурайаллар: сэрии быраабылатын тутуспаттар диэн үҥсэргиирэ үһү.
Европаҕа ол суох эбит. Арай сэбиэскэй киинэлэргэ баай батталын утарбыт бааһынайдар атырдьахтаах-сүллүгэстээх сүүрэ сылдьар буолаллар. “Мировой өрөбөлүүссүйэ” аҕытаассыйата. Французтар “норуодунай” дьоруойдара Жанна д, Арк “баай бааһынайтан” төрүттээх диэн буолар даҕаны, сэрии сэбин туттарынан, атынан сүүрдэринэн, аристократия эрэ оонньуур оонньууларыгар маастарыстыбатынан Карл VII хоруолу салыннарбыта биллэр. XV үйэҕэ бааһынай кыыс оҕото “батаһынан оонньуу” сылдьарын өйгүтүгэр оҥорон көрөҕүт дуо? Бурдук быспакка, сибиинньэ манаабакка?
Эс, норуоттары баһааҕырдар диэн баар дуо! Кырдьыга оннук. Холобур, 1968 с. Чехословакия айдаанын туһунан ханнык эрэ аэродромы харабыллаабыт эписиэр ахтыыта баара. Олохтоох былаастар барытын сабан кэбиспиттэр, сэбиэскэйдэргэ уу да суох, ас-үөл, уот-күөс да суох. Аэродром иһигэр түүн буолла да ыччаттар матасыыкылынан сүүрдэн киирэн “көөчөөн көрүн” тардаллар эбит. Ол сылдьан, бу муҥнаахтар, сэбиэскэйдэри ГДР саллааттара – ньиэмэс этэрээтэ солбуйбутун билбэккэ хаалбыттар. Ол түүн матасыыкыллаах ыччаттары биирдэ “ахтунг!” диэн сэрэппитэ буолан баран, пулемет уочаратынан “сотон” кэбиспиттэр. Сарсыарда икки уол өлүгүн чехтэр үҥэн-сүктэн көҥүллэтэн, сөһүргэстээбитинэн сүүрэн киирэн ылбыттар. Бырачыас кэлиэ дуо! Уу, электричество уонна да атын уот-күөс тута холбоммут, “баһаалыста, бырастыы, герр тойон” буола түспүт. Хадаардаһыы да суох, ньылаҥнаһар соло да суох – барытын сүгэнэн быһыта охсуолаабыт курдук “олоххо киллэрии” саҕаламмыт. Дьэ, бу буолар “бэрээдэги олохтооһун” диэн.
Онон ньиэмэстэри, биир эмэ сэриини кыайбыттара буоллар, баҕар, ытыктыахха сөп этэ – “победителей не судят”. Ону баара биир да сэриини кыайбатах муҥнаахтар. Ол эбэтэр, көбүс-көннөрү маассабай өлөрүөхсүттэр эрэ буолан тахсаллар.
Арассыыйа “бэрээдэги олохтуу” үөрэниэр диэри “цивилизованнай норуоттар” убаастабылларын ылыа суоҕа. Бэлиитикэҕэ – син биир күннээҕи олоххо курдук. Холобур, ханнык да куолуһут аатырбыт бандьыыты, холобур, туспа сокуон “түөкүнүн” (вор в законе) үөхсүө суоҕа. Ол оннугар, сыыр намыһахтыы диэххэ дуу, былаас бэрэстэбиитэллэрин, ил дархантан саҕалаан дойду бэрэсидьиэнигэр тиийэ, туох баҕарар диэҕэ. Дьэ, билигин туох эрэ сокуон баар буолла быһыылаах, ол даҕаны харсыттан тахсыбыт киһи улаханнык куттаммат накаастабыла буолуо. Оттон бандьыыттар бириигэбэрдэрэ суһал уонна хабыр, бэйэлэрэ чугастар – мыык да диэбэккэ хаалыаххын сөп.
Арассыыйа билиҥҥи салалтата ону өйдөөбүтүн Украинаҕа буола турар байыаннай эпэрээссийэ туоһулуур. Путин, кини оҕо эрдэҕинэ “уулусса быраабылата” хайдаҕын быһаарбыта эбээт: “Бей первым, иначе…”
Билигин “хапытаал диктатурата” сабардаан турар. Пролетариат диэн, этэргэ дылы, кылаас быһыытынан эстибитэ ыраатта. “Хапытаал 100 бырыһыан барыс иһин туох баар киһилии сиэри тэпсэр, оттон 300 бырыһыан барыс иһин, ыйанарга сууттаныа да буоллар, ханнык да сокуону кэһэри кэрэйбэт”, – диэн ким эттэ этэй? Сорох Карл Маркс диир, сорох атын киһи диир.
Дьэ, ол баҕас чахчы – кулуттарынан эргинии, дойдулары холуонньалааһын саҕаттан, Сирияны, Ливияны, Ирагы, Югославияны буомбалааһыҥҥа тиийэ тыһыынча төгүл дакаастаммыт суол.
Күн бүгүн Украинанан сирэйдээн, Арассыыйаны утары “Арҕаа халлаан абааһылара” бары сэриилэһэллэр. Атын европеецтар, поляк буоллун, француз буоллун, нууччалары утары өлөр-тиллэр икки ардынан сэриилэһиэхтэрэ суоҕа. “Өйдөрө” бэрт! Информационнай сэриини төһө баҕарар ыытыахтара, тыл уҥуоҕа суох, оттон уоттаах сэриигэ киирсээччи, бука, ахсааннаах буолуо. Онуоха эбии, украиналар курдук акаарылар баалларына тоҕо да өлө оонньуохтарай.
Онуоха эбии биири өйдүүллэр: нууччалар кинилэри кытта “эн-мин” дэһэн ылахтаһыахтара суоҕа – үйэлэргэ аймахтаспыт украинецтар буолбатахтар. Атын буомбалары, атын уохтаах ракеталары туттуохтара.
Кэлиҥҥи кэмҥэ Арассыыйа салалтата кытаанах соҕустук тыллаһар буолан эрэр. Холобур, Калининградка барар таһаҕаһы бохсубут Литва туһунан этилиннэ эбээт: блокаданы устар туһугар күүскэ сэрэтиэххэ, быһата, сааныахха наада. Кураанах тылынан буолбакка, уҥуохтаах-силиилээх соҕустук. Оттон дьокутаат Журавлев эттэ: “Литваларга үчүгэйдик быһаарыахха уонна “оройго биэриэххэ” (дать по морде)! Үчүгэйэ, тугу да быһаара сатаабакка, тута “оройго биэриэххэ”. Тык-мык туттубакка.
Дьэ, оннугу өйдүөхтэрэ. “Оонньоһуу” бүттэҕинэ, толкуйдуу-толкуйдуу “чыып” диир буолуохтара. Тоҕо диэтэххэ, “Стокгольм синдрома” – европеецтар кэптэрэ.
Суолласта, сурукка суулуу тутта – СУР.
Похожие новости
Пошли последние сутки Космической недели…
Саха судаарыстыбаннаһа уонна кэриэйдэр
В России решили проверить жертв советских политических репрессий