Кулун тутар 22 күнүгэр, Профсоюз дьиэтигэр киэһэ 7 чаастан улуус баһылыга Владимир Семенович Поскачин Дьокуускай куоракка олорор Үөһээ Бүлүүлэри кытта куорат баһылыгын быыбарын тула көрсөн кэпсэттэ.
⠀⠀Үөһээ Бүлүүлэр мэлдьи буоларын курдук, улууспут Аҕа баһылыгын ыҥырыытын тула тэтимнээхтик түмсэн, биир дойдулаахпыт, бэйэбит Уолбут, Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич, куорат Аҕа баһылыгын быыбарыгар туруорбут Евгений Григорьевын, Өйүүрбүт хайаан да наада.
⠀⠀Эһиилги Олоҥхо ыһыаҕар куорат дьаһалтата улахан партнербут буоларын санатабыт🙌🏼.
⠀⠀Улууспут түмсүүлээҕин көрдөрүөххэ! Улууспут үөрүүтэ – барыбыт үөрүүтэ!
Похожие новости
В Якутский горсуд снова поступило уголовное дело в отношении экс-работника мэрии
Кому доверят пистолет: Дефицит кадров в МВД решат с помощью мигрантов и дебоширов
В верховьях Амги будут рубить 100 тысяч кубов леса ежегодно. Якутяне проголосовали за мораторий