Бу өрөбүллэргэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Иосиф Владимирович Васильев СР ОДьКХ ГУП кылаабынай инженер солбуйааччытынаан Емельянов Павел Павловичтыын Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр рабочай сырыынан баран кэллилэр.
Манна СР ОДьКХ Анаабырдааҕы филиалын өрөмүөн үлэлэригэр бырагырааматын уонна ПАКУ-4 хочуолунай миэстэтигэр көстүбүт кыһалҕаларын көрөн техническэй өттүн быһаардылар. Итини сэргэ Үрүҥ Хайатааҕы учаастак үлэһиттэрин кыһалҕалаах мунаарар ыйыытыыларыгар эппиэттээтилэр, баҕа санааларын иһиттилэр. Павел Павлович оҕо спортивнай оскуолатын итиитин ситимин холбооһунун быһаарыах буолла.
Салгыы баһылык бастакы солбуйааччыта сэлиэнньэ үөрэҕин тэрилтэлэригэр ыытыллар өрөмүөн үлэлэрин хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Иосиф Владимирович этэринэн: “Баран көрдүбүт, бэрэбиэркэлээтибит. Аныгыскы нэдиэлэҕэ орто оскуола кылаастарыгар уонна уһуйаан бөлөхтөрүгэр уруккуну саҥардан, саҥа светодиоднай уотунан сырдатыахтара. Билиҥҥи кэмҥэ оройуон дьаһалтатынан бу үөрэх тэрилтэлэригэр хапытаалынай өрөмүөн үлэтигэр бэлэмнэнии ыытыллар. Ол эбэтэр, биһиги сүрүн сыалбытынан үүнэр көлүөнэбит үчүгэй усулуобуйаҕа үөрэниэхтээх. Итини сэргэ оскуола уонна уһуйаан биэс сыллаах сайдыытын бырагырааматын бэлэмнииллэригэр эттим. Салгыы бу сылга матырыйаалынай өттүн хааччыйыыны саҕалыахпыт, миэбэллэр, араас мал-сал саҥа ирдэбилгэ эппиэттииллэрин курдук. Аны Үрүҥ Хайа уонна улуус дьаһалталарын холбуу бырайыакпыт – үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэрин уопсай дьиэнэн итиэннэ Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтин аҕам саастаах дьоннорун олорор дьиэнэн хааччыйыыбыт үлэлэрэ хайдах бара туралларын хонтуруоллаатыбыт. Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүнэн тутуулар бэдэрээтчиттэригэр тэтимнээхтик үлэлииллэригэр уонна көрсөр кыһалҕаларын суруйан биэрэллэригэр эттим. Бу сылга ити дьиэлэр хайаан да киириэхтээхэтэр диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтим».
Похожие новости
Зачем в России предложено создать «резервации и анклавы для мигрантов»
В Якутии начинается битва за стратегическое предприятие
Диаспорам в России всё мало. Теперь хотят свою армию: Поднимается “государство в государстве” – уже не шутки